Киир

Киир

Быйыл Арассыыйа үрдүнэн “Педагог уонна уһуйааччы” сыла. Ол им бэлиэтэ сахалыы итинник ааттанна уонна көстүүтэ эмиэ итинник. Дьоҥҥо тиийэр гына ханна да этиллэ илигин сөҕөбүн. Иккис им бэлиэ — Саха сиригэр Үлэ сылын им бэлиэтэ. Суруллуута эмиэ "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла” диэн буолуохтаах, “Үлэ сыла Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр” буолбатах. Тыл истилиистикэтин тутуһуу алҕастаах бара турар эбэтэр сахалыытын кытта бодьуустаһыан баҕарбат дьон — нууччалыы көрүҥүн туруоран кэбиһэллэр.

Мантан сиэттэрэн хас да этии үөскүүр:

1) Сыл аайы син биир туох эрэ тиэмэлээх сыл биллэриллэр, онно тустаах куонкурус ыытыллар. Куонкурус ирдэбилигэр тиэкис нууччалыытын таһынан сахалыы, эбээннии, эбэҥкилии, дьүкээгирдии, долганныы, чукчалыы уонна аангылыйалыы көрүҥнэрэ эмиэ оҥоһуллуохтарын наада диэн киллэрэн биэриэххэ;

2) Арассыыйаҕа биллэриллэр сыллар, улахан тэрээһиннэр, дьаһаллар ааттарын им бэлиэлэригэр эмиэ сахалыы уонна хотугу омуктар тылларыгар, ол аата судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларга тылбаастаныахтаах диэн уураах ылыныахха наада. Ол кэннэ уурааҕы Арассыыйа таһымыгар туруорсан, оҥоһуллар им бэлиэлэр Арассыыйа бары судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларыгар тылбаастанан оҥоһуллуохтаах диэн туруорсар оруннаах буолуо этэ;

3) Тылбааһы оҥорорго идэтийбит таһымнаах исписэлиистэр анал хамыыһыйалара (тиэрмин хамыы­һыйата) дьарыктаныан наада. Мөккүөр итинник им бэлиэлэргэ эрэ буолбатах, сир-дойду аатыгар, тэрилтэлэр уонна идэлэр ааттарын тылбаастыырга, о.д.а. куруук тахса турар.

Рустам Каженкин,
Дьокуускай куорат.