Киир

Киир

Саха сирин үрдүнэн VIII-с Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын спортивнай оонньууларын кыттыылаахтарын хомуурдара түмүктэннэ. Бу сыл саҕаланыаҕыттан успуорт 15 көрүҥэр 23 күрэхтэһии ыытыллыбыта, манна Саха сирин бары оройуоннарыттан 3000-н тахса спортсмен кыттыыны ылбыта.

«Биһиэхэ, тыйыс төрөөбүт айылҕабытын кытта дьүөрэлэһэн олорор дьоҥҥо, духуобунай уонна эт-сиин чөл туруга дьүөрэлэһэрэ улахан суолталаах. Үбүлүөйдээх 2022 с. биир улахан тэрээһининэн Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр VIII-с Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын спортивнай оонньуулара буолар», - диэн эрэгийиэммит бас-көс киһитэ Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээн, этэн турардаах.

Күрэхтэһиигэ элбэх путевканы ылбыт хомуур хамаандалаахтарынан Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустара, Дьокуускай куорат уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ буоллулар.

Оонньуулары түмүктүүр чааска (финалга) Саха сирин ааттаах-суоллаах спортсменнара кыттыахтара. Ол курдук, көҥүл тустуу көбүөрүгэр Виктор Рассадин, Арыйаан Тютрин, Владимир Егоров уонна Герман Устинов тахсыахтара. Оттон чэпчэки атлетика стайерскай дистанцияларыгар Сардаана Трофимова, Наталья Леонтьева уонна даҕаны атын биллиилээх сүүрүктэр кыттыахтара.

VIII-с Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын спортивнай оонньуулара от ыйын 4 күнүттэн 9 күнүгэр диэри, Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр ыытыллыахтаах. Кыттааччылар 16 успуорт көрүҥэр кыттыахтара – аэробикаҕа, 3х3 баскетболга, волейболга, мини-футболга, чэпчэки атлетикаҕа, остуол тенниһигэр, спортивнай тустууга, дуобакка, саахымакка, оҕунан ытыыга, буулдьанан ытыыга, спортиҥҥа, боксаҕа, гирянан успуорт көрүҥэр, ГТО многоборьетыгар уонна доруобуйаларынан хааччахтаахтарга успуорт араас көрүҥнэригэр.

ГТО многоборьетын күрэхтэрэ талыллыыта суох Оонньуулары түмүктүүр чааска (финалга) ыытыллыахтара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын Ил Дарханын пресс-сулууспата сырдатыытыттан

Бүтэһик сонуннар