“Хоруона хамсыга киһи аймах доруобуйатыгар билигин даҕаны ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэтэр”, – диэн Доруобайа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) иһитиннэрэр.
Онон сибээстээн, ВОЗ аан дойдуга биллэриллибит ыксаллаах быһыыны-майгыны өссө үс ый уһатта. Ол туһунан бэнидиэнньиккэ Женева куоракка буолбут улахан мунньахха эттилэр.
ВОЗ генеральнай дириэктэрэ кэлэр быһаарыыны аны үс ыйынан ылыныа үһү.
Сэҥээриилэр