Киир

Киир

Саха сиригэр 6 тыһ. тахса инбэлиит оҕо баарыттан 4 тыһыынчаттан ордуга хайаан да реабилитациялыыр уонна абилитациялыыр көмөҕө наадыйар. Ол эбэтэр, ыарыһах оҕо күннээҕи, уопсастыбаннай уонна идэлээх олоххо үөрэниэн наада. Ол иһин биэс сыллааҕыта Дьокуускайга доруобуйаларын туругунан хааччахтаах, аһааҕырыылаах кыра уонна эрдэҕэс оҕолор доруобуйаларын көннөрүнэр тэрилтэлэрэ – Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕону реабилитациялыыр киин – аһыллыбыта. Хайа да өттүттэн көрдөххө, бу маннык ураты социальнай тэрилтэни тутан үлэҕэ киллэрэргэ 1,6 млрд солк. туттуллубута.

Бу сөҕүмэр бэлэҕи өрөспүүбүлүкэҕэ АЛРОСА алмаас хампаанньата утары ууммута. Бүгүн биһиги кырачаан эмтэнээччилэр туруктара тупсарыгар туох-ханнык усулуобуйа, көмө оҥоһулларын ыйыталастыбыт.

Уһуннук күүтүллүбүт Киин

Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаларын туругунан хааччахтаах кыра уонна эрдэҕэс оҕолор туруктарын бөҕөргөтүнэр кииннэрэ – бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сэдэхтик көстөр кэлим медико-социальнай реабилитацияны уонна инбэлиит оҕолор абилитацияларын ыытар тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ. Хас сыл аайы бу манна 16 симиэнэнэн өрөспүүбүлүкэ 2 тыһ. тахса оҕото 21-дии күн доруобуйатын тупсарынан, дьарыктанан барар.

Бу киин 100 куойка-миэстэлээх, ону таһынан күнүһүн сылдьарга 150 миэстэ көрүллэр. Киини СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондата АЛРОСА төлөһөр үбүн суотугар туттарбыта. Алмаастаах хампаанньа салалтата тутуу хаамыытын уонна ис бараана оҥоһуллуутун, араас тэрилинэн хааччыйыллыытыгар тиийэ хонтуруоллаһа сылдьыбыта. Күүтүүлээх уонна абыраллаах Киин 2018 сыл кулун тутарыгар аанын тэлэйэ аһан, оҕо аймах доруобуйатын туһугар кэскиллээх үлэни саҕалаабыта.

DRC 2

DRC 3

Хас биирдии оҕоҕо – тус сыһыан

Реабилитациялыыр кииҥҥэ хамсанар-тирэнэр аппарааттара, саҥарар саҥалара, истэр дьоҕурдара кэһиллиилээх, аһааҕырыылаах кырачааннар киирэн, мэдиссиинэ, эт-хаан туругун сайыннарыы, уйулҕа-педагогика уонна социальнай реабилитация көмөтүн туһаналлар. Араас исписэлиис түмсэн, чөлүгэр түһэрэр мэдиссиинэ араас суол ньымаларын туһанан, кэлбит пациеҥҥа ураты болҕомтону ууран, хас биирдиилэрин кытта былааннаан, тус-туһунан дьарыктаныы торумнанар. Манна неврологическай патологиялаах (о.и. церебральнай параличтаахтар эмиэ) уонна хамсанар-тирэнэр уорганнара ыалдьар оҕолор тастан сылдьан (амбулаторно) эбэтэр стационарга сытан эрэ чөлүгэр түһэриини ааһар кыахтаахтар. Киин биир бэлиэ уратыта – уопсай сыһыаннаһан буолбакка, хас биирдии оҕоҕо туһунан болҕомто ууран үлэлэһэллэрэ буолар. Ол иһин манна исписэлиис уонна оҕо иккиэйэҕин холкутук алтыһар усулуобуйалара тэриллэн, хосторо элбэх гына былааннаммыт.

Оҕо реабилитацияланар киинэ уопсайа холбоон, 12,5 тыһ. кв.м. биэс куорпустаах. Онно аактабай саала, успуорт уонна эрчиллэр саалалар мэдиссиинэ кэбиниэттэрэ, кылаастар, бассыайын бэрт табыгастаах гына былааннанан түстэммиттэр. Ону таһынан үөрэтэр-реабилитацияланар уонна олорор куорпус диэннэр бааллар.

DRC 4

DRC 5

Төрөппүт оҕотун кытта бииргэ дьарыктанар

Өрөспүүбүлүкэтэҕи оҕо реабилитацияланар киинэ 136 үлэһиттээх. Идэлээхтэр ахсааннара сыыйа эбиллэн иһэр, ону кытта тэҥинэн Киин кыаҕа-таһыма улаатар. Ол гынан баран, оҕо доруобуйатын туруга тупсарыгар, чөлүгэр түһэригэр штат, баай уопут, тэхиниичэскэй уонна мэтиэдьикэ базата эрэ быһаарар оруоллаах буолбатах. Хас биирдии манна кэлбит оҕо судургута суох, сорох өттүгэр букатын да ыарахан балаһыанньалаах, историялаах буолар. Дьэ, ол иһин бу чөлүгэр түһэрии дьайыылаах, туһалаах буоларыгар төрөппүт оҕотун туругар кыһамньылаах сыһыана, эмтэнии ситиһиилээх буоларыгар төһө эрэллээҕэ кытта улахан суолталаах, оруоллаах. Бу өттүгэр уйулҕа үөрэхтээхтэрэ кинилэрдиин үлэлэһэллэр.

Өскөтүн урут төрөппүт оҕотун сарсыарда Кииҥҥэ аҕалар, киэһэтин ылар эбит эрэ буоллаҕына, билигин саҥа кииҥҥэ оҕолорун кытта тэҥҥэ дьарыктаналлар, реабилитация тус кыттааччыта буолаллар. Ол быһыытынан оҕолорго уонна төрөппүттэргэ табыгастаах буоллун диэн, толору, сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубут. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр бара сатыыр наадата суох.

Соторутааҕыта аҕай тустаах Киинтэн реабилитацияланан тахсыбыт төрөппүттэр санааларын маннык үллэһиннилэр.

DRC 6

DRC 8

Орто Халыматтан Армеецтар дьиэ кэргэттэрэ:

“Реабилитациялыыр кииҥҥэ бэйэлэрин дьыалаларыгар дьиҥ идэтийбит дьон үлэлиир. Оҕолорго, төрөппүккэ да болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар. Ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, биһиги кырачааннарбыт доруобуйалара көнөрүгэр үлэлэһэн, биһиэхэ уонна оҕолорбутугар эрэл, бөҕөх санаа үөскүүрүгэр тирэх буолаллар. Ыраас, сылаас, сырдык, уурбут-туппут курдук хомуллуулаах тутууга үтүө санаалаах исписэлиистэр үлэлииллэрэ тута харахха быраҕыллар. Аны, пуобардара олус минньигэстик астыыларын анаан бэлиэтиэм этэ. Биһиги бу Орто Халыматтан бэлиэр иккитэ кэлэн, реабилитацияланан бардыбыт. Дириэктэргэ, Киин бары үлэһиттэригэр махтанабыт, сүгүрүйэбит!”

Дьокуускайтан Копыриннар:

“Биһиги биэс оҕобутун кытта манна реабилитацияламмыппыт. Уопсайга олорбуппут, элбэх процедураны туһанныбыт. Икки бастакыбытыгар диагностарын туруорбуттара, мантан салгыы неврологка уонна ортопедка эмтэниэхтээхпит. Оҕолорбут остолобуой аһын олус сөбүлээтилэр. Оттон кыргыттар тэҥ саастыылаахтарын кытта Монтессори кэбиниэтигэр дьарыктаналларын биһирээтилэр. Саамай кырабытыгар ЛФК уонна массаас туһалаата. Кииҥҥэ реабилитацияланарга сөптөөх усулуобуйа толору оҥоһуллубут: хааччыллыыта үчүгэй, исписэлиистэр таһымнара үрдүк. Кэнэҕэһин да кинилэр ыарыһах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө, тирэх, өйөбүл буола туралларыгар баҕарабын”.

Үөһээ Дьаааҥыттан Потаповтар:

“Дьааҥыттан кэлбиппит, Киини олус сөбүлээтибит. Реабилитациялыыр киин бары үлэһиттэригэр кыһамньылаах сыһыаннарын иһин, дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Бары да үтүө, элэккэй, сайаҕас үлэһиттэр. Сүрүнэ, оҕобут астынан, биир да дьарыгы көтүппэтэ. Киин өссө да сайда туруохтун!”

Бары төрөппүт оҕолорбут курдуктар

Оҕо реабилитацияланар киинин дириэктэрэ Зинаида Максимова этэринэн, бу Кииҥҥэ эмтиир эрэ буолбатахтар, манна оҕолор уопсастыба туох да итэҕэһэ суох толору чилиэнэ буолан тахсалларыгар көмөлөһөллөр.

DRC 10

«Киин аһыллыаҕыттан элбэх уларыйда. Бастаан аһыл­ларбытыгар икки эрэ отделениелаах буоллахпытына, билигин бэлиэр биэс баар. Кэбиниэттэрбит хара ааныттан хаачыстыбалаах тэрилинэн хааччыллыбыттара, онно эбии саҥа физиоаппаратураны атыыласпыппыт. Инньэ гынан маннык аппарааппыт биһиэхэ 50-тан тахса буолла. Холобур, гидротерапияҕа туттуллар 11 баанналаахпыт, биир бассыайыннаахпыт. Оҕолор олус сөбүлүүллэр.

Маны таһынан оҕолору кытта логопед-дефектологтар, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ утумнаахтык дьарыктаналлар. Оҕолор оонньуурдарын саҥардан, уларытан иһэбит, дидактика матырыйаалларын атыылаһабыт. Бэйэбит эмиэ тиһигин быспакка үөрэнэбит. Оҕолору кытта алтыһыы олус суолталаах. Оонньуу хабааннаах алтыһыы кэмигэр ордук табыллан аһыллаллар, быдан эрэх-турах буолаллар. Элбэх ньыматтан биир ордуктара – верботональнай ньыма буолара көһүннэ, оҕолор уопсастыбаҕа үөрүйэхтэнэллэригэр ордук көмөлөһөр. Оҕо тута туттардыын-хаптардыын уларыйар, бэл, атыннык кэпсэтэр буолар, социокултуурунай үөрүйэхтэрэ сайдан барар.

Оҕолор социальнай адаптацияланыылара диэҥҥэ инбэлиит оҕолор социумҥа киириилэрэ уонна уопсастыба доруобуйаларын туругунан хааччахтаах кырачааннарга сөпкө сыһыаннаһа үөрэнэригэр иитии-такайыы эрэ буолбатах, ону таһынан кинилэри бары өттүнэн реабилитациялааһын, табыгастаах эйгэни олохтооһун, дьиэ кэргэҥҥэ үтүө, сылаас сыһыан, өйдөһүү-өйөһүү баар буолуута эмиэ киирэр”, – диир дириэктэр.

Зинаида Семеновна этэринэн, кэлэктиип биэс сыллаах таһаарыылаах үлэтэ – Киин сөптөөх суолунан баран иһэрин туоһута. Чугас эргиннээҕи сыал-сорук – дьоҕус реабилитациялыыр киини тэрийии, кыайан дьиэттэн тахсыбат ыалларга бэйэлэригэр тиийэн сүбэлиир-амалыыр кыаҕы ситиһии, оннук сырыыны өрөспүүбүлүкэ кытыы, каадыр тиийбэт, суох улуустарыгар эмиэ оҥоруу. Харахтарыгар аһааҕырыылаах оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ ананар бырагыраамалар кэҥиэхтээхтэр, ону таһынан альтернативнай уонна эбиилээх коммуникация бырагыраамаларын туһанан, оҕо туора дьону кытта алтыһар кыахтанарыгар көмөлөһөр араас ньымалары туһаныахтара – жест, мимика, сурук араас бэлиэтэ, тарбах төбөтүнэн таҕайан билии, быһаарыы үөрүйэҕин сайыннарыы уо.д.а.

DRC 7

Киин исписэлиистэрэ манна эмтэнэн тахсар хас биирдии оҕо ис талааннааҕар, кыахтааҕыгар эрэнэллэр уонна ону арыйарга көмө баар буолуохтааҕын этэллэр. “Уонна сүрүнэ, оҕолорбут оҕо-оҕо курдук дьоллоохтук күлэр-үөрэр, мичээрдиир кыахтаналларын туһугар тугу барытын оҥоруох кэриҥнээхпит. Оттон оҕо мичээрэ – төрөппүт уонна Киин үлэһиттэрин дьоло”, – дэһэллэр.

АЛРОСА сыллата 500-чэҕэ чугаһыыр ахсааннаах араас социальнай бырайыагы уонна көҕүлээһини олоххо киллэрэр. Олор үбүлээһиннэрэ успуонсар хантараагын быһыытынан, бэйэ социальнай бырайыактарын үбүлээһин уонна ону таһынан СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар баҕа өттүнэн үбүнэн көмөлөһүү суотугар, сылга 10 млрд солк. кэриҥэ буолан тахсар. 2011 сылтан саҕалаан, АЛРОСА тустаах Пуонданы кытта бииргэ үлэлэһиитин түмүгэр Саха сирин араас муннугар 40-тан тахса саҥа социальнай тутуу дьэндэйэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы-абырыы турара да элбэҕи этэр.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас.