Киир

Киир

Дьокуускай куорат “Технопарк” тэрилтэтин иһинэн үлэлиир өрөспүүбүлүкэтээҕи “Илии сылааһа” ийэлэр хамсааһыннара муус устар 7-8 күннэригэр Тааттаҕа баран сүрдээх элбэх үлэни ыытан кэллибит. Бу үһүс улахан улууспут буолар. Ол иннинэ биһиэхэ Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустара кэлэн, көрөн-истэн, үөрэнэн барбыттара. Мэҥэ Хаҥаласка бэйэбит эмиэ тахса сылдьыбыппыт, билигин биһигини кытта тэҥҥэ тигэ олороллор.

Талыы-талба Таатта дьоно, сүрдээх намыын, холку, сомоҕолоһуулаах дьон буолалларын уруккуттан билэбит. Бу сырыыга тапталлаах Тааттабыт дьоно, далбар хотуттара биһигини сүрдээх үчүгэйдик көрүстүлэр. Хас биирдии кэлбит ийэ-эбэ СВО-ҕа сылдьар оҕолоругар сылаас илиилэринэн  таҥас тигэргэ, көмөлөһөргө баҕалаахтарын, бэлэмнэрин көрдөрдүлэр. Икки күн устата күүстээх үлэ барда. Маҥнайгы күҥҥэ нэһилиэктэртэн 27 киһи кэлэн кытынна, иккис күнүгэр улуус кииниттэн, Дьохсоҕонтон уопсайа 20 киһи кэлэн үөрэннэ, иистэннэ. Ол иистэнии түмүгэр 9 комплект "Эр Хоһуун" тигиллэр буолла.

WhatsApp Image 2023 04 10 at 07.52.15

Улуус, нэһилиэк дьаһалталара СВО-ҕа сылдьар уолаттарыгар  сүрдээх болҕомтолоохторо мантан көстөр, маннык улахан суолталаах, наадалаах үөрэҕи ыытарга дьону түмэ тардан, мунньан, улахан тэрээһини тэрийбиттэригэр барҕа махтал!

WhatsApp Image 2023 04 10 at 07.52.27

Билигин атын улуустарынан эмиэ итинник киэҥ далааһыннаах үөрэхтэр салҕанан бараллар. Хас нэһилиэк, улуус бары бу холобуру батыһан бэйэлэрин СВО-ҕа сылдьар буойуннарын  таҥаһынан хааччыйдахтарына,  улахан көмө буолар. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!

WhatsApp Image 2023 04 10 at 07.52.18

Биһиги СВО-ҕа барбыт оҕолорбутугар көмө буолан, айа-тута, үлэлии-хамныы олорбуппут номнуо сыл аҥаара буолла. Ол былаһын тухары, хас эмэ сүүс "Эр Хоһуун" кэмпилиэк таҥас тигиллэн, СВО-ҕа барар оҕолорбутун таҥыннардыбыт.

WhatsApp Image 2023 04 10 at 07.52.21

Биһиги Дзержинскэй уул.76 №-дээх “Технопарк” дьиэтигэр баарбыт, күннэтэ уолаттар быһа сакаастарынан “Эр Хоһуун” кэмпилиэк толору тигиллэн, илиилэригэр ылан баралларын хааччыйабыт.

WhatsApp Image 2023 04 10 at 07.52.43

*Орджоникидзе уул. 10 №-дээх дьиэтэ сборпууҥҥа соторутааҕыта тэриллибит  иис сыаҕын кытта булкуйумаҥ, ол атын - уруккута "Якутия с тобой" салайааччыта Айыл Дьулурҕа Айыллаан Винокуровтыын "Мы Вместе" иһинэн  тэрийбит сыахтара.

Салайааччы Ирина Егоровна Саввина.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар