Быйыл тохсунньуга Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин кэмитиэттэрин сабыылаах, ол аата кистэлэҥ мунньахтарыгар 1990 с. АХШ уонна ССРС икки ардыгар түһэрсиллибит "Шеварднадзе – Бейкер сөбүлэһиилэрэ” диэн ааттанар икки дойду муоранан кыраныыссаларын араарар дуогабары көтүрэр туһунан боппуруоһу көрбүттэрэ. Бу сөбүлэһиини билигин дойду интэриэһин таҥнарыы диэн эрэллэр.
Находкин эспэдииссийэтэ
Ити сөбүлэһиинэн билигин Новосибирскай архипелаг састаабыгар сылдьар Де Лонг кыра арыыларын бөлөҕө диэн ааттанар арыылартан Генриетта, Беннет арыылара Арассыыйаҕа бэриллэн, Саха сирин састаабыгар киирбиттэрэ. Онон сөбүлэһии көтүрүлүннэҕинэ, Эмиэрикэни кытта сир былдьаһан туруохпутун сөп.
Аҕыйах хонуктааҕыта биология билимин хандьыдаата, РФ бочуоттаах полярнига, Арассыыйа Быыһааччыларын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Н.А. Находкины көрсө түспүппэр киһим бэрт дьикти айаҥҥа турунан эрэрин кэпсээтэ:
– Быйыл мотуордаах “Кочевник” диэн катамаранынан от ыйын 25 күнүгэр Дьокуускайтан Тиксиигэ, онтон Беннет арыытыгар эспэдииссийэ тэрийэн, аҕыс буолан барыахтаахпыт. Бары идэтийбит быыһааччылар, 2016 с. “Тымныы полюһа акыйааннары ситимниир” диэн Нуучча географическай уопсастыбатын бириэмийэтин лауреата буолбут эспэдииссийэ кыттыылаахтара. Быйылгы эспэдииссийэ Нуучча полярнай эспэдииссийэтин 120 сылыгар уонна Арассыыйа ЫБМ төрүттэммитэ 30 сылыгар ананар. Арыыга кэлим научнай чинчийиини ыытар баҕалаахпыт. Бу иччитэх арыыга сылдьыбыт дьон ахсаана космонавтардааҕар аҕыйах. Арыы аттыгар Хотугу Муустаах акыйаан биир дьиктитэ – уу анныгар тыыннаах булкаан баара, 1980 с. куосумастан түһэриллибит хаартыскаҕа көстүбүтэ. Буруота Канадаҕа тиийэ барар эбит. Ити – Саха сирин соҕотох булкаана... Былыргы айанньыттар, чинчийээччилэр Яков Санников, Э.Толль уонна Анжу Олгуйдаах арыытыттан Беннет диэки хайалары көрбүппүт дииллэрэ. Баҕар, ол ити булкаан буруота буолуон эмиэ сөп. Булкааны үөрэтэр хайаан да наада. Биллэрин курдук, глобальнай ирии саҕаланан, мууһа аҕыйаан Хотугу муора суола күүскэ үлэлиэхтээх. Муора муустаах буоллаҕына эрэ, долгуну таһаарбат. Беннет тула от уонна атырдьах ыйдарыгар мууһа барыта ирэр. Арай бу түгэҥҥэ булкаан эһиннэҕинэ, улахан цунами үөскээн, туундараҕа олорор хотугу бөһүөлэктэр ууга барар кутталлаахтар. Биһиги сир хамсааһынын билэр сейсмодатчик туруоруохтаахпыт. Ону таһынан устубут дааннайын сир аргыһыгар биэрэр аптамаат метеостанция Темп уонна Тиксии аэропортарыгар хоту халлаан туруга хайдаҕын билэргэ улахан туһалаах буолуо. Бу сир атын дьиктитэ, мантан чугас “Великая Сибирская полынья” диэн хаһан да тоҥмот, өссө аан дойдуну сойутар “мууһу оҥорор баабырыка” диэн ааттанар акыйаан өйүмүтэ баар. Манна, быһыыта, акыйаан анныгар сир хайдыбытынан тахсар итии уу тымныы ууну сылытан уу үүнээйилэрэ, харамайдара, көтөр баһаардара үөскүүллэригэр сөптөөх ураты усулуобуйата үөскээбит. Биһиги таарыччы уу, муус анаалыстарын ылыахпыт.
Беннет арыытыгар 50-с сыллар ортолоругар биология билимин дуоктара С.М. Успенскай үлэлээбитэ. Ол кэннэ кэлим чинчийии ыытыллыбатаҕа. Манна улахан көтөр баһаардара, балык улахан саппааһа баара сабаҕаланар. Онон 70 сыл устата киһи сылдьыбатах арыытыгар баран үлэлииргэ улахан интэриэстээхпит. Бу арыыны орнитологтар, ботаниктар, палеонтологтар үөрэтэ иликтэр. Э.Толль манна сэлии уҥуоҕун булбута. Хотугу акыйаан кистэлэҥэ билигин да элбэх. Холобур, Новосибирскай арыылартан былырыын сылдьыбыт билим эспэдииссийэтэ былыр бээгэй сэлии баар буола сылдьыбытын арыйбыта. http://kyym.ru/sonunnar/obshchestvo/5260-vulkannaakh-bennet-aryytygar-espediissije-teriller
Эмиэрикэни кытта сир былдьаһыы төрдө-төбөтө
Устуоруйа өттүттэн көрдөххө, Беннет арыыта Арассыыйаны, Саха сирин кытта өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн быстыспат сибээстээх. Арыы соҕуруулуу-арҕаа тумуһаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр аатырбыт хааннаах адмирал А.В. Колчак кэргэнэ Софья, хотугулуу-илин өттө Э.Толль кэргэнэ Эммелина ааттарын сүгэллэр. Бу икки дьахтар ааттарынан тумуһахтары 1903 с. тиийэ сылдьан оччолорго эдэр лейтенант Колчак ааттаабыт. Арыы өссө биир тумуһаҕа бу арыыны 1881 с. арыйбыт Эмиэрикэ муораһыта Де Лонг кэргэнэ Эмма аатын сүгэр. Де Лонг арыйбыт арыытыгар кини эспэдииссийэтин успуонсара Джеймс Гордон Беннет аатын иҥэрбит. Де Лонг ити эспэдииссийэтин кэмигэр хараабыла тимирэн, сатыы материкка тахса сатыы сылдьан үс ыйынан Өлүөнэ төрдүгэр өлбүтэ.
Эдуард Шеварднадзе Бейкердиин сөбүлэһиитинэн, АХШ туһатыгар Беринг муоратын 70%, а.э. 78 тыһ. кв. км сирин туран биэрбит. Ол манньатыгар АХШ кинини Грузия бэрэсидьиэнэ оҥорбута дииллэр, кырдьыгын билбит суох. Шеварднадзелаах АХШ уонна ССРС хотугу акыйааҥҥа кыраныыссаларын үллэстэр лииньийэлэрин, дьиҥэр, халлаантан ылбатахтар. 1867 с. Алясканы атыылаабыт конвенцияҕа бэлиэтэммит лииньийэҕэ тирэҕирбиттэр. Ол эрээри тоҕо эрэ 80-с сылларга аан дойдуга ылыныллыбыт дойдулар 200 миль кэтиттээх экэнэмиичэскэй зоналарын кыраныыссатын тутуспатахтар.
Сөбүлэһиини ратификацияланнаҕына эрэ, сокуоннай күүстэнэр диэтэллэр, Шеварднадзе «ратификацияланыар диэри сокуоннай күүстээх» диэн, илии баттаан көҥүл биэрбит. Онон сөбүлэһии тутуһуллар.
Арассыыйа интэриэһэ күөмчүлэнэринэн, биһиэннэрэ сөбүлэһиини көтүрэр боппуруоһу туруораллар. Хоромньута Арассыыйаҕа улахан, Беринг муоратыгар кыраныысса кыччаан, Арассыыйа сыл аайы 500 тыһ. т. балыгы, кыраабы бултуур кыаҕын сүүйтэрбит. Беринг силбэһиитин үллэстии ортотунан барбыт да, уу суола Эмиэрикэ кыраныыссатынан киирэн барарынан, хараабыллар сырыы аайы көҥүл көрдүүр эбиттэр. Ити Арассыыйа улаханнык эрэнэр Хотугу муоратын суола сайдыытын улаханнык атахтыыр. Шеварднадзе кыраныыссатын саамай улахан хоромньута – Эмиэрикэҕэ Арассыыйа 200 мөл. т ньиэптээх, 200 мөл. кубометр гаастаах сир барбыт. Шеварднадзе-Бейкер сөбүлэһиитэ төһө да ХНТ генеральнай конвенциятын кэстэр, ССРС көҥүл өттүнэн биэрбит буолан, ким да мөккүспэккэ кэлбит.
Аляска штатын былаастара ити сөбүлэһиинэн Арассыыйаҕа наһаа улахан сир: Врангель, Геральд, Беннет, Генриетта, Сивуч, Калан уонна Меднэй арыылар сыыһа бэриллибиттэр диэн сир былдьаһаллар. Бэл, штат парламена сөбүлэһиини утаран 1999 с. анал резолюция ылбыт. Аляскалар туруорсууларын Вашингтон өйүү илик да, Шеварднадзе Бейкер сөбүлэһиилэрин көтүрүү саҕаланнаҕына, күөрэйэн тахсар кыахтаах.
Колчак тапталын устуоруйата
120 сыллааҕыта биллиилээх чинчийээччи барон Эдуард Толль салалталаах Нуучча полярнай эспэдииссийэтэ 1810 с. атыыһыт Яков Санников көрбүт арыытын көрдүү “Заря” шхунанан С-Петербуртан 1900 с. бэс ыйын 21 күнүгэр барбыта. Эспэдииссийэ чинчийбит билим өттүнэн сыанаһа үрдүгүн иһин, сүрүн сыала – Санников сирин булуу – туолбатаҕа. Бу эспэдииссийэҕэ оччолорго эдэр лейтенант А.Колчак баара. Кини “Заря” хамаандатыгар муора эписиэрин, оттон эспэдииссийэҕэ гидрограф уонна картограф быһыытынан үлэлээбитэ. 1901 с. Таймыыры үөрэппиттэрэ. Онтон “Зарянан” атырдьах ыйыгар аһаҕас уунан киирэн, Санников сирин көрдүү сатаан баран булбатахтара. Күһүн Олгуйдаах арыытыгар кыстыыр буолбуттара. Толль Санников сирин булар баҕата күүһүнэн, санаата батарбакка, 1902 с. от ыйыгар табаарыһын астроном Фридрих Зееберги уонна сирдьит сахалара Николай Протодьяконовы уонна Василий Гороховы кытта Беннет арыытыгар барбыттар. Кэпсэтиинэн “миигин уу таҕыстаҕына, онтон ылаарыҥ, сатамматаҕына, Өлүөнэ өрүскэ тахсыахпыт” диэбит. “Заря” сайын Беннеккэ айылҕа күчүмэҕэйдэрэ мэһэйдээн, кыайан тиийбэккэ, Тиксиигэ барбыт. Колчак С.-Петербурга ахсынньыга тиийбит. Толль Беннеккэ кыстыы хаалбыт диэн, эһиилигэр кинини быыһыыр эспэдииссийэни хайдах тэрийэбит диэн элбэх мунньах буолбут. Халҕаһа муустар ортолорунан сатаан сылдьар хараабыл көстүбэтэх. Онуоха Колчак вельботунан (4-8 киһи олорор киит булдугар туттуллар оҥочо) Беннеккэ муустан мууска соһон тиийэбин диэн соһуччу, хорсун былаанын эппитин ылыммыттар. 1903 с. Эспэдииссийэ саҕаламмыт.
Колчак эппиэттээх сорудахха барар буолан, 1899 с. билсибит Софья Фёдоровна Омирова диэн кыыһы кытта сыбаайбалыахтааҕын иккитэ тохтоппут. Бастаан 1900 с. – Толль эспэдииссийэтигэр, иккиһин 1903 с. – быыһыыр эспэдииссийэҕэ барарынан. Кинилэр Иркутскайынан Дьокуускайынан айаннаан хоҥнуохтаах сирдэригэр Хаһааччыйаҕа муус устар 9 күнүгэр тиийбиттэр. Бэлэмнэнэн баран 17 киһи ытынан Новосибирскай арыыларыгар барбыттар. 36 бууттаах вельботу 30 ыт соспут. Олгуйдаах арыытыгар тиийэн муус барарын кэтэспиттэр. От ыйын 18 күнүгэр муора ырааһыран Беннеккэ устубуттар. Бу сүрдээх уустук уонна кутталлаах сырыы этэ. Айаннара олус ыарахана, муустаах ууга түһэ-түһэ, муустан мууска 600 киилэлээх вельботу соһо-соһо устар наһаа эрэйдээҕэ. Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Беннеккэ тиийбиттэр да, Толль дьонунуун көстүбэтэхтэр. Научнай үлэлэрин, малларын хаалларбыттарын булбуттар. Сабаҕа быһыытынан, шхуна кыайан кэлбэтэ биллибитигэр оттук уонна ас тиийиэ суох диэн, Өлүөнэ төрдүгэр барбыттар. Онтон ыла дьылҕалара биллибэт. Беннеккэ Колчак муустан мууска ыстанарыгар муус тостон, ууга түһэн өлө сыспыт. Өйүн сүтэрбит киһини хостоон таһааран, таҥаһын уларытан баран, хамсалаах табаҕы уматан айаҕар укпуттарыгар тиллэн кэлбит. Атырдьах ыйын 7 күнүгэр төттөрү барбыттар. Муораҕа муус элбээн, хаардаах буурҕа түһэн, бэрт эрэйинэн айаннаабыттар. 40 хонугунан Олгуйдаахха тиийэн муус турарын кэтэспиттэр. Онтон сэтинньи ортото ыттарынан төттөрү айаннаабыттар.
Биэрэккэ кинилэри түөрт үлэһиттээх, сүүс табалаах саха кинээһэ кэтэһэн олорор эбит. Кини «Хаһааччыйаҕа күһүн эспэдииссийэни кэтэһэ эдэр дьахтар кэлбитэ, кини ас-үөл тэрийэн ыытта» диэбит. Эдэрин истэн, Колчак кэргэн ылар кыыһа буолуо диэбиттэр. Петербуртан бачча ыраах ханнык да “барышня” оччолорго кэлэ илик үһү. Колчак олох итэҕэйбэтэх эрээри, улаханнык долгуйбут. Кини кэргэн ылар кыыһын – Софияны – көрсүбүт долгутуулаах түгэнэ 1903 с. ахсынньы 7 күнүгэр Хаһааччыйаҕа буолбут. Эспэдииссийэ дьоно кыра кэпсэтии тэрийбиттэр. София Петербурга «Колчак вельботунан эспэдииссийэтэ табыллыа диэн ким да итэҕэйбэт, тыыннаах төннүөхтэрэ биллибэт» диэн кинини ыыппат буола сатаабыттарын кэпсээбит. Ол эрээри, декабристар ойохторун суолларын хатылаан, хорсун кыыс тапталлааҕын өлөрдүү кутталлаах айантан араҥаччылыы, көрсө Хаһааччыйаҕа тиийэ айаннаан тиийбит арамаантыкалаах устуоруйата билиҥҥэ диэри дьону сөхтөрөр. Оттон Колчак хоту эспэдииссийэлэргэ сылдьыбыт бу 4 сыла олоҕун саамай чаҕылхай, дьоллоох, Джек Лондон дьоруойдарын курдук уобараһын хаалларбыт сыллара этэ.
1904 с. тохсунньу 26 күнүгэр Колчактаах Дьокуускайга кэлбиттэрэ. Манна Япония уонна Арассыыйа сэриитэ саҕаламмытын истибиттэр. Эдэрдэр Иркутскайга бэргэһэлэммиттэр. Ол эрээри дьоллоох кэмнэрэ уһаабатах: Колчак баҕа өттүнэн тылланан сэриилэһэ Порт-Артурга барбыт. Онтон ыла кини Беннет арыытын кытта сыһыана суох атын устуоруйата саҕаламмыта...
Николай Находкин быйылгы эспэдииссийэтэ өссө биир улахан геобэлитиичэскэй соругу толоруохтаах. Беннет арыыта Арассыыйа, Саха сирин сорҕото буоларын бигэргэтэ арыыга научнай стационар уонна быыһааччылар тохтуур сирдэрэ – депо буолар саха балаҕана тутуллуохтаах. Депоҕа анал истиэмпэллээх Булуҥ улууһун Беннеттээҕи буостатын отделениета аһыллыан сөп. Итинэн “Эмиэрикэ, биһиги сирбитин былдьаһыма” диэн ойдуо охсуллуохтаах. Находкин эспэдииссийэтэ этэҥҥэ тиийэн ситиһиилээх сылдьарыгар баҕарыаҕыҥ.
Владимир СТЕПАНОВ.