Киир

Киир

Доруобуйа күнүгэр сыһыаран, киин куоракка «Куруһаала» Атыы дьиэтигэр, муус устар 5-7 күннэригэр, Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «МедЭкспо. Доруобуйа уонна Кэрэ буолуу» быыстапка тэриллэр.

Бу хас сыл аайы тэриллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһиҥҥэ ыарыыны эрдэттэн сэрэтии уонна чөл олоҕу тутуһуу эйгэтигэр үлэлиир 30-тан тахса тэрилтэ көхтөөхтүк кыттар. Быыстапка кыттыылаахтара манна бородууксуйаларын уонна сонун технологияларын аҕалан билиһиннэрэллэр:

- Бадтары уонна битэмииннэри;

- Соҕуруу Кэриэйэҕэ тэриллэр эмтэнэр туризмы кэпсииллэр;

- Функциональнай диагностикаҕа туттуллар мэдиссиинэ оборудованиеларын;

- Чэбдигириигэ уонна эдэримсийэргэ көмөлөөх технологиялары;

- Мэдиссиинэ миэбэллэрин, мэдиссиинэҕэ туттуллар матырыйаалы, ону таһынан реабилитация, ортопедия уонна хампырыаска туттуллар бородууксуйалары;

- Олохтоох мүөтү, ыҥырыа атын да туһалаах бородууксуйалары уо.д.а.

Быыстапка күннэригэр күүтүүлээх «Доруобуйа дьаарбаҥката» быйыл да ыытыллыа. Ол эбэтэр, быыстапкаҕа кэлбит дьон компьютернай спирометрия, тонометрия, пульсоксиметрия ньымаларынан доруобуйаларын туругун билсэр кыахтаахтар. Ону тэҥэ ким баҕалаах ВИЧ ыарыытыгар экспресс – тиэһи буор босхо уонна ааты-суолу ыйбакка (анонимно) туттарыан сөп.

Ону таһынан атаҕы "көрөр" "Артромот" диэн аппарааты, "Pablo" диэн илиини, бэгэччэги эрчийэр анал тренажеру, физиотерапевт туттар комбинированнай "BTL-4000" (оҕолорго), "Велоэргометра" диэн тэриллэри билиһиннэриэхтэрэ.

Ону тэҥэ уйулҕаһыт (психолог), ЛФК инструктордара, рефлексотерапевт, логопед, психиатр-нарколог, клиническэй психолог, фтизиатр, оҕо уонна улахан дьон быраастара эһигини күүтэллэр.

Муус устар 5 уонна 6 күннэригэр сарсыарда 10-тан 16 ч диэри “Куруһаала” аттыгар таһырдьа Флюорография үлэлиэ. Онно түһэргэ пааспар, СНИЛС, мед.полис ирдэнэр.

Тэрээһиҥҥэ киирии – босхо! Бырагыраамаҕа кыралаан уларыйыы киириэн сөп. Онон тэрийэр кэмитиэт 8 (4112) 42-24-02 нүөмэригэр билсэн, чопчулаһаргыт ордук.

КӨҤҮЛЛЭММЭТ БУОЛУОН СӨП. ИСПИСЭЛИИС СҮБЭТЭ НААДА.

kyym.ru

Сэҥээриилэр

Lucy
0 Lucy 01.04.2023 12:27
Excellent blog here! Also your wedbsite lods up fast!
What host are you using? Can I get yoyr affiliate link to yur host?
I wish myy web site loazded up as fast as yours lol

My site: 토토사이트 순위: http://Schmalspurbedarf.de/module/bookmarkproducts/action?remove=1&products=3772&token=2f65c36cafce3875c8c2fd5daf83da12&back=http%3a%2f%2fmaa-imcs.com%2Fcomponent%2Fk2%2Fitem%2F5-bernard-chaus
Ответить
Jody
0 Jody 01.04.2023 17:06
A person essentially lend a hand to make significantly articles I would
state. This is the first time I frequented your website page and thus far?
I amazed with the research you made to create this actual submit amazing.

Excellent task!

My website: 출장마사지: http://artrealestate.com.uy/2023/02/04/tips-for-acquiring-a-excellent-massage-therapy-right-now/
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар