Киир

Киир

Сардаана Мартынова 2015 сыллаахтан, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ омук тылын салаатыгар “тыл үөрэхтээҕэ-преподаватель” идэни баһылыаҕыттан, дойдутугар Ньурба улууһун Чуукаар сэлиэнньэтигэр омук тылын учууталынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. 2 оҕолоох дьоллоох ийэ, тапталлаах кэргэн.

Хоһоону оҕо эрдэҕиттэн, орто сүһүөххэ үөрэнэр кэммиттэн саҕалаан, суруйар. Араас темаларга холонор эбит. Кини төрөөбүт-үөскээбит Чуукаарым  ураты кэрэ айылҕатыгар сүгүрүйэбин, үтүө дьонунан киэн туттабын диэн суруйда. Бүгүн кини төрөөбүт дойдуга, тылга бэриниилээх буоларга ыҥырар хоһоонун быһа тардан таһаарабыт.

IMG 20180317 WA0076

Хаҕыс тыалга бэринэн харыстаабат буолума...

Эккэр-сииҥҥэр, тымыргар
Саха хаана сүүрэрин,
Эрчимнээх тэбэр сүрэххэр
Сайдам санаа сарыалын,
Эһиэкэйдиир саҥаҕар
Ийэ тылыҥ илгэтин,
Искэр иҥмит итиитин,
Иэйэ кууһар имэҥин
Илиигиттэн ыытыма,
Ыһыктаҥҥын кыйдаама.

Ыраах олох үөһүгэр
Сайдыы сырса сылдьаҥҥын
Ынах-сүөһү уйгулаах
Сахаҥ сирин сайынын,
Ырыа-тойук алгыстаах
Саргы-дьаалы ыһыаххын,
Ыймахтааҥҥын иһэргин
Сөрүүн кымыс утаҕы
Санааҕыттан саараама
Симэлитэр буолума.

Саҥа үйэ хардыытын
Сонун-дьикти тыыныгар
Төрүттэриҥ үгэһин,
Төрүт буоргун, дойдугун,
Айыылартан алҕаммыт
Аар айылҕа үөрэҕин,
Үтүө сүргэ сиэрин-туомун,
Үрдүк күүһү, дьиктини
Эн өйгүттэн өһүлэн
Өлбөөрүтэн көрүмэ.

Кэнэҕэски ыччаппыт,
Кэлэр кэммит кэскилэ,
Сайа үрэр саҕахтар
Сатарыта угуйан
Уу нуһараҥ чуумпуга
Уйгу-быйаҥ ырыатын,
Кырыымпалыы кутуллар,
Кылыгырыыр саҥаны,
Хаҕыс тыалга бэринэн
Харыстаабат буолума.

Саха омук сыдьаана,
Сэбэрэтэ, сирэйэ!
Үүнэр үйэ сүүрээнин
Үлүскэннээх кэмигэр
Көмүс дуйдаах кэбиһэр
Күүстээх, сытыы тырымын,
Омук төрдө оҕонньор
Олоҥхолуур кэпсээнин,
Дьалкыыр тыалга бэринэн
Дьоһун тылгын умнума.

Сардаана Мартынова. Ньурба улууһа, Чукаар сэл.

IMG 20180317 WA0047

Хаартыскаларга: Сэттэ томтордоох Мыраан диэн ытык сир кэрэ көстүүлэрэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар