Киир

Киир

Муус устар 24 күнүгэр Л.А. Ким аатынан Дьокуускайдааҕы оҕо уус-уран ускуустуба оскуолатын уһуйааччыта, худуоһунньук Анна Саввина, “Кыым” норуот хаһыата, бар дьон дьокутаата Мария Христофорова өйөбүллэринэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола-интэринээтигэр “Туймаада хочото” диэн барельеф ньыматынан оҥоһуллубут эркини Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Барельеф диэн уопсай налыы ньуурга томтойон көстөр скульптуралыы быһыылаах ньыманы бу оскуолаҕа үөрэнэр көрбөт оҕолор илиилэринэн туппайдаан Туймаада туонатын устуоруйатын билэлэллэригэр күүс көмө буолуоҕа.

Анна Саввина, худуоһунньук:

-- Бу бырайыагы Саха АССР төрүттээмитэ 100, Дьокуускай куорат 390, саха норуота таптаан ааҕар “Кыым” хаһыат 100 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаан толкуйдаабыппыт. Мин бу оскуолаҕа сиэн балтым үөрэнэр. Онон оскуолаҕа ис сүрэхпиттэн тугунан эмэ көмөлөспүт киһи диэн толкуйдуурум. Инньэ гынан, “Кыым” хаһыат эрэдээксийэтигэр этиилээх тахсыбытым. Эскииһин оҥорбутум кэннэ бар дьон дьокутаата Мария Николаевна Христофорова матырыйаалынан көмөлөспүтэ, оскуола салалтата үөрэ-көтө үлэлиир кыаҕы биэрбитэ. Оччолорго хамсык кэмэ буолан, оҕолор ыраахтан олорон үөрэнэллэрэ. Онон, үөрэх хаамыытыгар мэһэйдэспэккэ, оҕолор ахтылҕаннаах оскуолаларыгар кэлэллэригэр номнуо бэлэм буолбута. Маннык үлэ олус уустук, онон оҥоһуллар болдьоҕо да уһун буолар.  Билии байҕалыгар умсугутар оскуола хас биирдии муннуга туохха эрэ үөрэтэр, такайар буолуохтаах. Итинник санааттан бу өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола үөрэнээччилэрэ төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын биллиннэр диэн санааттан, 8 м усталаах, 1,5 үрдүктээх паннону оҥорон таһаардым. Паннону гиипсэ булкааһынан оҥордум, сахалар кэлэн олохсуйууларын көрдөрөрөр ис хоһоонноох. Харахтарынан мөлтөх оҕолор тарбахтарынан тутан-хабан көрөр дьоҕурдара быдан сайдыбыт, инньэ гынан, кинилэр барельеф ньыматынан оҥоһуллубут эркинтэн информацияны ордук ылыналлар.

809a92e9 152d 4671 92a2 7b55ace8

Мария Христофорова, бар дьон дьокутаата, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ:

- Тарбаҕар талааннаах, бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх худуоһунньук Анна Саввина бу бырайыагын оҥоруон баҕарарын туһунан этиилээх киирбитигэр биһиги тута үөрэ-көтө өйөөбүппүт. Биһиэхэ креативнай индустрия олус тэтимнээхтик сайдар, онуоха салалта өттүттэн өйөбүл да баар. Онон талааннаах ыччаттарбыт көҕүлээһиннэрин хайаан да өйүөх тустаахпыт. Анна Дмитриевна үлэтин, кини талаанын киһи сөҕөр эрэ. Оҕолор барахсаттар илиилэринэн-тутан хабан, Саха сирин устуоруйатын билэллэригэр, билиилэрин чиҥэтэллэригэр бу үлэ улахан суолталаах.

Юлия Уарова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччыта:

- Биһиги оскуолабытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 225 көрөр, истэр уорганнарынан хааччыллыылаах оҕолор олорон үөрэнэллэр. Худуоһунньук Анна Саввина, “Кыым” хаһыат, норуот дьокутаата Мария Христофорова үтүө дьыалаларынан оҥоһуллубут истиэнэбит болҕомто киинигэр сылдьар. Бу күһүн дойду араас муннуктарыттан кыттылаах улахан тэрээһин буолбута. Онно кэлбит ыалдьыттарбыт тута бу паннобутун сөҕө-махтайа көрбүттэрэ, улаханнык ымсыырбыттара. Саамай сүрүнэ – оҕолорбут тактильнай ылыныылара, өйдөөһүннэрэ сайдар. Аны туран, бу панно мээнэ буолбатах, Сахабыт сирин устуоруйатын кэпсиир улахан суолталаах. Инньэ гынан, оҕолорго иитэр-үөрэтэр суолтата олус улахан. Түгэнинэн туһанан, биһиги оскуолабыт кэлэктиибэ, төрөппүттэр худуоһунньук Анна Саввиноваҕа, норуот дьокутаатыгар Мария Христофороваҕа, “Кыымнарга” муҥура суох махталбытын тиэрдэбит!

375188ad 0dd8 419c a0cb f2c2e124

Худуоһунньук Анна Саввинаны оскуола кэлэктиибэ, үөрэнээччилэр, кэллиэгэлэрэ,  Мария Христофорова эҕэрдэлээтилэр. Мустубут дьоҥҥо оскуола иһинэн үлэлиир Айталина, Николай Баттаховтар салайар ансаамбыллара ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр, махтал суруктары туттардылар. Үтүө бачыым өссө да тэнийэн, салҕанан истин!

Бэй.кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар