Михаил Ефимович Николаев олохтон барбыт бу кутурҕаннаах күннэригэр мин кини Арассыыйа көмүскэлигэр инники олоҕу уонунан сыллар иннилэринэ өтө көрөн оҥорбут бороруоктаабыт биир быһаарыытын туһунан этиэм.
Кини, дойду көмүскэлигэр наадыйыы үөскүө диэн өтө көрөн, СӨ Төрүт Сокуонун 70-с ыстатыйатыгар СӨ Бэрэсидьиэнэ территориальнай оборуона тэрийэр кыһалҕа үөскээтэҕинэ, “определяет порядок образования территориальных воинских и иных формирований” диэн тыллары киллэртэрбитэ. Бу Төрүт сокуону 1992 с. муус устар 4 күнүгэр СӨ Үрдүкү Сэбиэтин 12 ыҥырыытын дьокутааттара ылыммыттара.
Төрүт сокуон бу пуунун ырааҕы көрбөт, тутах өйдөөх бэлиитиктэрэ уонна аналитиктара “Сахалар аармыйа тэринээри гыммыттар” диэн дэлби кириитикэлээбиттэрэ. Өр кэм устата хайдахтаах үөҕүү буолбутун, ааҕааччылар, өйдүүгүт. Түмүгэр ити пууну СӨ Төрүт сокуонуттан бырахтарбыттара.
Бүгүн иһитиннэриилэри аахтахха, анал байыаннай эпэрээссийэ барар сирдэригэр Донецкай, Луганскай Өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожье уонна Херсон уобаластарыгар территориальнай оборуона ыстааптара тэрилиннилэр.
Белгород, Брянскай, Воронеж, Курскай уонна Ростов уобаластарыгар, Краснодар кыраайыгар, Кырыымҥа уонна Севастопольга орто таһымнаах сэрэнии (средний уровень реагирования) биллэриллибит эрэгийиэннэригэр территориальнай оборуона тустаах тэрээһиннэрэ үүт-үкчү СӨ Төрүт сокуонугар 1992 с. киллэриллибитин курдук ыытыллаллар.
* * *
Михаил Ефимович 1992 с. СӨ Төрүт сокуонугар киллэртэрбит Саха сирин тас экэнэмиичэскэй сыһыаннаһыыларын туһунан сорох балаһыанньата (70-с ыстатыйа уонна VI раздел) эмиэ улаханнык киириитикэлэммитэ. Эмиэ “аһара сэргэх” бэлиитиктэр эрэгийиэннэр бэйэлэрэ харчы киллэринэр суол тобулалларын бопсубуттара.
Киһи соһуйуох, бу күннэргэ Арассыыйа былааһын үрдүкү таһымыгар – АХШ уонна Евросойуус сааҥсыйаларын тоҕо көтөргө СӨ 1992 с. Төрүт сокуонугар киирэ сылдьыбыт субъектар тас экэнэмиичэскэй сыһыаннаһыыларын көҥүллүүр быһаарыы ылылынна.
* * *
Сымыйа буолбатах, Арассыыйа Арктикатааҕы зонатыгар балаһыанньа улаханнык тыҥаата. Хотугу Муустаах байҕал тула сытар өстөөхтүү омук дойдулара Арассыыйа Хотутун былдьаһарга суоттанан буоллаҕа, Арктика эрэгийиэнигэр байыаннай күүстэрин хаҥата сылдьаллар.
Арктикаҕа итинник бэлитиичэскэй уонна экэнэмиичэскэй тыҥааһын үөскүөн сөбүн өтө көрөн, Михаил Ефимович итинник үөскүүр кыһалҕалары быһаарарга “Хотугу пуорум” диэн Аан дойдутааҕы тэрилтэни тэрийбитэ. Онно киирбит Арктика дойдуларын тустаах эрэгийиэннэрин күбүрүнээтэрдэрин кытта уустук боппуруос кэпсэтиинэн быһаарыллыахтааҕа. Ону сэргэ кини федеральнай таһымҥа Хотугу муора суолун туһаҕа таһаарыыга сыһыаннаах сокуоннары ылыыга улахан үлэни ыыппыта.
* * *
Ити өттүттэн көрдөххө, Михаил Ефимович Арассыыйа сайдыытын, олох хайдах буолуон сөбүн өссө 30–50 сыл инники өтө көрбүт, онно бигэ тирэх буолар сокуоннары киллэрбит эбит. Хомойуох иһин, ол сокуоннара сымыйа кириитикэҕэ түбэһэн сотуллубуттара. Дьиҥэр, кини хаһан да Саха сирин Арассыыйаттан туспа көрбөтө. Михаил Ефимович экэниэмикэлэрэ сайдыылаах уонна күүстээх субъектар дойду тоҕо көтөр сайдыытын ситиһиэхтэрэ диэн итэҕэйэрэ. М.Е. Николаев Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интэлигиэнсийэтигэр” суругар этиллибит кэриэс-хомуруос тылларын бэйэтин сүрүн стратегиятынан ааҕара.