Дойду үрдүнэн Уларыта тутуу кэннэ дэмэкирээтийэлии саҥа олоххо дьон тус бэйэтигэр үлэлиир буолбута. Омос көрдөххө, дьон олоҕун бэйэтэ хайдах сатыырынан оҥостор буолбута үчүгэй этэ. Сатабыллаах, сүрэхтээх үлэһит дьон биллэ кыаҕырбыттара, табыллыбыттара. Ол гынан баран нэһилиэк уопсай туругар ким да кыһаллыбат буолан хаалбыта. Судаарыстыба өттүттэн тутууга диэн харчы көрүллүбэт этэ. Онон нэһилиэктэргэ тутуу барбата.
Оччолорго Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев нэһилиэги өрө тардыыга бэрт ураты хайысханы тутуспута. 90-с сыллар бүтүүлэригэр “Үтүө дьыала” диэн норуот бэйэтин баҕатынан, үбүнэн-харчытынан, хара илиилэринэн нэһилиэктэригэр наадалаах эбийиэги тутталларыгар, туох эмэ үтүө дьыаланы оҥороллоругар ыҥырбыта. Онно икки үйэ быһа охсуһуутугар “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” диэн хамсааһыны тэрийбитэ. Бу тэрилтэни аан бастаан Иннокентий БОЧКАРЕВ сүүрэн-көтөн тэрийэн, үүтүн-хайаҕаһын быһаарсан, үп-харчы булан улуустар, нэһилиэктэр тутууларыгар көмөлөһөн барбыта.
Бүгүн бу тэрилтэ тэриллибитэ 25 сылын көрсө бастакы уруулу туппут салайааччыны кытта кэпсэтэбит.
Бастаан үлэһит үлэлиир усулуобуйатын тупсарыллыахтаах
– Иннокентий Васильевич, Бастакы бэрэсидьиэммитин кытта биир кэмҥэ сопхуостарга, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит салайааччы буоллаҕыҥ. Сиһилии чопчулаһар буоллахха, “Үтүө дьыалаҕа” кэлиэҥ иннинэ, бастаан ханна үлэлии сылдьыбыккыный?
–1980 сыллаахха Горнай улууһугар олохтоох Якутмежколхозстрой тутар-таҥар управлениетыгар кылаабынай инженеринэн үлэлии сылдьыбытым. 1983 сылтан тоҕус сыл икки сопхуоска дириэктэрдээбитим. Бастаан Горнай улууһугар “Атамай” сопхуоска алта сыл дириэктэринэн сүрдээх үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Үс отделениелаах орто сопхуос этэ. Хас биирдии ынахтан бачча лиитирэ үүтү ыаһын, сүөһүнү төлөһөтүү, оту оттооһун – уопсайынан, судаарыстыбаҕа эти-үүтү туттарыы былаанын бэркэ сыралаһан сыллата толорор этибит. Алта сыл үлэлиирим тухары сүөһү аһылыгын дэлэччи бэлэмнээн, үлэ тэрээһинин төрдүттэн уларытан, сопхуос үлэтин барытын биригээдэ бэдэрээтигэр, хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киллэрэн, үлэбит көрдөрүүтэ лаппа тупсубута. Горнайдар бэйэлэрэ да сүрдээх туруу үлэһит дьон. Ону сэргэ эрдэ тутууга үлэлээбит, хаһаайыстыбанньык буолан эбитэ дуу, ордук үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга, тэрийиигэ суолта биэрбитим. Үлэлиир усулуобуйатын тупсардахха, дьиҥ кыһаннахха эрэ, үлэһит таһаарыылаахтык үлэлиир буоллаҕа. “Биһиги доруобуйабытыгар кыһаллар, үлэбит усулуобуйатын тупсарар сопхуос дириэктэрэ кэлэн олохпут да, үлэбит көрдөрүүтэ да тупсубута”, – диэн ахтыыларыгар суруйбуттар этэ. Алта сыл олус үчүгэйдик үлэлээн баран, оччотооҕу обкуомҥа тыа хаһаайыстыбатын салайар Михаил Ефимович дьаһалынан дойдубар үлэлии барар буолан хаалбытым. Горнайдарга махталым улахан.
– Оччолорго Михаил Ефимовичтыын үчүгэйдик билсэр этигит дуо?
– Мин Атамайга үлэлиирбэр кини тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ этэ. Үлэбит чэрчитинэн билсибиппит. Дойдубар, “Дүпсүн” сопхуоска, икки аҥаар сыл үлэлээбитим. Кылгас кэм да буоллар, эмиэ үлэһиттэр усулуобуйаларын, үлэ тэрээһиннэрин тупсарарга элбэх өрүттээх үлэни ыыппыппыт. 1989 сыллаах сайын тыа киһитигэр өҥ сайын буолбута. “Дүпсүн” сопхуос үлэһит дьоно ону мүччү туппатахпыт. 7400 туонна от бэлэмниир былааннаахпытын атырдьах ыйын 13 күнүгэр 100 бырыһыан толорон от былаанын эрдэ толорууга өрөспүүбүлүкэҕэ “абсолютнай рекорд” олохтообуппут. Дүпсүннэр ити муҥутуур ситиһиибит салайан олорор тутулбут оруола быстар мөлтөөбүт кэмэ буолан, сөпкө сыаналамматаҕа.
Ол кэннэ 1991 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бастакы солбуйааччытынан киллэрбиттэрэ. Онно сыл курдук эрэ үлэлээбитим кэннэ, оруобуна сэбиэскэй былаас эстэн, дойду үрдүнэн айдаан-куйдаан бөҕө буолбута.
– Тыый, саамай уустук кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар кэлбит эбиккин...
– Мин үлэлиир кэммэр, “хата” диэбиккэ дылы, Ельцин сопхуостары ыһар дьаһала өссө тахса илик этэ. Ол кэмҥэ Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ буолбута. Дьэ, онно ырыынак усулуобуйатыгар саҥа структуралары тэрийэн барбыта. Онно сөп түбэһиннэрэн миниистирбин П.С. Иванову атын үлэҕэ көһөрбүттэрэ. Миигин В.А. Штыров ыҥыран ылан, улуус аайы 50 тахса тэрилтэлээх “Якутагропромстрой” холбоһук салайааччытынан анаабыта. Оччолорго Штыров вице-бэрэсидьиэн. Дойдубут, чахчы да, көрдөрбүтүнэн ыһыллан-тоҕуллан барбыта. Холбоһукпут иһигэр баар 50 тэрилтэ бары тус-туһунан аахсыйалаах тэрилтэ буолбуттара. Биһиги бэйэбит аҕыйах киһилээх уонна тутуу матырыйаалынан хааччыйар базабытын тутан хаалбыппыт. Онно сэттэ сыл үлэлээбитим.
«Үтүө дьыала» хамсааһына саҕаламмыта
– Онтон 1999 сыл бүтүүтэ Михаил Ефимович аппараатыгар ыҥыран ыллылар. Дьэ, онно: “Дьону-сэргэни үлэҕэ көҕүлүүргэ, тардарга, тыа сирин олоҕун тупсарарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Үтүө дьыала” хамсааһын тэрилиннэ”, – диэтилэр. Алтынньы 14 күнүгэр хайыы үйэ дьаһал тахсыбыт. “2000 сылга – 2000 үтүө дьыаланы” диэн киэҥ далааһыннаах хамсааһынынан саҥа үйэни көдьүүстээх үлэбитинэн көрсүөхтээхпит диэн буолла. Сөбүлэҥмин ылан, сэтинньи ортотугар миигин дириэктэринэн аныыр туһунан дьаһал таҕыста. Михаил Ефимович: ““Үтүө дьыала” хамсааһыны Бырабыыталыстыба дьаһалынан тэрийиҥ, үлэни-хамнаһы быһаарыҥ”, – диэн Бырабыыталыстыбаҕа дьаһал биэрдэ. Оччолорго Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн Власов олороро. Аны туран, хамсааһыммыт норуот тутуутунан дьарыктанар диэн хантан, хайдах үбүлэнэрэ биллибэт.
– Ол хайдах? Уопсастыбаннай хамсааһын курдук буолан үбүлэммэтэҕэ буолуо дуо?!
– Онно бэрт аҕыйах буолан үлэлиир этибит. Мин эрэ соҕотоҕун хамнастаах үлэһиппин, бука, ханнык эрэ салааттан быһа тардан биэрбиттэрэ буолуо. Атыттар – сүрүн үлэлээх дьон. Матвей Мучин оччолорго Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, кини сүрүннээччи буолбута. Оттон миэхэ үс атын-атын тэрилтэҕэ үлэлии сылдьар дьону сыһыарбыттара. Ол аата, кинилэр хамнастаах үлэлэрин таһынан миэхэ көмөлөһөллөр. Биэнсийэ пуондатыттан Владимир Расторгуевы, ЫБМ үлэлии сылдьар Виктор Цыбульнигы уонна бэрэсидьиэн аппараатыгар үлэлиир соҕуруу уокурук салайааччыта Петр Чириковы сыһыарбыттара. Сүрдээх үлэһит уолаттар этэ.
Бэрэсидьиэн ыйааҕын толорон “Үтүө дыала” хамсааһыны дириэксийэтин тэрийэр, үлэтин сүрүннүүр Бырабыыталыстыба дьаһалын бырайыагын бэлэмнээн барбыппыт. Сыл бүтэһигэр “эмискэ хантан кэлэн хаалбыт тэрилтэний?” диэн, министиэристибэ салайааччылара ыарырҕаппыттара. Кэлэр сыллааҕы инбэстииссийэлээх бырагыраама хайыы үйэ оҥоһуллан, балаҕан ыйыгар бигэргэммит буоллаҕа. – Биһиэнэ сэтинньигэ саҥа тэриллэр. Утарааччылар да бааллара. Сыгынньах илиигинэн тэрийбэккин, син биир үп-харчы ирдэнэр. Бастакытынан, былаас бары министиэристибэлэрэ, биэдэмистибэлэрэ, үлэ кэлэктииптэрэ уо.д.а. “Үтүө дьыала” хамсааһыҥҥа күүстээх көмөнү оҥороҕут. Иккиһинэн, “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” былаанын бигэргэтэргэ уонна бары улуустар, куораттар салалталара, “Үтүө дьыала” хамсааһын соруктарын толоруу биир сүрүн үлэҕит буолар. Үсүһүнэн, “Үтүө дьыала” дириэксийэтэ Экэниэмикэ уонна матырыйаалынан хааччыйар министиэристибэлэри кытта нэдиэлэ иһинэн улуустары кытта төһө суумалаах үлэ оҥоһуллуохтааҕын, судаарыстыбаттан төһө көмө бэриллиэн сөбүн быһаарыҥ. Ону таһынан Үп уонна Экэниэмикэ министиэристибэлэригэр “Үтүө дьыала” дириэксийэтигэр анал пууннардаах дьаһал бырайыагын бэлэмнээҥ”, — диэн Михаил Ефимович мунньахха сорудахтаабыта. Киирсии бөҕөнөн тустаах министиэристибэлэргэ, юристарга илии баттатан, Василий Власовка киллэрэн, Бырабыыталыстыба дьаһалын бэрт түргэнник таһаартарбыппыт.
– Бу хамсааһын чопчу сыала-соруга туохха туһаайыллыбытай?
– 1992 сыллаахха сопхуостар эстэннэр, тыа сиригэр дьон үлэтэ-хамнаһа суох буолбута. Аны оройуон кииннэригэр бу сопхуостары хааччыйан олорбут тэрилтэлэр (сельхозтехника, сельхозхимия...) эмиэ эстибиттэрэ. Инньэ гынан үлүгэрдээх элбэх киһи үлэтэ-хамнаһа, харчыта суох сир-халлаан икки ардыгар хаалан хаалбыта. Атын да тэрилтэлэргэ үлэ-хамнас сүрдээҕин мөлтөөбүтэ. Хамнас да кэлбэт кэмэ буоллаҕа. Дойду үрдүнэн дьон айманан булумахтаммыта, ыһыллыы-тоҕуллуу дьүүлэ-дьаабыта суох барбыта. Аны туран, ырыынакка киирбит буолан, урукку курдук судаарыстыба көмөлөспөт, “бэйэҕитин бэйэҕит көрүнүҥ” диэн бэлиитикэ бара турара. Ол бириэмэҕэ өрөспүүбүлүкэ салалтата нэһилиэнньэ өйүн-төйүн булунарыгар, тугу эрэ дьаһанан, үлэлээн-хамсаан дьиэ кэргэнин ииттэригэр тугу эрэ гыныахха наада диэн толкуйга түспүтэ. Сопхуос саҕанааҕы судаарыстыбаннай кыра да, улахан да тутуулар ситэри тутуллубакка тохтоон хаалбыттара элбэх этэ. Саатар, бу ситэриллибэтэх тутуулары бэйэ кыаҕынан ситэрэн ыччаттарбытыгар тутан биэриэххэ диэн толкуйтан тахсыбыта диэххэ сөп. “Ситэри тутуллубатах тутуулары хайыыбытый?” диэн нэһилиэк баһылыктара, оройуон салалтата миэстэлэригэр эмиэ улахан толкуйга түспүттэрэ.
– Маннык дьалхааннаах, ыарахан кэмҥэ дьон-сэргэ тутатына ылыммыт хамсааһына бастаан туохха олоҕуран олоххо киирбитэй?
– Оччолорго Мэҥэ Хаҥалас баһылыга Георгий Михайлович Артемьев: “Үөһэттэн үп-ас түһэрэ биллибэт кэмигэр бэйэбит кыахпытынан олохпутун оҥостуохха. Төрүттэрбит ыар сылларга холкуостарын бэйэ күүһүнэн, быһаччы наадалаах тутуулары саба түһэн туппут ньымалара тилиннэриэххэ”, – диэн сүбэ булбут. Оччотооҕу холкуостар, чахчы, бэйэлэрин күүстэринэн оскуола, хонтуора, балыыһа бөҕөтүн туппуттара. Оруобуна ол кэмҥэ 2000 сыллаахха Саха сиригэр 1930 сыллаахха оройуоннар тэриллибиттэрэ 70 сылын туолуохтааҕа. Онон мэҥэлэр: “Оройуоммут төрүттэммитэ 70 сылыгар норуот күүһүнэн 70 тутууну тутабыт”, – диэн былаан оҥостон, түмсүүлэр, тэрилтэлэр бары тахсан тигинэччи үлэҕэ туруммуттара. Ситинник турунан үлэлээн-хамсаан бараллар. Михаил Ефимович мэҥэлэргэ тахса сылдьан: “Бу мэҥэлэр сөпкө да дьаһаммыттар эбит, дьон-сэргэ кыһалыннаҕына, бэйэтэ тугу баҕарар кыайар кыахтаах. Сөпкө хамсатыахха, сирдиэххэ эрэ наада”, – диэн кинилэр бачыымнарын олус биһирээбитэ. Кинилэр холобурдарыгар олоҕуран, былаас уонна норуот бииргэ үлэлииллэрин тэрийэр сыалы Бырабыыталыстыба иннигэр туруорбута. “Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Үтүө дьыала” хамсааһыны тэрийиэххэ”, – диэн дьаһал таһаарар. Бырабыыталыстыба дьаһалынан биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы “Үтүө дьыала дириэксийэтэ” тэриллибитэ. Михаил Ефимович бэйэтэ араадьыйанан норуокка туһаайан: “Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэкпит, олорор дьиэбит-уоппут тупсарын, олох-дьаһах өттүнэн күүскэ сайдарын туһугар үлэлээҥ, кыһаныҥ”, – диэн ыҥырыы таһаарбыта. Оттон биһиэхэ хайаан даҕаны 2000 үлэни буларбытыгар сорук туруорбута. Үлэ элбэх буоллаҕа, аҥаардас тутуу эрэ буолбатах. Дьэ, ол кэннэ ахсынньыга оройуоннартан былаан көрдөөһүн саҕаламмыта. Нэһилиэктэрбит, оройуоннарбыт үлэ бөҕөтүн киллэрбиттэрэ.
“2000 сылга – 2000 үтүө дьыала”
– Бэрэсидьиэммит ыҥырыытын норуот тута өйөөн нэһилиэктэртэн сайаапка бөҕө киирдэҕэ буолуо?
– Тыа сирин дьоно-сэргэтэ бэрэсидьиэн ыҥырыытын тута өрө көтөҕүллэн олоххо киллэрэрдии туруммута. Биһиги дириэксийэбит аана сабыллыбат буолбута. Уопсайа, 3500-тан тахса үлэ киирбититтэн, сүбэлэһэн, сороҕун сыыйан, 2000 үтүө дьыала былаана бигэргэммитэ. Тутууга успуорт саалалара, кулууптар, кыра балыыһа дьиэлэрэ, оскуолалар киирбиттэрэ. Ону сэргэ сайыҥҥы уу ситимэ, толору хааччыллыы, бөһүөлэги тупсарыы, былаһаакка уо.д.а.. Ол быыһыгар хаһаайыстыбалар арыы сыаҕын тутууну киллэрбиттэр этэ. Бибилэтиэкэ тутуута, онно кинигэ бэлэхтээһин курдуктар бааллара. Оскуолалар ыҥырыыны бастакынан өйөөбүттэрэ. Маҕарас оскуолатын оҕолоро “Айылҕа харыстабылыгар күүскэ дьарыктаныаххайыҥ”, диэн ыҥырыы таһаарбыттара.
– Оттон Үп министиэристибэтэ 200 мөлүйүөҥҥүтүн биэрбитэ дуу, суох дуу?
– Дьэ, харчы боппуруоһа олус кытаанах этэ. “Өрөспүүбүлүкэҕэ харчы суоҕуна ханнык эрэ нэһилиэккэ успуорт саалын тутаары гынаҕыт дуо?! Ким ону көрөр-истэр? Олорбуттарын курдук да олоруохтара, туохтарын успуорт саалатай”, – диэн бастаан утарсыы бөҕө буолбуттара. Кэлин маннык нэһилиэктэргэ бачча тутуу барыахтаах, норуот өйүүрүн, ылсан үлэлэһэн эрэрин, дьэ чахчы, хамсааһын барбытын көрөн биэрбиттэрэ. Инньэ гынан улуустарбытыгар, нэһилиэктэрбитигэр үксүлэригэр кэриэтэ тыыран баһаамы көмөлөспүппүт.
– Чахчы, тыа сирин нэһилиэктэригэр хамсааһын барбытын көрдөхтөрүнэ эрэ итэҕэйэр буоллахтара.
– Ол кэмҥэ Чурапчы Төлөйүгэр “Азаана” диэн бааһынай хаһаайыстыба баар. Салайааччыта Адамов Е.Е: “Нэһилиэкпэр бэйэм успуорт саалатын тутан биэрэбин”, – диэбит. Ону биһиги истээт да, тохсунньу ортотугар тута Чурапчыга айаннаттыбыт. Тиийбиппит, чурапчылар, чахчы, үтүө дьыаланан үлэлээри 75 үлэни былааннаан үөрэн-көтөн аҕай олороллор этэ. Улуус баһылыга А.А. Шадрин маннык диэн көрсүбүтэ: “Бигэргэммит бырагыраамаҕа улуус оҥоруохтаах үтүө дьыалата 75 диэн сылдьар. Бу күннэргэ нэһилиэктэртэн ити 75 эрэ хаайтарбакка, ким туох кыахтааҕынан үтүө дьыаланы оҥорор баҕалааҕын учуоттаан, улуус иһигэр улаатыннаран бигэргэтиҥ диэн көрдөһөр да, модьуйар да”. Уопсайынан, чурапчылар сүрдээх үлэһит, көхтөөх дьон. Нэһилиэктэри барыларын ыҥыран туран Чурапчыга дьаһалта дьиэтигэр көрсүһүү тэрийдибит. Нэһилиэктэр эбии тутуу бөҕөнү былааҥҥа киллэртэрээри туруммуттар аҕай этэ. “Азаана” бааһынай хаһаайыстыбалаах Адамовтар иккиэн кэлбиттэр этэ, бэйэлэригэр эмиэ тахса сылдьыбыппыт. 12х17 миэтэрэ иэннээх тустуу саалатын макыатын көрдөрбүттэрэ. Бэйэтэ спортсмен киһи, үс кыра оҕолоохтор. Үптээх-харчылаах баай ыал буолбатахтар, ол гынан баран төрөөбүт нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар модун санаалаах дьон этилэр. “Саалабытын тутарга көмөлөһүҥ” дииллэр. Икки өттүттэн көмөлөөн тустуубут саалатын биир сылынан бүтэрбиппит. Бу киһи онтон кынаттанан нэһилиэгэр, аны “Доруобуйаны тупсарар киин” дьоҕус дьиэ тутарга этии киллэрбитэ. Киниэхэ таһыттан тустууктар, биирдиилээн кыахтаах дьон көмөлөспүттэрэ. Аны бу нэһилиэк бүттүүн турунан салгыы бэйэтин күүһүнэн тыраассаҕа тахсар суолларын туттубуттара. “Олохоос” бааһынай хаһаайыстыба салайааччы Баһылай Смирников пиэрмэр бэйэтин күүһүнэн дьоҕус балыыһа тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Бу барыта үтүө дьыаланан тутуллубуттара. Кэнники Штыров бэрэсидьиэн буоларыгар сүүс бырыһыан куоластааннар, эмиэ үтүө дьыаланан саҕаламмыт икки этээстээх таас оскуола туппуттара.
– Тыый, төлөйдөр олох “кэһэппиттэр” дии. “Үтүө дьыала” хамсааһыныгар, бастатан туран, норуот бэйэтин көҕө, турунуута наада буоллаҕа?
–Оннук, бастатан туран, биэнсийэлээхтэр барахсаттар олус көхтөөхтүк ылсыбыттара. Бэл, кинилэр нэһилиэктэригэр туох эмэ тутулларыгар быыкаа биэнсийэлэриттэн кытары кыттыспыттара. Бэл, сорох-сорохтор ыйдааҕы да биэнсийэлэрин биэрбиттээхтэр. Кинилэри кытта учууталлар көхтөөхтүк кыттыбыттара. Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар оскуола дириэктэрэ Ирина Васильевна Черкашина көҕүлээһининэн, оскуола кэлэктиибэ бэйэтин күүһүнэн оскуолатын өрөмүөннээбитэ, интэринээтигэр үлэ бөҕөнү ыыппыта. Бастакы хараҥаччылар. Онно нэһилиэнньэ барыта үлэлэспитэ. Аны туран, нэһилиэктэр, улуустар бэйэ-бэйэлэрин истиһэ-истиһэ түһүммүттэрэ. Манна тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, хаһыат олус туһалаабыта. Хас биирдии нэһилиэк тутуутун барытын тута сырдатан иһэллэр. Биһиги сырдатыыга суруналыыстары тутан олорор этибит. Эн эмиэ оччотооҕу “Кыымҥа” элбэхтэ суруйан турардааххын.
– Оннук баара-баара... Хаста даҕаны хомондьуруопкаҕа бара сылдьыбыттааҕым. Хоту улуустар, Бүлүү эҥээрдэр төһө ылсыбыттарай?
– Орто Халыма улууһугар Сыбаатай диэн нэһилиэк баар, Орто Халыматтан бэйэтиттэн чугас сытар да, суола суох. Олор үтүө дьыаланан 28х13 миэтэрэ иэннээх кулууп туппуттара. Нэһилиэктэригэр кулууп тутулларыгар олохтоохтор бэйэлэрэ интэриэстээх буоллахтара. Онно учууталлар биирдии ыйдаах хамнастарын, биэнсийэлээхтэр эмиэ быыкаа биэнсийэлэрин биэрбиттэр, атын да матырыйаалынан көмөлөспүттэр. Төрөөбүт дойдулара сайдарын туһугар хайдах курдук кыһаллар дьонуй?! Балай эмэ улахан кулууп этэ. Холобур, Сунтаар Наахаратыгар олохтоохтор саҥа хамсааһыны сонно ытыс үрдүгэр түһэрэн, 2000 сылга “Бэрдьигэс” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга В.С. Алексеев бэйэтин харчытынан 14х15 миэтэрэ иэннээх начаалынай оскуоланы үс ыйынан тутан бүтэрбитэ. Манна эмиэ олохтоохтор үөрэ-көтө көмөлөспүттэрэ. Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгин баһылыга А.Д. Неустроев дьонун-сэргэтин түмэн, 12х90 миэтэрэ кээмэйдээх сылы быһа үлэлиир сүүрэр манеж, иккис сылыгар оскуолаҕа интэринээт остолобуой дьиэтин тутан, улуус спортивнай оскуолатын салаата аһылларын ситиспитэ.
– Ыраахтааҕы саҕана баай, кыахтаах атыыһыттар дойдуларыгар бүтүн оскуола, балыыһа тутан биэрэллэрэ. Син ол кэриэтэ, баай, кыахтаах дьон дойдуларыгар тутуутугар көмөлөстөхтөрө буолуо?
– Олус көмөлөспүттэрэ. Холобур, мэҥэ хаҥаластар үс сылга 129 араас тутууну ыыппыттара. Кинилэргэ биир дойдулаахтара, маннааҕы түмсүүлэрэ сүрдээхтик көмөлөспүттэрэ. Төҥүлү бэтэрээтигэр турар Тумулга бэйэлэрин күүстэринэн таас оскуола туппуттара. Оскуола инвест-бырагыраамаҕа киирбэккэ, сыччах икки мэссэнээт көмөтүнэн тутуллубута: “Якутзолото” салайааччыта Тарас Гаврильевич Десяткин “Нижнеленскэй” диэн хампаанньа салайааччыта Кычкин Владимир Романович. Биһиги эмиэ көмөлөспүппүт. Сити курдук, үгүс нэһилиэктэргэ биирдиилээн кыахтаах мэсэнээттэр, Дьокуускайга, атын да куораттарга олорор биир дойдулаахтара, түмсүүлэр сүрдээхтик көмөлөспүттэрэ аҕай. Холобур, Чурапчы Бахсы диэн нэһилиэгин куоракка олорор түмсүүлэрин салайааччыта, Тимофей Егоров төрөөбүт Бахсытыгар тутуу уон сыл устата олох, чахчы, ботуруйуоттаан норуот тутуутунан – “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн – 4 эбийиэги туттарбыта. Онно сэбиэскэй былаас саҕана судаарыстыба үбүнэн биир кыракый бэкээринэ дьиэтэ эрэ тутуллубут дойдута. Ол курдук, 100 оҕо үөрэнэр оскуолата таас, 40 оҕо сылдьар уһуйаан дьиэтэ, 2 кыбартыыралаах учууталлар уопсайдара, нэһилиэк хонтуоратын дьиэтэ. Уонна саамай кылаабынайа эргэ таҥара дьиэти өрөмүөннээн саҥалыы тыын киллэрбитэ. Тимофей Тимофеевич уһулуччулаах сырдык санаалаах үтүө киһи.
В.Н. Попов дириэктэрдээх Намнааҕы гимназия учууталлара гимназияларын таһыгар 15х24 миэтэрэлээх ааркалыы успуорт саалата туппуттара. Салгыы оҕолорбут сылдьалларыгар табыгастаах буоллун диэн кылаабынай куорпустан отут миэтэрэ тэйиччи турар успуорт саалатыгар тиийэр айан суолун үрдүнэн биэс миэтэрэ үрдүктээх 6х30 м кээмэйдээх сылаас “переход” туппуттара. Бу курдук, судаарыстыбаҕа сэлээннэнэн кэбиспэккэ, нэһилиэктэригэр, чахчы, наадалаах тутуулары туппуттара, олорор сирдэрин иһин-таһын тупсарыыга бэйэлэрин кыахтарынан үлэлэспиттэрэ, бэл, биирдии ыйдаах хамнастарын, биэнсийэлэрин анаабыттара. Манан кинилэр бэйэлэрин оҕолоругар, ыччаттарыгар сөптөөх услуобуйаны тэрийэргэ үлэлииллэрин тута өйдөөбүттэрэ, өйөөбүттэрэ.
Норуот бастыҥ уопсастыбаннай хамсааһына буолбута
– Хас киһи төһө харчыны ыыппытын, ким тугунан көмөлөспүтүн барытын учуоттаан, сурунан тиһэ сылдьыбыт буолуохтааххыт?
–Биир даҕаны кэппиэйкэни сыыс-буор түһэрбэккэ, барытын ааҕан-суоттаан, тиһэн отчуокка киллэрэн иһэр этибит. Оччолорго нэһилиэктэр отчуоттууллар этэ биһиэхэ. Ким эрэ баччаны, биэнсийэлээхтэр биир күннээх биэнсийэлэрин, маннык баай, кыахтаах биир дойдулаахпыт баччаны биэрдэ, ким эрэ тутуу матырыйаалын ылан биэрдэ диэн, барытын отчуоттууллар этэ. Биһиги эмиэ бэйэбит өттүбүтүттэн ханнык нэһилиэккэ тугунан көмөлөспүппүтүн барытын ааҕан-суоттаан отчуоттаан иһэр этибит. Холобур, 200 сылга норуот хамсааһынын үлэлэригэр нэһилиэнньэ баҕа өттүнэн 19,9 мөл. солкуобайы хомуйбута, 19,6 мөл.солк. сыаналаах тутуу матырыйаалын буор босхо биэрбитэ. Дьокуускай куоракка баар нэһилиэктэр түмсүүлэрэ, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр 257,6 мөл. солкуобайы уонна араас матырыйаалынан, тиэхиньикэнэн өйөөһүннэрэ улахан төһүү күүс буолбута. Өрөспүүбүлүкэ ыстатыыстыкатын управлениетын докумуонунан 2000 сылга “Үтүө дьыала” хамсааһынынан бастакы сылыгар өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уопсайа 66 успуорт саалата, 63 успуорт былаһаакката, 31 култуура-успуорт комплекса, 34 оскуола, 19 кулууп, 17 дьыссаат, 3 тустуу саалата, 2 эрчиллэр дьиэ, биир ат сүүрдэр комплекс уонна да атын эбийиэктэр, дьиэлэр тутуллубуттара. өссө көҕөрдүү, ыраастааһын, күөллэргэ балыгы үөскэтии, сайыҥҥы уу ситимин тардыы, суол оҥоруутун, ходуһалары күрүөлээһин үлэлэрэ барбыта. Быһата, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маҥнайгы сылга 5100 араас үтүө дьыала олоххо киирбитэ. Ким да соруйуута суох норуот бэйэтэ, түөлбэлэр күргүөмүнэн тахсан субуотунньуктуур буолбуттара.
– Дьэ, чахчы да, норуот күргүөмнээх үлэтинэн, турунуутунан 2000 сылга 2000 үтүө дьыаланы оҥорон саҥа үйэҕэ үктэннэхпит. Иннокентий Васильевич, хамсааһыны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэрт сатабыллаахтык үлэлэтэн, бэрэсидьиэн туруорбут соругун сүүс бырыһыан толорбуккун эбит.
– Мин эрэ толоруом дуо?! Норуот толорбута. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр 2000 сылы түмүктүүр мунньахха бу хамсааһын түмүгэ таһаарыллыбыта. Онно бу сыл үлэ бөҕөнү үлэлээбит, дьону хамсаппыт улуус, нэһилиэк ботуруйуоттара ыҥырыллыбыттара. Михаил Ефимович: “Бу ааһан эрэр үйэ бүтэһик сылыгар эһиги бэйэҕит сүрэххит баҕатынан Саха сирин устуоруйатыгар умнуллубат өйдөбүлү хааллардыгыт. Норуот бу турунуутун үтүө түмүгэ кэлэр үйэҕэ улахан сабыдыаллаах буолуо! Билэргит курдук, бу хамсааһыҥҥа оскуола оҕолоруттан кырдьаҕаһыгар тиийэ бары кытыннылар. өрөспүүбүлүкэ кинилэр холобурдарын үтүө быһыыларын кэлин да сыаналыа, махтаныа, умнуо суоҕа. “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала хамсааһын аатын уларытан “Мин Сахам сирэ – 21 үйэҕэ” диэн саҥа аатынан үлэҕитин салҕааҥ”, – диэн кэс тылын эппитэ. Михаил Ефимович тэрийбит “2000 сыл – 2000 үтүө дьыала” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын 21-с үйэ саҕаланыытыгар бастыҥ уопсастыбаннай хамсааһын быһыытынан сыаналаммыта. 2021 сыллаахха бэчээттэммит Сахас сирин устуоруйатын кинигэтин үһүс томугар киллэриллибитэ. Бу хамсааһыҥҥа үс сыл толору үлэлээбитим. Михаил Ефимович үрдүк сыанабылын ылбыппытынан, Саха сирин устуоруйатыгар суруллан “Үтүө дьыала” хамсааһын үтүө аата үйэтитиллибитигэр кылааппын баарыттан үөрэбин астынабын, “Үтүө дьыала” хамсааһын маҥнайгы сылларыгар бииргэ үлэлээбит дириэксийэм үлэһиттэригэр, кэллиэгэлэрбэр дириҥ махталбын тириэрдэбин.
– Быйыл бу хамсааһын тэриллибитэ 25 сылын туолла. Туох тэрээһини ыытаары сылдьаҕытый?
–Быйыл алтынньы 14 күнүгэр, норуот уонна былаас бииргэ үлэлииллэрин тэрийбит СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” хамсааһын соруктара диэн ыйааҕа тахсыбыта 25 сылын туолла. Дьон-сэргэ ылыммыт үлэ хамсааһынын сүҥкэн суолтатын бэлиэтээн, от ыйын 11 күнүгэр “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” үлэ хамсааһына тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев дьаһала тахсыбыта. Билигин Сахабыт сиригэр киинэ индустрията лаппа сайынна. Бу хамсааһыҥҥа норуот бүттүүн туруммутун туһунан биир эмэ уус-уран киинэ усталлара, саха суруйааччылара айымньы суруйаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Төрөөбүт дойдуга эргиллии
– Дьэ, хамсааһынынан бүтүн өрөспүүбүлүкэни өрө туруоран баран, аны дойдугар баһылыктыы тахсыбытыҥ.
– Биир дойдулаахтарым тылларыгар киллэрэн, аны Уус Алдан улууһун баһылыгын талар быыбарга кыттар буолбутум. Быыбарга талыллан дойдубун туругурда таҕыстым. Хайдах эрэ эрдэттэн дойдубар баран үлэлиэхпин баҕара саныыр этим. Ол да кэмҥэ мин хамсааһыҥҥа үлэлиир кэммэр саҕаламмыт тутуулар бара тураллара. Кырдьаҕастары, бэтэрээннэри кытта көрсүһүүбэр дьонум этиннилэр: “Иннокентий Васильевич, биһиги улуус аҕыс Дьоруойдаахпыт. Хайа да улууска биһиги курдук элбэх дьоруойдара суох. Онон аллея тутар былааннаах этибит да, онтубутун кыайбакка сылдьабыт диэбиттэрэ. Мин сэҥээрэ истибитим. Биһиги улууспут, чахчы, аҕыс сэрии, үлэ Дьоруойдаах. Чэ, тутуохха диэн буолла. Урут райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Николай Ефремович ыһыахтыыр сирбитигэр диэтэ. Ыһыахтыыр сирбит сэлиэнньэттэн тэйиччи. “Онно дьон сылга биирдэ эрэ тиийиэ. Онон дьон-сэргэ хараҕын далыгар, наада буоллаҕына сынньанан да ааһалларын курдук сэлиэнньэ ортотугар тутуохха”, – диэтим. Дьаһалта дьиэтин утары Бороҕон саамай улахан уулуссатын кэккэлэһиннэрэ миэстэ таһааран, онно тутар буоллубут. Онно бэйэбит харчыбытынан туппуппут. Дьон эмиэ көхтөөхтүк кытынна, актыбыыстар нэһилиэктэртэн барытыттан икки мөлүйүөн солкуобайы хомуйдулар. Ол да буоллар син биир харчыбыт тиийбэтэ. Инньэ гынан улуус бүддьүөтүттэн эмиэ балатраа мөлүйүөн курдугу биэрбиппит. Ону сэргэ биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбыт эмиэ харчынан көмөлөспүттэрэ. Аллеябытын туппуппут, дьоруойдар боруонса бүүстэрин маннааҕы скульптордарга оҥорторбуппут. Мин убайым саха уолаттарын мунньан оҥорбуттара. Дьоруойдарбытын барыларын тэҥ саастыы сатаабыппыт. Ким эрэ кырдьаҕас, эдэр буолбат буоллаҕа. Кыайыы 60 сылыгар тутан бүтэрбиппит. Дмитрий Пухов наһаа үчүгэй ыстатыйа суруйбута. Арыллыытыгар киһи бөҕөтө тоҕуоруспута, дьоруойдар аймахтара кэлбиттэрэ. Уус Алдаҥҥа кэлин өссө икки Дьоруой баар буолла. Үс Үлэ Албан Аат уордьан толору кавалера Готовцев М.Н Арассыыйа Үлэ Дьоруойун аатын 2014 сыллааххаха ылбыта. Кини икки төгүл Үлэ Дьоруойа. Онтон тохсус дьоруойбут – АБДь байыаһа “Алёша” тааҥкаҕа Алексей Неустроев. 2023 с.
– Холбоон, уон Дьоруойдаах буоллаххыт...
–Аллеябытын тутан баран: “Дойдубутугар Дьоруойдар анал күннэрин олохтуоҕуҥ”, – диэн этии киллэрдим уонна 2006 сыллаахха сайын атырдьах ыйыгар дьаһал таһаарбытым. Кэлэр көлүөнэнэ ыччат төрөөбүт дойдугар тапталы иҥэринэригэр, дьоруойдарын сүгүрүйэ, киэн тутта билэ сырытыннар диэн – балаҕан ыйын төрдүс нэдиэлэтин бүтэһик күнүгэр диэн олохтообуппут. Онно сылын аайы араас эйгэттэн бастыҥ үлэһиттэргэ гранд туттарар туһунан дьаһал таһаарбытым. Мин баарбына бэлиэтээбиппит. Барбытым кэннэ салҕаабыттара да, кэнники сылларга мөлтүү быһыытыйбыта. Биһиги кэннибититтэн сыл буолан баран Владимир Путин Арассыыйа үрдүнэн ахсынньы 9 күнүн Дьоруой күнүнэн биллэрбитэ. Инньэ гынан биһиги дьоммут кэлин Арассыыйа күнүн кытары бэлиэтиир буолбуттара. Мин ону утара сатыыр этим. Биһиги улуус Арассыыйаҕа бастакынан Дьоруой күнүн олохтообут дьон буоллахпыт диэн, урукку күнүгэр бэлиэтиири туруорсарым. Аммосов Василий Иванович баһылык буолан баран, мин этиибин ылынан, балаҕан ыйын 25 күнүгэр сыҕарытан сыл ахсын тэрээһиннээхтик бэлиэтиэхпит диэн дьаһал таһаарбыта. Быйыл сүрдээх үчүгэйдик бэлиэтээбиппит. Үтүө дьыалаҕа биир эмиэ улахан хамсааһын буоллаҕа. Ким да тутуҥ диэбэтэҕэ, бэйэбит баҕабытынан улууспут Дьоруойдарын үйэтитэр, үүнэр көлүөнэҕэ көрдөрөр-билиһиннэрэр сыаллаах өйдөбүл аллея буоллаҕа. Биһиги, Уус Алдан дьоно, ыччата Дьоруойдар курдук үлэни өрө тутан олоруохтаахпыт! Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ да, Арассыыйаҕа да бастакынанан улууспут Дьоруойдарын чиэстиир өрө тутар күнү олохтообуппутун киэн туттабыт. Балаҕан ыйын 25 күнэ биһиэхэ Ытык күн буолуо. Суолтата өссө улаатан үрдээн иһиэ.
– Дьэ, кырдьык, сопхуос саҕаттан үлэ бөҕөнү үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ далааһыннаах үтүө дьыала хамсааһынын үлэлэппит, улуускун тахсан сайыннарбыт салайааччы буолаҕын. Өссө төгүл “Үтүө дьыала” хамсааһына тэриллибитэ 25 сылынан эҕэрдэлиибин!
Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.