Ааспыт өрөбүллэргэ Красноярскайга “Иван Ярыгин” үбүлүөйдээх ХХХ турнира түмүктэннэ.
“Иван Ярыгин” турнир саҕаланыан аҕай иннинэ – Арассыыйа хамаандатын сүүмэрдиир хапсыһыылара ыытыллыбыта.
Саха сирин хамаандатын бастыҥ бөҕөһө, Арассыыйа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин боруонса призёра Арыйаан Тютрин Кабарда-Балкария бөҕөһө Амирхан Гуважоковка 2:7 ахсаанынан кыайтаран кэбиспитэ. Гуважоков бу иннинээҕи Дмитрий Миндиашвили аатынан Тустуу академиятын бирииһин финалыгар Тютрины кытта туста тахсыбатаҕа. Быраас устубут диэн буолбута.
Тютрин Гуважоковка кыайтарыыта олус кыһыылаах. Арыйаан биир саамай эрэнэр, тумус туттар бөҕөспүт буоллаҕа. Арассыыйа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтигэр саха тустууктарыттан кини эрэ мэтээллээх эргиллибитэ.
“Дмитрий Миндиашвили” турнирга (ити күрэхтэһии туһунан ааспыт нүөмэргэ суруйбуппут) боруонса мэтээллэммит Семен Владимиров (61 кг) эмиэ сүүмэрдиир хапсыһыыга Арассыыйа чөмпүйүөнэ (2018) Магомедрасул Идрисовка 1:5 ахсаанынан кыайтарбыта. Бу ыйааһыҥҥа тустубут Чурапчы институтун устудьуона, Бүлүүттэн төрүттээх Эдуард Григорьев (61 кг) “Миндиашвили” финалыгар Тыва бөҕөһө Майдыр Донгагы 6:1 ахсаанынан баһыйа туппута. Сүүмэрдиир хапсыһыыга эмиэ кинини кытта көрсүбүтэ уонна 11:0 ахсаанынан кыайбыта.
Хомойуох иһин, сүүмэрдиир хапсыһыыларга кыайтарбыт Арыйаан Тютрин (57 кг) уонна Семен Владимиров (61 кг) “Иван Ярыгин” аан дойдутааҕы турнир кыттааччыларынан ааҕыллыбаттар. Тоҕо диэтэххэ – ити Арассыыйа “ис дьыалата”, тириэньэрдэр бастыҥтан бастыҥнары сүрүн турнирга сүүмэрдээһиннэрэ. Онон ити хапсыһыылара “Иван Ярыгин” турнир сүрүн сиэккэтигэр, боротокуолга киллэриллибэт. Атына буоллар, Семен Владимиров (61 кг) финалга тахсыбыт Магомедрасул Идрисовка кыайтарбыт киһи быһыытынан, “уоскулаҥҥа” тустуо, боруонса мэтээл иһин киирсэр кыахтаныа этэ буоллаҕа.
Онон бу улахан түһүлгэҕэ икки саха бөҕөһө кытынна – сүүмэрдиир хапсыһыыны ааспыт Эдуард Григорьев (61 кг) уонна былырыыҥҥыттан ыла Румыния успуорка чиэһин көмүскүүр, эдэрдэргэ аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призёра, Сунтаар Кириэстээҕиттэн төрүттээх Николай Охлопков.
Турнир сүрүн сиэккэтигэр киирэн баран, Эдуард Григорьев эмиэ наар кимиилээх тустууну көрдөрдө. Ол курдук, Куба бөҕөһө Алейньер Эрнандеһы 10:0 ахсаанынан күппүлүү ыыппыта. Аныгыскы эргииргэ утарылаһааччыта – киппэ көрүҥнээх, тыга сылдьар быччыҥнардаах, үс ый анараа өттүгэр Венгрияҕа ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призёра Джо Колон (АХШ). Эдуард Григорьев Эмиэрикэ бөҕөһүн көрүҥүттэн, аатыттан-суолуттан иҥнэн-толлон турбакка, эмиэ кимиилээхтик, дьулурҕатык тустубута. Биир түгэҥҥэ Джо Колон кинини “хара күүспүнэн да кыайыам” диэбиттии, туран эрэ мадьыктаһан эрдэҕинэ, Эдуард, кууһан ылаат, быраҕан кууһуннарбыта көрөргө үчүгэйэ бэрдэ. Ити быраҕыыны судьуйалар түөрт баалга сыаналаабыттара.
Оттон Сунтаар Кириэстээҕиттэн төрүттээх Николай Охлопков, этэн аһарбыппыт курдук, Румыния успуорка чиэһин көмүскүүр. Онон сүүмэрдээһини эҥин ааспакка туһунна. Кини утарылаһааччыларын барыллаан хапсыһыыларга күппүлүү ыыталаабыта. Ол курдук, Туркмения бөҕөһө Мират Ходжанепесовы 10:0, Монголия бөҕөһө Чинзориг Цэрмааны 12:2 ахсаанынан баһыйа тутаттаабыта.
Ити кэнниттэн Эдуард Григорьев уонна Николай Охлопков, биир сиэккэҕэ баар буолан, финал аҥаарыгар бэйэ-бэйэлэрин кытта тустубуттара. Бу хапсыһыы иннинэ Саха сирин ыалдьааччыларын ортотугар кэпсэтии-ипсэтии бөҕөтө күөдьүйбүтэ. Үгүстэр: “Николай Охлопковка ити хапсыһыы тугу да быһаарбат, кини, сүрүннээн, Европа чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнэ сылдьар. Оттон Эдуард Григорьевка бу хапсыһыы улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, кини кулун тутар ортотугар Дьокуускайга ыытыллар аан дойду Куубагар Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар бигэтик киириэн наада. “Иван Ярыгин” турнирын финалыгар тустубут бөҕөс дойду хамаандатыгар холкутук киириэ этэ”, – диэн санааны эппиттэрэ. “Николай Охлопков биир дойдулааҕын кытта хайдах тустарын Румыния тириэньэрдэрэ кыраҕытык кэтииллэр, онон соруйан кыайтарара табыллыбат”, – диэччилэр эмиэ бааллара.
Бу хапсыһыыга Николай Охлопков Эдуард Григорьевы 12:5 ахсаанынан кыайбыта.
– Биир дойдулааҕым Эдуард Григорьевы кытта хапсыһыам иннинэ араас сурах-садьык миэхэ да тиийбитэ, – диэбитэ Николай Охлопков суруналыыстарга. – Мин итинтэн олус хомойбутум. Хапсыһыы иннинэ миэхэ ким даҕаны, туох даҕаны диэн этии киллэрбэтэҕэ, модьуйбатаҕа. Онон ити -- олох сымыйа сурах-садьык. Эдуард күүстээх бөҕөс, ону боруонса мэтээлинэн дакаастаата.
Эдуард Григорьев боруонса мэтээл иһин Монголия бөҕөһө Цэрмаа Чанзоригы кытта тустубута. Бу бөҕөһү “Миндиашвили” турнирын барыллаан хапсыһыытыгар кыайбыта. Бу да сырыыга холкутук 5:0 ахсаанынан баһыйа туппута.
Николай Охлопков бу ыйааһын (61 кг) финалыгар Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Дагестан бөҕөһө Магомедрасул Идрисовы кытта тустубута.
Магомедрасул Идрисов олус күүстээх бөҕөс, инникитин кини аата туох да саарбаҕа суох доргуччу ааттаныаҕа. Арассыыйа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин финалыгар бэркэ билэр бөҕөспүт Исмаил Мусукаев (Дагестан) Магомедрасул Идрисовы кытта күөн көрсүбүтэ. Мусукаев харса суох түһүөлүү сатаабыта да, Идрисов туох да дьиэгэ суох көмүскэммитэ, хардары кимиилээх хамсаныылары оҥорон наадалаах бааллары ылбыта. Онон киппэ көрүҥнээх Магомедрасул Идрисовы күрбэ тааска холуохха сөп. Николай Охопков киниэхэ былырыын иккитэ кыайтарбыта. Бу да сырыыга Идрисов эмиэ кыайда (7:0).
Онон саха бөҕөстөрө икки мэтээллэннилэр – кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс. Олимпиада саҥа сыыкылыгар ити — улахан ситиһии. Икки сыл анараа өттүгэр Виктор Рассадин боруонса мэтээлинэн дуоһуйбуппут, оттон былырыын олох да ытыс соттубуппут (биир да бөҕөспүт “Иван Ярыгин” турнирга кыттыбатаҕа).
Бу турнирга кыттарга кытаанах сүүмэрдээһини ааспыт Арассыыйа хамаандата уон чөмпүйүөннэннэ. Ол аата бары ыйааһыҥҥа барытыгар бастаатылар. Омук дойдуларын хамаандаларыттан Турцияны чорбото тутуохха сөп. Бу дойду үс бөҕөһө финалга тахсыбыта. Арассыыйа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа Анзор Хизриев олус соһуччу аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ (2014, 2015), Рио-де-Жанейро Олимпиадатын кыайыылааҕа Таха Акгюлу кыайан кэбиспитэ.
Билигин дьиэбитигэр-уоппутугар ыытыллыахтаах (кулун тутар 15-18 күннэригэр) аан дойду Куубагын кэтэһэбит. Маннык улахан түһүлгэ Саха сиригэр аан маҥнай ыытыллар. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар саха бөҕөстөрө киириэхтэрин сөп. Эрэл син биир баар. “Иван Ярыгин” турнир бастыҥнарыттан Европа чөмпүйэнээтигэр кыттыахтаах хамаанда сүүмэрдэнэр буоллаҕына, аан дойду Куубагар кыттар састаапка эдэр, дьоҕурдаах бөҕөстөрү тургутан көрүөхтэрин сөп.
Федор РАХЛЕЕВ.
“Иван Ярыгин” турнир кыайыылаахтара уонна призёрдара
57 кг (12 кыттааччы): 1 – Муслим Садулаев; 2 – Абасгаджи Магомедов (иккиэн – Арассыыйа); 3 – Насанбуян Нармандах (Монголия) уонна Томас Гилман (АХШ).
61 кг (13 кыттааччы): 1 – Магомедрасул Идрисов (Арассыыйа); 2 – Николай Охлопков (Румыния); 3 – Эдуард Григорьев уонна Рамазан Ферзалиев (иккиэн – Арассыыйа).
65 кг (12 кыттааччы): 1 – Ахмед Чакаев; 2 – Начын Куулар (иккиэн – Арассыыйа); 3 – Гаджимурад Рашидов уонна Батчулуун Батмагнай (Монголия).
70 кг (12 кыттааччы): 1 – Магомедрасул Газимагомедов (Арассыыйа); 2 – Мандахнаран Ганзориг (Монголия); 3 –Бямбадорж Энхбаяр (Монголия) уонна Разамбек Жамалов (Арассыыйа).
74 кг (13 кыттааччы): 1 – Заурбек Сидаков (Арассыыйа); 2 – Якуп Гор (Турция); 3 – Азамат Нуриков (Белоруссия) уонна Магомед Курбаналиев (Арассыыйа).
79 кг (6 кыттааччы): 1 – Ахмед Гаджимагомедов; 2 – Магомед Рамазанов (иккиэн – Арассыыйа); 3 – Алекс Дерингер (АХШ) уонна Алан Засеев (Арассыыйа).
86 кг (13 кыттааччы): 1 – Даурен Куруглиев (Арассыыйа); 2 – Фатих Эрдин (Турция); 3 – Уйтумэн Оргодол (Монголия) уонна Владислав Валиев (Арассыыйа).
92 кг (5 кыттааччы): 1 – Магомед Курбанов; 2 – Батырбек Цакулов (иккиэн – Арассыыйа); 3 – Баасанцогт Элзисайхан (Монголия).
97 кг (11 кыттааччы): 1 – Шамиль Мусаев (Арассыыйа); 2 – Александр Гуштын (Белоруссия); 3 – Баки Сахин (Турция) уонна Игорь Овсянников (Арассыыйа).
125 кг (6 кыттааччы): 1 – Анзор Хизриев (Арассыыйа); 2 – Таха Акгюль (Турция); 3 – Зелимхан Хизриев (Арассыыйа).
XXI үйэҕэ “Иван Ярыгин” турнирдар финалларыгар тахсыбыт саха бөҕөстөрө
Сыл |
Бөҕөс аата |
Кг |
Мэтээл |
2002 |
Александр КОНТОЕВ |
54 кг |
Кыһыл көмүс |
2005 |
Александр КОНТОЕВ |
55 кг |
Кыһыл көмүс |
2009 |
Виктор ЛЕБЕДЕВ |
55 кг |
Үрүҥ көмүс |
Екатерина МЕЛЬНИКОВА |
63 кг |
Үрүҥ көмүс |
|
2014 |
Владимир ФЛЕГОНТОВ |
57 кг |
Үрүҥ көмүс |
2015 |
Виктор ЛЕБЕДЕВ |
57 кг |
Кыһыл көмүс |
2016 |
Ньургун СКРЯБИН |
61 кг |
Кыһыл көмүс |
2019 |
Николай ОХЛОПКОВ |
61 кг |
Үрүҥ көмүс |