Киир

Киир

Олох үгэс буолбут укулаатын үйэтитэн...

АЛРОСА хампаанньа өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна Хоту аҕыйах ахсааннаах  омуктар ассоциацияларын кытта үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ илии баттаата. Сыал-сорук дьэҥкэ – Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрүт тыллара, култуурунай нэһилиэстибэлэрэ уонна этно-култуурунай үгэстэрэ, сиэрдэрэ бигэтик сайдар усулуобуйаларын тэрийии. Өрүттэр былааннаммыт тэрээһиннэри олоххо киллэриигэ бэлиэр бу чугас кэм иһинэн ылсарга бэлэмнэр.

«АЛРОСА уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктара түөлбэлээн олорор улуустарыгар үлэлиир хампаанньа хаттыгас тэрилтэтэ «Анаабыр алмаастара» бэйэ-бэйэҕэ, ийэ айылҕаҕа уонна норуоттар үгэстэригэр, сиэрдэригэр-туомнарыгар ытыктабыллаах сыһыан бириинсибин тутуһаллар. Бу түһэрсиллибит сөбүлэҥ биир кэмнээх аахсыйа буолбатах. Дьаныардаах, ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаммыт уһун сыллар усталарыгар барар тиһиктээх үлэ. Бэйэбит өттүбүтүттэн сөбүлэҥҥэ киирбит усулуобуйалары муоҕа-чуоҕа суох толоруохпут уонна ол үтүө түмүктэри аҕалыа диэн эрэнэбит», – диэн буолбут көрсүһүүгэ АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев тоһоҕолоон эттэ.

Сөбүлэҥ чэрчитинэн  өрөспүүбүлүкэ Национальнай бибилэтиэкэтин илиинэн суруллубут пааматынньыктарын уонна РНА СО ИГИиПМНС пуондатын култуурунай артефактара сыыппара көрүҥэр уларытыллыахтара. Ону сэргэ хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохтор  сүтэн-симэлийэн эрэр тылларын аудиовизуальнай пуондата тэриллиэҕэ. Ону таһынан «Северная мозаика» бырайыагынан ойуулук киинэлэр сиэрийэлэрэ, уус-уран-публицистика уонна документальнай литэрэтиирэлэрэ, «Арассыыйа Федерациятын Хотугу, Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиннээҕи аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын этническэй култуураларын пааматынньыктара» кинигэ сиэрийэтигэр түмүллүбүт  билим таһаарыылара  бэлэмнэниэхтэрэ.

Любовь Христофорова: «Биһиги бары кыһалҕаны толору өйдүүбүт»

Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын ассоциациятын бастакы вице-бэрэсидьиэнэ Любовь Христофорова тыллары үйэтитии уонна сайыннарыы курдук биир тыын суолталаах кыһалҕаны быһаарарга хаачыстыбалаах үлэ ирдэнэрин бэлиэтиир. Кини этэринэн, ханна баҕарар тыллар симэлийиилэрин кыһалҕата баар, ол гынан баран итини аҕыйах ахсааннаах норуоттарга ордук сытыытык биллэр.

Lubov Khristoforova

«Эдьигээн, Анаабыр, Өлөөн улуустарыгар аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар түөлбэлээн олороллор, онно АЛРОСА түстэнэн үлэлиир.  Биһиги өрүү даҕаны хампаанньаны үтүө өттүттэн ылынабыт, чахчыта да, тылынан буолбакка, дьиҥ дьыаланан көмөлөһөр тэрилтэ. Холобур, Эдьигээни ылан көрөр буоллахха, 2019 с. АЛРОСА үбүлээн, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир балыыһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Биһиги элбэх сыллаах бииргэ үлэлэһиибитин салҕаан, бу кыттыгас үлэбитин биһиги омуктарбыт ураты, хатыламмат култуураларын уонна төрүт тылларын үйэтитиигэ туһаайарга дьулуһабыт. Ол иһин бу сөбүлэҥ кэнэҕэһин да былааннаах бииргэ үлэлэһии уонна биһиги норуоттарбытыгар баар кыһалҕалары быһаарыы кыаллыаҕар эрэли саҕар», – диир кини.

Сөбүлэҥ чэрчитинэн хампаанньа «Арктика медиата» бырайыак хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар тылларынан тахсар киэҥник иһитиннэрэр сириэстибэлэр бырайыактарын өйүөҕэ. «Үгэстэр тыыннаах ситимнэрин» көмөтүнэн  аҕыйах ахсааннаах омуктар култуурунай-маассабай тэрээһиннэрэ ыытыллыа, «Кындыкан» табаарыстыы түмсүү көмөтүнэн Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын култуурата уонна үгэстэрэ креативнай уонна олоҕурбут үгэстэринэн киэҥни тарҕатыллыа.

Вячеслав Шадрин: «Этнокултуура сайдар суола»

2023 сыл АЛРОСА, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын уонна кинилэр ассоциацияларын икки ардынааҕы сибээс бөҕөргүүр сыла буолла. АКМНС вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Шадрин эппитин курдук, бу сөбүлэҥҥэ илии баттаһыы уһун кэмнээх бииргэ үлэлэһии түмүгэр ситиһилиннэ. Бэлиэр билиҥҥиттэн саҕалаан национальнай тыллары уонна Хоту сир култуурунай нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын этно-култуурунай нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ ананар чопчу тэрээһиннэрин туһунан кэпсиэххэ сөп. 

 TPUjO9wq4Y

«АЛРОСА социальнай хайысхалаах бэлиитикэтэ диэн – хотугу омуктар төбүрүөннээн олорор сирдэригэр-уоттарыгар кыттыгас салайыы үтүө холобура эрэ буолбатах, ону тэҥэ омуктар этно-култуурунай сайдыыларын өйөөһүн эмиэ киирсэр. АЛРОСА холобура оройуоннар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар туох ситиһиллэр кыахтааҕын кэрэһилиир, ол иһигэр үгэс буолбут салаалары өйөөһүн чааһа эмиэ киирсэр. Бу биһиэхэ Саха сиригэр сир баайын хостуур атын тэрилтэлэргэ этиилээх тахсарбытыгар тутаах олук, бигэ тирэх уонна төрүөт буолар», – диир кини.

Күн бүгүн Арктика суонатын бигэтик сайыннарыы – судаарыстыба бэлиитикэтин биир тутаах суолталаах хайысхата. Арктиканы үөрэтии уонна туһаныы күүскэ барар. Арктиканы сайыннарыы  диэн – туһалаах сир баайын көдьүүскэ туруоруу, киэҥ хабааннаах инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрии, бырамыысыланнас эйгэтигэр, тырааныспарга, логистикаҕа саҥатытан оҥоруу (модернизация). Бу барыта Хоту сир олохтоохторун олоҕо хаачыстыбалаах, таһымнаах буоларын, Хоту сир олохтоох омуктарын үгэс оҥостубут олохторун укулаатын өйүүргэ туһаайан ыытыллар.  Дьэ, ол да иһин, Вячеслав Шадрин этэринэн, бу сөбүлэҥ түһэрсиллиитэ сөптөөх кэмин баттаһа оҥоһуллубут бэлиэ түгэн. 

«Эппиэтинэһи сүгүү диэн, холобур, экологияҕа тахсыбыт хоромньуну сабыы эрэ буолбатах. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар уратыларын (идентичностарын) өйөөһүн, үйэтитии буолуохтаах. Биһиги бу уопуту өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду сиригэр-уотугар киэҥник тарҕатар кыахтаахпыт, тарҕатыах да тустаахпыт. Чуолаан ол да иһин, ХНТ Генеральнай Ассамблеята 2022–2032 сылларга ылыммыт аан дойду төрүт олохтоох омуктарын Норуоттар икки ардыларынааҕы уон сылларын чэрчитинэн түһэрсиллибит бу сөбүлэҥ бэлиэ суолталаах.  Ону тэҥэ эктно-култуурунай сайдыыга наадалаах бырайыактары олоххо киллэрии мэктиэтэ буолуоҕа. Манна даҕатан эттэххэ, сотору Москубаҕа ыытыллыахтаах пуорумҥа кыттар былааннаахпыт. Онно биһиги АЛРОСА хампаанньаны кытта бииргэ үлэлэһии холобурун кэпсиэхпит. Оттон кэнэҕэски өттүгэр биһиги атын дойдулардааҕы уруулуу омуктары кытта сибээстэһиэх тустаахпыт», – диэн кини бэлиэтээтэ.

Хоту уонна Арктика экологиятын харыстабылыгар

АЛРОСА Экологияҕа киинэ хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктара олохторун үгэс оҥостубут укулаатын уонна төрүт-уус дьарыктарын үйэтитиигэ көхтөөхтүк ылсан, тиһиктээх үлэни  ыытар уонна киэҥ хабааннаах этно-култуура бырайыактарын олоххо киллэрэр.

Хампаанньа Экологияҕа киинин өйөбүлүнэн, 2019 сыллаахха “өбүгэ тыла” Хотугу норуоттар уран оҥоһуктарын  өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ тэриллибитэ. Оттон 2020 сыллаахха «Колодец сказок» оҕолорго аналлаах остуоруйа суруйуутун куонкуруһугар 500-тэн тахса оҕо кыттыбыта. Остуоруйа тиэмэтэ экологияҕа уонна айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах буолуохтааҕа, айымньыларын ис хоһоонугар бэйэлэрин уруһуйдарын холбуу уган ыыппыттара. Бастыҥ үлэлэри талан, нууччалыы, сахалыы уонна эбэҥкилии тыллаах хомуурунньук таҥан таһаарбыттара. 2022 сыллаахха бу хомуурунньук кинигэп Бүтүн Арассыыйатааҕы, үрдүк таһымнаах «Ключевое слово» бириэмийэ «Социальнай эппиэтинэстээх биисинэс» номинациятыгар кыайыыны ситиспитэ. Бэчээттэммит кинигэ олоччу өрөспүүбүлүкэ национальнай оскуолаларыгар, бибилэтиэкэлэргэ уонна АКМНС-ка түҥэтиллибитэ. Оттон 2022 сыл бүтүүтэ бастыҥ остуоруйаларга олоҕурбут ойуулук   (мультфильм) таҥыллан, үс тылынан “саҥарбыта”.

2022 сыл ахсынньытыгар Дьокуускайга хотугу норуоттар үгэс оҥостубут ускуустубаларын «Айар-уус»  диэн киэҥ хабааннаах быыстапка-дьаарбаҥка көрөөччү болҕомтотун тардыбыт. Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кыттыбыт 70 маастар үлэтэ турбута. 2021 сылтан саҕалаан, АЛРОСА «Кындыкан» этно-бырайыагы өйүүр. Бу бырайыак КМНС култууратыгар уонна үгэстэригэр, кинилэр үгэс оҥостубут олохторун укулаатын, ураты майгыннаах култуураларын уонна тылларын үйэтитиигэ баар кыһалҕаларга аан дойду уопсастыбаннаһын  болҕомтотун, интэриэһин тардар соруктаах.

АЛРОСА хампаанньа 2023 сыл атырдьах ыйын  17 күнүгэр РНА СО ИГИиПМНС  кытта өссө биир дьоһун суолталаах, Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын устуоруйа-култуура нэһилиэстибэтин ытык, мэҥэ сирдэрин докумуоннуур бырайыагы үбүлүүр туһунан дуогабарга илии баттаспыттара.

Санатан эттэххэ, АЛРОСА хампаанньа уонна хаттыгас тэрилтэтэ  «Анаабыр алмаастара» түстэнэн үлэлиир, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар олорор оройуоннарын кытта социальнай-экэнэмиичэскэй бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин түһэрсэн, үбүнэн өйүүр үтүө үгэһи тутуһар. Ол курдук, Анаабыр (долган-эбэҥки), Өлөөн эбэҥки, Булуҥ, Эдьигээн, Эбээн Бытантай улуустарыгар, ону таһынан Садын эбэҥки национальнай нэһилиэгэр, Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр хампаанньа үбүнэн көмөлөһөр.

Ону таһынан СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын нөҥүө алмаас хампаанньата Хоту уонна Арктика оройуоннарыгар кэккэ социальнай эбийиэк өрөмүөнүн, саҥа тутуутун үбүлүүр.  Холобур, ол иһигэр – 2013 сыллаахха Булуҥҥа – Үөһээ Дьааҥытааҕы 1-кы, 2-с нүөмэрдээх дьыссааттарга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын, 2014 сыллаахха Эдьигээҥҥэ – балыыһаны, 2020 сыллаахха Баатаҕайга – терапевт уонна оҕо отделениеларын тутуутун, 2021 сыллаахха Зырянкаҕа култуура-успуорт холбоһугун тутуутун үбүлээбитин ааттыахха сөп.

Андрей ШИЛОВ
суруйуутуттан ЛОҺУУРА.