Киир

Киир

Ырыаны сатаан ыллыыр, туойар дьон, былыр-былыргыттан норуот биһирэбилин ылан, кэпсэлгэ сылдьаллар. Олортон биирдэстэринэн Константин Мохначевскай буолар. Кини 1957 сыллаахха Чурапчы улууһун Бахсы  нэһилиэгин Чыаппара бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ.

Константин Константинович ырыаны айыынан 1983 сыллаахтан дьарыктанан саҕалаабыта. Мелодист быһыытынан бастаан Тихон Толомон тылларыгар "Саһарҕа" диэн ырыаны  суруйбута.

1985 сыллаахха Бахсы орто оскуолатыгар, Чурапчы Чыаппаратыгар, завхоһунан үлэлии сырыттаҕына, Иннокентий Наумович Левин саха тылын учууталынан үлэлии кэлбитэ.  Кини оччолорго хоһоон кинигэлэрдээх этэ. Бу көрсүһүү Константиҥҥа инники суолун арынарыгар олук буолбута. 1983 сылтан ырыа суруйарга холонор буолан, Константин Левин хоһооннорун чугастык ылыммыта. Суруйбут ырыаларын киниэхэ ыллаан иһитиннэрэрэ. Иннокентий Наумовиһы көрдөһөн, "Дьүрүһүй, хомуһум" диэн ырыа тылын суруйтаран ылбыта. Ол ырыата 1986 сыллаахха Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт "Песня молодых исполнителей-1986" илин эҥэр оройуоннар күрэхтэригэр бастаабыта. Ол сайын Нерюнгри куоракка "Стальные рельсы АЯМ" диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ баран кыттыбыта. Онтон салгыы оройуонун аатыттан Саха сирин мелодистарын, композитордарын уонна поэттарын түмсүүлэригэр кытыннара ыыппыттара.

Иннокентий Наумович хоһоонноруттан Константин ордук сөбүлээн "Дөлүһүөн сибэккитэ" уонна "Эйиэхэ" диэн хоһооннору талан ылбыта.  Тута матыып айан, ыллаабытынан барбыта. Матыыба олус табыллан, дьон сөбүлээбитэ.

2005 сыл күһүнүгэр, оҕолоро улаатан, куоракка көһөн киирбиттэрэ. Ол сылдьан Константин биир дойдулааҕын Виктор Иванович Хону көрсө түспүтэ. Виктор Хон кинини дьиэтигэр ыҥырбыта уонна ырыаларын ыллаан иһитиннэрэригэр көрдөспүтэ. Константин ырыаларын биир-биир ыллаан барбыта.  Ордук Иннокентий Левин "Эйиэхэ" диэн ырыата олус табыллан тахсыбыта. "Үһүс күппүлүөтүн суруй эрэ," - диэн кини Виктор Хонтан көрдөспүтэ. "Улахан бэйиэт суруйбутун ыарырҕатабын," - диэн Хон бастаан аккаастаабыта. Онтон аҕыйах хонугунан ырыа үһүс күппүлүөтүн суруйан, ыллаан көр диэн ыыппыта. Ырыа олус табыллыбыта. Онтон сүргэлэрэ көтөҕүллэн, бу ырыаҕа фонограмма оҥотторбуттара. Аҕыйах хонукка үөрэтэ түһээт, аны студияҕа ырыаларын уһултара барбыттара. Ити 2006 сыллаахха этэ. Салгыы ити ырыаларын "Виктория" радиоҕа биэрэн, сотору-сотору эпииргэ ылланар ырыа буолбута.

Биэс уон сааһыгар Константин Мохначевскай "Этигэн хомус-2007" күрэххэ "Эйиэхэ" диэн хит буолбут ырыатынан "Сыл бастыҥ ырыата" тосхолугар кыттыыны ылбыта. Бу сыл бастакы "Эйиэхэ" диэн ырыатын альбомун 500 ахсаанынан таһаартарбыта хамаҕатык атыыланан бүппүтэ. Онтон Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дьиэтигэр бэйэтин айар кэнсиэрин оҥорбута. Дьон сааланы тобус-толору кэлбитин кини олус долгуйа, үөрэ көрбүтэ.

2012 сыллаахха Константин Мохначевскайы Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Ырыа айааччыларын сойууһугар ылбыттара. 2015 сыллаахха Култуура Министиэристибэтин "Саха норуотун самодеятельнай художественнай айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин" диэн анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

2016 сыллаахха "Ийэ кутум иэйиитэ" диэн диискэтэ 300 ахсаанынан тахсыбыта. Онтон "Иһит, ыллас, Ийэ кутум иэйиитин" диэн ырыанньыктаах толору компакт-диискэтэ суруллан, күн сирин көрбүтэ. Ити барыта кудуххайдык тарҕанан бүппүтэ. Онно эбии урукку ырыаларын сөргүтэн уонна Омук Уолун уонча хоһоонугар ырыа суруйан, атын да хоһоонньуттар тылларыгар ырыа айан, ырыанньыктаах альбому таһаартарбыта.

Барыта үс сыл Өксөкүлээх киинигэр, биир сыл "Сэргэлээх уоттарыгар", алта төгүл "Үс Хатыҥҥа" Туймаада ыһыаҕар бэйэтин айар кэнсиэрдэрин оҥорбута.

2017 сыллаахха Константин Мохначевскайга "Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна" ааты иҥэрбиттэрэ. Ити курдук, туспа суоллаах-иистээх, киһи дууһатын таарыйар иэйиилээх ырыалары айар талааннаах мелодист элбэх уостан түспэт, өйтөн сүппэт ырыалары айан, саха ырыата сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ, өрөспүүбүлүкэ араадьыйатын уонна тэлэбиидэнньэтин музыкальнай пуондатын байыппыта.

2023 сыл алтынньы 8 күнүгэр киэһэ 17.00 чаастан "Сэргэлээх уоттара" култуура киинигэр Чурапчы улууһун айар талааннаахтара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх ырыа айааччылара, саха эстрадатын ырыаһыттара кыттыылаах "Илиибин уунабын Эйиэхэ" диэн аһымал кэнсиэргэ ыҥырабыт. Киирбит үп СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, култуура туйгуна, "Саха норуотун самодеятельнай художественнай айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин" анал бэлиэ хаһаайына, "Этигэн хомус-2007" музыкальнай бириэмийэ, "Сыл бастыҥ ырыата" номинация кыттыылааҕа, СӨ ырыа айааччыларын "Үйэлээх ырыалар" анал бэлиэ хаһаайына, "Иэйии" литературнай түмсүү чилиэнэ, ырыаһыт, мелодист Константин Константинович Мохначевскай - Саһарҕа эмтэнэригэр күүс-көмө буолуоҕа.

"Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас" диэн санаанан салайтаран, сүрэххит сылааһын үллэстэн өйөбүл буолуоххут диэн эһигини эрэнэ күүтэбит.

Наталья Сергеева-Аана Кыыhа,
Дьокуускайдааҕы "Иэйии" КСТ, Чурапчы литэрэтииринэй түмсүүтүн чилиэнэ,
СӨ Үөрэҕириитин туйгуна.