Киир

Киир

Хаҥалас улууһуттан сылдьар Петр Ноев ыраах айан суоппарынан үлэлээбитэ балаҕан ыйыгар номнуо 39 сыла буолар. Эһиил үлэһит ыстааһым 40 сыллаах үбүлүөйэ диэн үөрэ кэпсии тоһуйда.

Петрдаах дьиэ кэргэнинэн суоппар династиялаахтар. Аҕата тимир көлөнү сүүрдэр быраабын 1947 сыллаахха ылан, «Булгунньахтаах» колхозка үйэтин тухары суоппардаабыта. Петр убайа эмиэ суоппар эбитэ үһү. Кинилэри көрө улаатан, ымсыыран, кыра Петя суоппар буоларын кыра эрдэҕиттэн ыра санаа ымыыта гына оҥостон улааппыта.

9c2b056a 3c4b 4695 b92a baab181f83a4 1024x712

Кини уруулга бастаан олорбут сылларын, урбаанньыт  буолбут кэмнэрин бэрт сылаастык ахтан ааһар:

«Ол курдук 1984 сыллаахха Булуҥ улууһун Күһүрүгэр үлэбин саҕалаабытым. Ол кэнниттэн манна куоракка үлэлии сылдьыбытым. Өр буолбакка, тэринэн, оностон баран, Өймөкөөн улууһугар «Аартык» диэн автобазаҕа бырамыысыланнас эйгэтигэр үлэлээбитим.

Ити эйгэҕэ үлэлээн, харчы мунньунан, 1999 сыллаахха бастакы камазпын ылбытым. Тэрилтэттэн баран бэйэбин хааччынар урбаанньыт буола тэриммитим уонна күн бүгүҥҥэ дылы үлэлии-хамсыы сылдьабын».

Билигин үксүгэр кыһыҥҥы суолунан сылдьан үлэлииллэр, тоҥ өрүһүнэн айаннаан, хотугу улуустары тутуу матырыйаалынан хааччыйаллар, көмүсчүттэри, алмаас хостооччулары таһаллар. Сайыҥҥы өттүгэр оскуолалар, балыыһалар хаппытаалынай өрөмүөннэригэр тутуу болдьоҕун өлүмнэһэ үлэлииллэр эбит. Быйыл Нерюнгри куоратыгар биэс этээстээх балыыһа өрөмүөҥҥэ турар, сайын онно таһаҕас тастылар.

Кэпсэтии ортотугар Петр ыарахан ыйааһыннаах көлөнөн үлэлиир туох уратылардааҕын киэҥ араҥалаах ааҕааччыга өйдөтөрдүү быһаарар:

«Биһиги бензовоз буолбатахпыт, бензовоз-самосвал уонна сухогруз диэн испитигэр арахсабыт. Сухогруз диэн, аата этэрин курдук, тутуу матырыйаалыгар тиийэ бөдөҥ эттиктэри тиэйэр. Саамай үлэлээх хайысха буолар – таһаҕас уураллар, ону салайыахха, сааһылыахха, баайыахха наада. Маны таһынан, хас даҕаны мөлүйүөннээх сыаналаах таһаҕаһы сүгэ сылдьар буолан, эппиэтинэһэ эмиэ оччонон улаатар. Ол таһаҕаспыт өссө тиэллэн иһэн хамсыыр. Сарсыарда 9 чааска бастаан тиэйэр киһини кытта көрсөбүт, онтон күҥҥэ түөрт тэрилтэни кэрийэбит, таһаҕас тиэнэбит. Оннук түгэҥҥэ син биир барытын батара сатыыбыт. Үлэ күнэ саҕаланнаҕа ол».

Быйыл «Алмазы Анабара» тэрилтэ 25 сыла буолбута. Петр Ноев кэпсииринэн, ол кэмҥэ олус элбэх таһаҕас барбыт эбит. Тэрилтэ сэттэ – аҕыс саҥа учаастак туппута, онно тутуу матырыйаалын таспыттар. Тиһэх айантан Ленскай борохуотунан төннүбүттэр. Ыраах ириэйсэ кэнниттэн төһө даҕаны сынньаммытыҥ иһин айан суола киһи өйүгэр иҥэн хаалар, утуйа да сытан айаннаан иһэргин түһүүүгүн диэн суоппар бэлиэтиир.

9584182b cfe6 44f0 bc6d 36f4e65c5482 1024x768

Уһун айаҥҥа сылдьар суоппардар эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ идэлээхтэри барыларын түмэр диэн Петр үөрүүтүн үллэстэр:

«Бу уопсастыба тэриллиэн иннинэ биһиэхэ биир да тэрилтэ кыһаммат, бары бэйэбитин хааччынар, бэринэр этибит. Холобура, судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ профсоюз диэн баар. Онно ким хас сыл үлэлээбитин, кимиэхэ ханнык наҕыраада биэрэллэрин көрөллөр, араас «отличник» аатын иҥэрэллэр. Ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар уопсастыбабыт тэриллибитэ быйыл ахсыс сыла буолар. Ол тухары дьон бөҕөтө наҕыраада ылла. «Заслуженный работник автотранспорта Республики Саха (Якутия)» диэн бочуоттаах ааты хас даҕаны суоппар сүктэ. Бу манна бырааһынньык тэрийэн, биһигини түмэн, дьоҥҥо кыраамата биэрэн олус бэркэ, өрө көтөҕүллүүлээхтик тэрийдилэр. Биһиги билигин үлэбит үтүө түмүктээх буолар диэн билэбит. Ол туһугар бары көхтөөхтүк сүүрэбит-көтөбүт, кыһанабыт, ардыгар оспуонсар да буолан кыттыһабыт. Бу атырдьах ыйыгар буолбут тэрээһиҥҥэ уолаттары массыынаҕытын сууйан, киэркэтэн, параакка кыттыһардыы булгуччу кэлэҕит диэн ыҥырыы ыыппыппыт. Сорох дьон айаҥҥа сылдьарын да үрдүнэн 50-ча массыына кэлбитэ. Көрүөххэ олус үчугэй этэ. Евдокия Кимовна Дьячковскаяҕа биһигини барыбытын түмпүтүгэр улахан махтал тылларбын тиэрдэбин».

Ыраах айан хайысхатыгар үлэлиир суоппардарга Урбаан министиэристибэтэ массыынаны лизиҥҥа ылары көмөлөһөр этэ. Петр Ноев билигин иллэрээ сыллааҕыта саҥардыбыт, үйэтигэр төрдүс КАМАЗ массыынатын сүүрдэ сылдьар эбит.

41f0883d 2f86 4078 8f46 10812e2aef82 1024x682

Бу буолаары турар быыбарга суоппардар «Биир ньыгыл Арассыыйа» паартыйаҕа уонна Ил Дархаҥҥа Айсен Николаевка куоластарын биэрэллэрин туһунан мунньахха бигэргэппиттэрин Петр кэпсээтэ:

«Мин Муома улууһугар икки сылы быһа дьиэ тутуутугар үлэлээбитим, онно олохтоохтор олус кэрэ тас көстүүлээх 9 этээстээх толору хааччыллыылаах дьиэҕэ киирбиттэрэ. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх тутуу бара турар. Биирдэ Ленскай улууһун соҕотох фермеригэр таһаҕас илдьибиппит. Ол барыта тыа хаһаайыстыбатын хааччыйыы бырагыраамматынан оҥоһуллубут этэ. Бу барыта Айсен Сергеевич Николаев көҕүлээһинэ, өйөөһүнэ буоллаҕа дии. Мин маннык үлэлиирбиттэн наһаа үөрэбин. Холобур, Булгунньахтаахха таҥара дьиэтин, оскуоланы, кулуубу тутуспуппут. Саха сирин хоту тайаан сытар улуустарыгар эмиэ таһаҕас таспытым. Аара айаннаан иһэн биир эмэ саҥа тутууну көрдөхпүнэ, «Бу манна үлэлээбитим, мин эмиэ кыттыгастаахпын» диэн киэн тутта саныыбын».

Ол курдук, кыах баарын тухары үлэлии сылдьыам диэн Петр Ноев баҕа санаатын этэр.

9cb61dba 8221 4dc7 93bb 59da8ab446d4. 1024x768

Үлэ сылыгар «Мин биисинэһим» киин өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайдыытыгар бэйэ кылааттаах урбаанньыттар үлэлэрин-хамнастарын туһунан сырдатар. Биһиги урбаанньыттарбыт туруу үлэһит буолалларын уопсастыба сыаналыыр уонна биһириир.

«Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Мин биисинэһим» киин нөҥүө урбаанньыттарга киэҥ хабааннаах араас өҥө көрүллэр. Бу туһунан ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыахха сөп – Мойбизнес14.рф

 СӨ судаарыстыбаннай автономнай
 «Мин биисинэһим» киин» тэрилтэтэ