Сэтинньи 17 күнүгэр Арассыыйаҕа Полиция участковай боломуочунайдарын күнэ бэлиэтэнэр. Оттон бүгүн, сэтинньи 1 күнүгэр, Дьокуускай куорат Птицефабрика түөлбэтигэр өр сылларга бэрээдэги тутан олорбут бастыҥ участковай, Ньурбаттан төрүттээх Фатима Васильева орто дойду олоҕуттан туораабыта хайыы үйэ үс сылын туолла.
Былырыын бииргэ төрөөбүттэрэ кини туһунан "Легендарная Фатима Васильева" диэн кинигэни бэлэмнээн 200 ахсаанынан бэчээттэтэн таһаарбыттара. Манна Фатима Прокопьевнаны кытта бииргэ уһуннук үлэлээбит дьон биир санаанан көхтөөхтүк ахтыы суруйан киллэрбиттэрэ. Онно Фатима Прокопьевна участковай үлэтигэр ис кыаҕын толору арыйбыта, олоҕун бүтүннүү үлэтигэр анаабыта, түөлбэ олохтоохторун дириҥ ытыктабылын уонна тапталын ылбыта ырылхайдык көстүбүтэ. Ол да иһин кинини « Дьууппалаах Анискин, Птицефабрика маамата, универсальнай саллаат, күлүгээттэр грозалара... » диэн ааттаатахтара...
Фатима Прокопьевна участковайдыырын тухары үлэтин сүрүн бириинсибинэн кырдьыгы тутуһуу, дьоҥҥо киһилии сыһыан уонна сиэрдээх быһаарыыны ылыныы этилэр. Ол курдук, кини буруйу оҥорооччуну сөптөөх суолга киллэрэр, хадаар киһини уоскутар, киэбирбити оннун булларар, сымыйаччыны кырдьыкка таһаарар дьикти дьоҕурдааҕа.
Өр сылларга көрөн-истэн олорбут Птицефабрикатыгар Фатима участковайы билбэт олохтоох суоҕа, оттон кини «хас биирдии олохтооҕу, ким массыыната, велосипеда, ыта буоларыгар тиийэ билэр этэ» диэн сөҕөн-махтайан кэпсииллэр. «Оннооҕор киэһэ хойут оҕолор саҥаларын истэн, ким оҕото буоларын быһааран, төрөппүттэригэр эрийтэлиир буолара» диэн доҕотторо саныыллар. Маны ааһан, кини элбэх оҕолоох тиийиммэт-түгэммэт ыалларга көмө-тирэх буолар, оскуолаҕа кытары бэрээдэги кэһиини сэрэтэр үгүс үлэни ыытар эбит. Ол да иһин бу түөлбэҕэ олорбут орой мэник оҕолортон сорохторо, Фатима Прокопьевнаны холобур оҥостон, милииссийэ үөрэҕэр, үлэтигэр киирбиттэр.
Фатима Васильева ИДьМ үлэһиттэригэр холуобунай дьыаланы арыйыыга көмөтүн киһи ааҕан сиппэт. Кини тус баҕатынан тугу көрбүтүн, истибитин сурунан иһэр, буруйу оҥорооччулары учуоттуур, хаартыскаҕа түһэрэр үөрүйэҕэ элбэхтик абыраабытын туһунан кэллиэгэлэрэ махтанан кэпсииллэр. Ол курдук, икки ыйы быһа көрдөөн булбатах киһилэрин Фатима номнуо үлэлиир хоһугар аҕалан хаайан, доппуруостаан бүтэн олорорун туһунан уонна да атын сөҕүмэр түгэн элбэҕин бэлиэтииллэр.
Фатима Прокопьевна, өссө да үлэлиэх, элбэҕи оҥоруох, ситиһиэх киһи, доруобуйатынан мөлтөөн уонна биэнсийэҕэ тахсар сааһа кэлэн, 2016 сыллаахха үлэтиттэн уурайарга күһэллибитэ. Ол олорон үлэтин, бииргэ үлэлиир дьонун олус ахтара-суохтуура. Уурайбытын да кэннэ киниэхэ, көмө, сүбэ-ама көрдөөн, элбэх киһи кэлэрэ үһү.
Хомойуох иһин, участковай Фатима Васильева судаарыстыбаттан биир киһилии дьиэни бас билиигэ ылбакка, өр сылларга тымныы муосталаах, өрөмүөнэ суох мас дьиэҕэ олорон күн сириттэн барбыта. Кини соҕотох баайа – үтүө аата-суола, ыраас суобаһа, бар дьонун махтала.
Сүүс сылга биирдэ кэлэн барар сэдэх киһи, саха чулуу дьахтара, бастыҥ участковай Фатима Васильева аата дьоһуннаахтык үйэтитиллэрин аймахтара, доҕотторо, биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ эрэнэ күүтэллэр. Чуолаан, көрөн-истэн олорбут Птицефабрика түөлбэтин уулуссатыгар кини аатын иҥэриини туруорсаллар.
Манна даҕатан, сотору Дьокуускай куоракка Участковай пааматынньыгын туруораары сылдьалларын иһитиннэрэбит. Үтүө дьыала буолан эрэриттэн үөрэбит. Онуоха, бэйэни харыстаммакка үлэлээбит дьиҥнээх участковай аата, үтүөтэ умнуллубатар ханнык.