Атырдьах ыйын 17 күнүгэр СӨ ИДьМ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ Егор Жирковы утары холуобунай дьыаланы көбүппүтүн туһунан иһиттибит.
Санатар буоллахха, биллэр бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэл, хас да ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, СӨ Конституциятын оҥорооччулартан биирдэстэрэ, Национальнай кэнсиэпсийэни саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтин ааптара, педагогика билимин дуоктара, сахалар биир тумус туттар киһибит Егор Петрович Жирковы кэккэ сылларга олоҕо суоҕунан буруйдаан, холуобунай эппиэтинэскэ тарда сатаабыттара да кыаллыбатаҕа.
Буруйа суоҕа чопчуланан, кырдьыга дакаастаммыта. Ол эрээри, дииргэ тиийэбит, хомойуох иһин, ханнык эрэ “күүстэр” кинини тимирдэр санааларыттан аккаастанар былааннара суох. Ол курдук, СӨ ИДьМын Силиэстийэлиир управлениета бу атырдьах ыйын 17 күнүгэр киниэхэ Арассыыйа Холуобунай Кодексатын 172 ыстатыйатын 2 чааһын, “б” пуунунан №12201980031000439-дээх буруйдуур дьыаланы көбүппүттэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Тоҕо биллиилээх судаарыстыбаннай уонна общественнай диэйэтэли сойуолааһын тохтооботуй? Тоҕо быыбар хампаанньата үгэннээн турар кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, дьыаланы тэрийбиттэрэ эмиэ кэккэ ыйытыылары үөскэтэр. Соруйан, “кими эрэ” утары айдаан таһаараары диэн сабаҕалыахха эмиэ сөп. Оччоҕо бу олох даҕаны тас күүстэр угаайылаах киирсиилэрэ, кимнээх эрэ оҕуруктаах оонньуулара буолуон сөп.
Е.П. Жирков “мин туох да буруйум суох, бэйэм кырдьыкпын дакаастыам” диэн бигэ санаалаах.
Владислав Коротов,