Киир

Киир

Биһиэхэ Хаҥалас улууһун Уулаах Аан сэлиэнньэтиттэн олус үөрүүлээх уонна долгутуулаах видеоролик кэллэ. Манна көстөрүнэн, сиэннэр хос эһэлэригэр «Кыым» хаһыаты киллэрэн уонна ааҕан биэрэллэр. Уһулуу ааптарыгар эрийэн кимнээх уһуллубуттарын ыйыталастыбыт.

Уһулааччы Антонина Колесова былырыыҥҥа диэри уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээн баран, биэнсийэҕэ тахсан олорор эбит. Роликка 93 саастаах аҕата Семен Петрович Заморщиков көстөр. Ытык кырдьаҕас «Кыым» хаһыаты 9 сааһыттан  ааҕар буолбут. Ол эбэтэр, кини хаһыаты кытта 84 сыл устата бииргэ сылдьар. Кэнники хараҕа мөлтөөн, тапталлаах хаһыатын хос сиэннэригэр аахтарар. Оҕолор хаһыаты кэлэ-бара сылдьан хос эһэлэригэр дорҕоонноохтук ааҕаллар.

Антонина Семеновна аҕатын уонна сиэннэрин туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ:

- Аҕам – үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Төхтүр уонна Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, " Гражданскай килбиэн" бэлиэ хаһаайына, " Тыылга килбиэннээх үлэтин иһин" уонна элбэх үбүлүөйдээх мэтээллэрдээх. Колхуоска, сопхуоска араас үлэни барытын үлэлээбитэ. Дьыссаакка хачыгаарынан, катер моториһынан, бензовозка суоппарынан уонна кэнники сүүрбэ сылга биригэдьиирдээбитэ. «Кыым» хаһыатын олус сөбүлүүр. Бары да сөбүлүүбүт. Ол да иһин, роликка сиэннэрим Камилия, Милена уонна Саша хос эһэлэрин кытта үөрэ-көтө уһуллубуттара. 

photo1713173566

Семен Петрович хаһыат туһунан санаатын аудиоҕа уһулбуттарын кылгатан таһаарабыт:

- “Кыым” хаһыаты норуот хаһыата диэн саамай сөпкө ааттыыллар. Маны ааҕар киһи билиитэ-көрүүтэ үксүүр, өйө-санаата сайдар. Кыра да үөрэхтээх буоллаххына, “Кыымы” ааҕан улахан үөрэхтээх дьонтон итэҕэһэ суох барытын билэр, өйдүүр буолаҕын. Ол курдук, кыра нэһилиэктэн, улуустан, өрөспүүбүлүкэттэн саҕалаан аан дойду үрдүнэн туох үчүгэй, куһаҕан буоларын, туох уларыйыы-тэлэрийии бара турарын барытын билэ сылдьаҕын. Ол иһин «Кыым» хаһыаты сүрдээҕин кэтэһэбин, хойутаатаҕына эбэтэр кэлбэтэҕинэ тугунан эрэ тутах, итэҕэс курдук сананабын. Онон, билиигэ-көрүүгэ, үүнүүгэ-сайдыыга, киһи да, уопсастыба да олоҕор сүрдээх туһалаах хаһыат диэн этэбин.

Untitled 2024 04 15T191112.979

Ити курдук Уулаах Ааҥҥа улахан ыал бас-көс киһититтэн саҕалаан хос сиэннэргэ тиийэ «Кыым» хаһыаты кэтэһэллэрин, ааҕалларын истэн олус үөрдүбүт уонна киэн тутуннубут. Эрэдээксийэ аатыттан Семен Петровичка, дьиэ кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр махтанабыт уонна күн сиригэр баар бары үтүөнү баҕарабыт. Оттон хаһыаты сурута илик дьоҥҥо чэпчэтиилээх сурутуу декадата бара турарын санатабыт уонна ытык кырдьаҕас холобурун батыһаргытыгар ыҥырабыт. 

Бэйэ кэр. 

Тэйиччиттэн сурутар нүөмэр: 8 (968) 150-67-15

Бүтэһик сонуннар