Өрөспүүбүлүкэбитигэр “Саха сирэ 21-с үйэҕэ” диэн “Үтүө дьыала хамсааһын” үлэлээбитэ 25 сыл буолла. Бу сыллар тухары үгүс улууска, нэһилиэккэ бэйэ күүһүнэн социальнай эбийиэк бөҕөтө тутулунна. Бэлиэ күҥҥэ сыһыаран, Тутуу министиэристибэтин, “Үтүө дьыала” отделын “Кыым” хаһыат, “Ил Түмэн” Бэчээт дьиэтин кыттыылаах форсайт-сессията буолан ааста.
Тэрээһини “Ил Түмэн” Бэчээт дьиэтин салайааччыта Мария ХРИСТОФОРОВА, “Ситим” медиа-бөлөх шеф-эрэдээктэрэ Владимир СТЕПАНОВ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Манна Ил Түмэн дьокутааттара, министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, “Үтүө дьыала” хамсааһын бэтэрээннэрэ, актыбыыстара кыттыыны ыллылар. Маны сэргэ куйаар нөҥүө ыраахтан сүүрбэччэ улуус, нэһилиэк баһылыктара, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Мария ХРИСТОФОРОВА, “Ил Түмэн” Бэчээт дьиэтин салайааччыта:
– Күндү бүгүҥҥү тэрээһин кыттыылаахтара, бастатан туран, “Үтүө дьыала” хамсааһын, чахчы да, норуот олоҕо тупсарын туһугар үйэ чиэппэрэ үлэлээн кэлбит бастакы тэрээһининэн эҕэрдэлиибин! 2000 сыллаахха Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев аан бастаан бу үтүө хамсааһыны саҕалыырыгар ыҥырыы таһаарбыта. Улуустар бары кэриэтэ биир киһи курдук өйөөбүттэрэ. Нэһилиэктэргэ, улуус кииннэригэр, куораттарга “Үтүө дьыала” хамсааһына тигинэччи киирбитэ. Ол саҕана Арассыыйаттан “нэһилиэккитигэр оскуола тутуллар” диэн харчы биэрбэт кэмнэрэ этэ. Хата, дьон-сэргэ ыҥырыыны сөпкө ылынан, тутууну бэйэлэрин илиилэригэр ылбыттара, күргүөмүнэн үлэлээбитэрэ, харчы хомуйбуттара.
Виктор Романов, СӨ тутууга миниистирэ:
– “Үтүө дьыала” хамсааһына “1999 сыллаахха мэҥэ хаҥаластар улуустарын 70 сылыгар анаан 70 үтүө дьыаланы оҥоробут” диэн бачыымнарыгар сигэнэн саҕаламмыта. Хата, ол кэмҥэ Бастакы Бэрэсидьиэммит мэҥэлэр бачыымнарын өйөөн, аны бу үтүө дьыала бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” диэн хамсааһын саҕаламмыта. Норуот хамсааһына – модун күүс. Хас биирдии нэһилиэккэ, улууска үлэ барбыта. Дьон-сэргэ олорор нэһилиэктэригэр туох эбийиэк ордук наадалааҕынан көрөн, нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар бары биир сомоҕо буолан туруммуттара. Онон бу хамсааһын тэриллэн үлэлээбитэ 25 сылыгар барда. Биллэн турар, ханнык баҕарар хамсааһын ким эрэ көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн, сылтан сыл өссө сайдан күн бүгүҥҥэ диэри салҕанан бара турар. Билиҥҥи кэмҥэ бэлиэтээн көрөр буоллахха, өрөспүүбүлүкэбит улуустарын нэһилиэктэригэр уопсайа 1200 оскуолалар, оҕо уһуйааннара, култуура, успуорт эбийиэктэрэ тутуллан тураллар. Бүгүн бу үтүө дьыалаҕа урукку да, кэнники да сылларга барытыгар кыттыспыт, үлэлэспит, ыкса сыһыаннаах дьон мустан форсайт-сессия ыытан, төгүрүк остуол тула кэпсэтии ыытан эрэбит. Инникитин бу “үтүө дьыала” хайысхата хайдах ньымалаах үлэлиэхтээҕий? диэн боппуруоһу ырытыахпыт, санаа атастаһыахпыт. Билигин чопчу быһаарыстахпытына, кэлэр сылларга ньыматын уларытыахха да сөп.
Бүгүҥҥү тэрээһин саҕаланыыта, СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов үтүө дьыала хамсааһын урукку-билиҥҥи актыбыыстарыгар, бэтэрээннэригэр түөскэ анньынар анал бэлиэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата.
“Үтүө дьыала” саҕалааччылара
Алексей ПЕТРОВ, “Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспата” ГКУ иһинэн үлэлиир “Үтүө дьыала” хамсааһын салаатын начаалынньыга бу үтүө дьыала бүгүҥҥүтүн, инникитин туһаайан эттэ:
– “Үтүө дьыала” өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар, нэһилиэктэригэр үгүс социальнай эбийиэктэр тутуллаллар. Аан бастаан хайдах саҕаламмытын, улуустарга, нэһилиэктэргэ төһө эбийиэк тутуллубутун, норуот хайдах курдук биир сомоҕо буолан үлэлээбитин биһиги бэтэрээннэрбит, кырдьаҕастарбыт бэйэлэрэ кэпсиэхтэрэ.
Иннокентий БОЧКАРЕВ, “Үтүө дьыала хамсааһын” бэтэрээнэ:
– Ил Дархан “Үтүө дьыала” 25 сылын бэлиэтиир туһунан дьаһал таһаарбытыгар биһиги, бу дьыала бэтэрээннэрэ, махтанабыт. “Үтүө дьыала” 25 сыл тигинэччи үлэлээн кэллэ, илиитэ-атаҕа да уһаата. Михаил Ефимович бу хамсааһын тэрээһинин бэйэтинэн хонтуруолга ылбыта, көрбүтэ-истибитэ. Бастакы үс сыл үлэлиирбэр күүстээх үлэ барбыта. Сорох нэһилиэккэ урут сэбиэскэй саҕана тутуллан иһэн быраҕыллыбыт тутуулар туран хаалаахтаабыттар этэ. Олору чөлүгэр түһэрэргэ, хаттаан тутарга сүрдээх улахан үлэлэр ыытыллыбыттара. Уопсайынан, 76 успуорт саала, 98 култуура дьиэтэ, 80 үөрэх дьиэтэ тутуллубута уонна сороҕо өрөмүөннэммитэ. “2000 сылга 2000 үтүө дьыаланы” былааҥҥа киллэрбиппит. Манна аҥаардас тутуу эрэ буолбакка, нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыы, ыраастааһын, былаһаакка, искибиэр тутуута, уу ситимин тардыы курдук үлэлэр эмиэ ыытыллыбыттара. Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар, дьиэ кэргэн экэниэмикэтин тупсарыыга эмиэ үлэлэспиппит. Маныаха, улуустар, нэһилиэктэр, уопсайынан тыа сирэ бүтүннүү туруммута. Оҕотуттан эмэнигэр тиийэ үлэлэспиттэрэ. Ону сэргэ мэссэнээт үлэтэ олус таһаарыылаахтык ыытыллыбыта. Биир дойдулаахтар, түмсүүлэр нэһилиэктэригэр улаханнык көмөлөспүттэрэ. Бары “үтүө дьыаланы оҥордорбун” диэн санаалаах кыттыспыттара. Уопсайынан, бу хамсааһын үлэнэн дьону иитэр соруктаах этэ. Оннук да буолбута. Нэһилиэк дьоно бары биир сомоҕо буолан нэһилиэктэригэр наадалаах тутуу бөҕөнү ыыппыттара.
Роза Евсеева, “Үтүө дьыалаҕа” саамай уһуннук үлэлээбит бэтэрээн:
– Бу хамсааһыҥҥа 17 сыл үлэлээбитим. Улуустары кытта хайдах үлэлэспиппитин этиэм. 1200 эбийиэк тутулунна. Саамай элбэх тутуу Чурапчы улууһугар 117 тутулунна, Мэҥэ Хаҥаласка – 100, Уус Алдаҥҥа – 70, Намҥа – 69, Сунтаарга – 60, Аммаҕа – 55, Бүлүүгэ – 53, Үөһээ Дьааҥыга – 52, Хаҥаласка – 52, Ньурбаҕа – 47, Тааттаҕа – 44, Үөһээ Бүлүүгэ – 43, Горнайга – 41, Кэбээйигэ – 34, Өлүөхүмэҕэ – 33, Орто Халымаҕа – 28, Томпоҕо – 28, Өймөкөөҥҥө – 27, Муомаҕа – 18, Өлөөҥҥө – 16, Абыйга – 14, Усуйаанаҕа – 13, Уус Майаҕа – 12, Үөһэ Халымаҕа – 11, Эдьигээҥҥэ – 10, Ленскэйгэ – 10, Нерюнгрига – 9, Эбээн Бытантайга – 9, Булуҥҥа – 8, Алдаҥҥа – 7, Аллайыахаҕа -7, Мииринэйгэ – 7, Дьокуускайга – 7, Анаабырга – 6, Аллараа Халымаҕа – 2. Юрий Михайлович эппитин курдук, сорох улуустар олох кыттыбакка олорбуттара. Саамай улахан үлэ көхтөөхтүк үлэлиир баһылыктаах нэһилиэктэргэ, улуустарга барар этэ. Холобур, улуус аайы биһигини кытары ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр, тутууга эппиэттээх үлэһит баар буолааччы. Онон ханнык улууска туох тутулларын билэр этибит. Нэһилиэктэр бэйэлэрэ эмиэ биһиэхэ быһаччы тахсаллар этэ.
Харчы көрүллүүтэ уонна бүгүҥҥү кыһалҕа...
Биллэн турар, улахан хамсааһыҥҥа, буолаары буолан, норуот уонна былаас өттүттэн дириэксийэ, министиэристибэлэр куолаан тутар тутууларыгар кэккэ кыһалҕа баара өйдөнөр.
“Үтүө дьыала” хамсааһыныгар баара-суоҕа 100 мөлүйүөн эрэ көрүллэн турбут. Бу суума, биллэн турар, кыра да эбийиэккэ тиийбэтэ өйдөнөр. Тиийбэт тирии, тарпат тараһа диэххэ сөп... “Хата, дьокутааттар өйөөннөр, бу 25 сыллаах үбүлүөйдээх сылга, хамсааһыммытыгар 300 мөлүйүөн көрүлүннэ. Аныгыскы сылларга салгыы да маннык көрүллэн, нэһилиэктэрбитигэр дьиэлэр-уоттар тутулла тураллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын”, – диэн тутуу миниистирэ үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.
Юрий НИКОЛАЕВ, Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Билиҥҥи тутуу кэнсиэпсийэтинэн, хайысхатынан кыра ахсааннаах нэһилиэктэргэ бу “Үтүө дьыала” эрэ чэрчитинэн социальнай эбийиэктэр тутуллар кыахтаннылар. Махтаныахха наада, бу хамсааһыны саҕалаабыт убайдарбытыгар! Биһиги Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ үлэлии турар биир улахан хамсааһына – “Үтүө дьыала”. Онон Михаил Ефимович аата ааттанарын тухары бу хамсааһын тохтуо суоҕа диэн эрэнэбин. Тыа сиригэр тутуллар социальнай эбийиэктэр чэрчилэринэн “үтүө дьыала” сөп хайысханан үлэлии турар. Ол гынан баран, хамсааһын үлэтэ өссө күүһүрэрин курдук, уларытыылары киллэрэр уолдьаста. Билигин тутуллар социальнай эбийиэктэри барытын үтүө дьыала иһинэн аһарар, нэһилиэктэр бэйэлэрин баҕа санааларын тутар билиҥҥи кэмҥэ олус ыараата. Бүддьүөттэн да көрүллэр харчы, хомойуох иһин, аҕыйыыр туруктаах. Онон нэһилиэк бэйэтэ эппитинэн, кинилэр бу эбийиэги сайаапка курдук киллэрэллэриттэн тутулуга кыччаан хаалар. Мин санаабар, маны хайдах эрэ ыраастаан, үтүө дьыаланан нэһилиэктэргэ соцэбийиэктэри тутарга аналлаах испииһэги көрөн оҥоруохха наада.
“Үтүө дьыаланы” дьокутааттар күүскэ өйүүбүт. Тоҕо диэтэххэ, тыа улуустарыттан турбут дьокутааттар. Кинилэр бу үтүө дьыаланы сөпкө өйдүүллэр уонна өйүүллэр. Харчы тыырыыга күүскэ үлэлэстилэр. Бүддьүөт олох боростуойа суох. Инвест-бырагыраамаҕа сыһыардахха олох уустук. Тоҕо диэтэххэ, бу федеральнай тутууларга бэйэбит өттүбүтүттэн эмиэ харчы көрүөхтээхпит. Холобур, кырыымчык кэмнэргэ даҕаны, тыа сиригэр олох тутуу барыа суоҕа диэн, үтүө дьыала суумата бакаа кыччаата. Ол гынан баран икки сылга 500 мөлүйүөн буолар. Кэлэр да сылларга эптэрэргэ үлэлэһиэхпит. Хамсааһын бэйэтэ түһэн биэриэ суохтаах, тутуу хаачыстыбата тупсуохтаах, дьон махталын күүскэ ылыахтаах. Саамай сүрүнэ диэн, дьон баҕарар эбийиэктэрэ тутуллуохтаахтар. Нэһилиэк бэйэтэ быһаарыахтаах. Хаачыстыбалаахтык уонна түргэнник тутуллуохтаахтар. Бары кыттыһыахтаахтар диэҥҥэ бэрээдэк уларыйыан наада. Мас эбийиэк олох көҥүллэммэт. Онон мас кэрдэр үлэ ыытыллыбат. Оччоҕо нэһилиэк тугу утары уунуохтааҕый, улуус бэйэтэ төһөнү биэриэхтээҕий диэн боппуруоска үлэлэһиэххэ наада. Нэһилиэктэрбит, улуустарбыт бүддьүөттэрэ эмиэ кырыымчык. Мин санаабар, комплекснай соҕус буолуохтаах. Холлоҕоһо тутуллуохтаах, ис өттүгэр министиэристибэ үлэлэһиэхтээх, оттон улуус эмиэ хайа эрэ өттүгэр тус миэстэтин булуохтаах. Ол аата, нэһилиэк араас бырагыраамаҕа кыттар буоллаҕына, үтүө дьыаланан тутуллар эбийиэк ситэригэр бэйэтин бырагыраамаларыттан ылыахтаах. Атын бырагырааманан киирэн миэбэли дуу, тугу дуу хааччыйыахтаах.
Мария ТУРАНТАЕВА, култуура миниистирин солбуйааччы:
– “Үтүө дьыала”, чахчы даҕаны, үгүс үтүөлээх. Ол курдук, бу хамсааһын баар буолан, нэһилиэктэргэ, улуустарга үгүс култуура эбийиэктэрэ, ол курдук, култуура дьиэлэрэ, бибилэтиэкэлэр, түмэллэр бары “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн тутулуннулар. Мантан салгыы үлэлэһэргэ эмиэ бэлэммитин биллэрэбит. Ол гынан баран маннык этиилээхпит. Дьиэ тутулларыгар аҥаардас холлоҕоһун, дьиэтин тутуутун эрэ көрөллөр. Ситэри ис өттө, уота-күөһэ эмиэ көрүллэрэ эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Эбэтэр маныаха ураты ньыманы толкуйдуохха наада. Холобур, холлоҕоһун эрэ тутар буоллаҕына, атын өттүгэр улуус бэйэтэ эбээһинэс ылынара буоллар. Биһиги өйдүүрбүтүнэн, урут 30 бырыһыанын – үтүө дьыаланан, 30 бырыһыанын – улуус уйунара, 30 бырыһыанын бүддьүөт таһынан үбүлэнэрэ. Улуустар бэйэлэрэ эппиэтинэс ылыналлара. Мин санаабар, оччотугар тутууларбыт да элбиэ этилэр. Аҥаардас бүддьүөккэ эрэ сэлээннээн кэбиспэккэ, араас өттүттэн көмөлөөн тутуо этибит.
Успуорт министиэристибэтин тутууга эппиэттээх үлэһитэ Виталий Григорьев:
– Биһиги бу хамсааһыны кытта ыкса үлэлэспиппит ыраатта. 2000 сыллартан успуорт хайысхаларыгар бэрт элбэх эбийиэк тутуллан киирдэ. Биһиги биир этиилээхпит. Тутуллар эбийиэктэр бырайыактыыр сыаналара күн-түүн үрдүү турар. Модульнай успуорт саалалара диэннэр киирэн эрэллэр. Балары хапытаалынай тутуу курдук оҥорон баран, эмиэ үтүө дьыала чэрчитинэн туттахпытына, сыаната арыый чэпчэки буолуо этэ.
Тэрээһиҥҥэ ыраахтан сүүрбэччэ нэһилиэк баһылыктара киирэн кыттыыны ыллылар. Олортон Василий ФИЛИППОВ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун тутууга эппиэттээх үлэһитэ:
– Мэҥэ Хаҥаласка улууһугар Георгий Артемьев бу “Үтүө дьыала” хамсааһынын саҕалаабыта. “Үтүө дьыала” 20 сыла Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллыбыта. “Үтүө дьыала” чэрчитинэн биһиги кытыы, кыра да, улахан да нэһилиэктэрбитигэр тутуу бөҕө буолбута, буола да турар. Холобур, Өлөчөйгө элбэх өрүттээх успуорт саалата тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Саҥа саҕалааһын быһыытынан, быйылгыттан тыа сиригэр саҥа үлэлии кэлэр исписэлиистэргэ, учууталларга, быраастарга дьиэ тутуута күүскэ саҕаланан эрэр. Үтүө дьыала хамсааһын инникитин да үлэлии турдун! “Үтүө дьыала” чэрчитинэн оскуола дуу, дьыссаат дуу холлоҕоһо тутуллар. Онтон атына “саатар” хас эрэ бырыһыана быһаарыллара буоллар, биһиэхэ улахан көмө буолуо этэ.
Уларытыылары киллэрэр уолдьаста...
Юрий Николаев, Ил Түмэн дьокутаата:
– Мин бу “үтүө дьыалалары” кытта үлэлэспитим балай эмэ буолла. Оскуола да буоллун, дьыссаат да буоллун, үтүө дьыаланан тутуллубут дьиэлэр улахан инвест-бырагырааманан тутуллубут эбийиэктэри кытта тэҥ хаачыстыбалаахтар. Биллэн турар, тутааччылартан улахан тутулуктаах. Хомойуох иһин, хойукка диэри улуус салайааччылара “Үтүө дьыала” хайысхатын өйдөөбөккө, сорох нэһилиэккэ туох да тутуллубата. Саҥа өйдөнөн киирэ сатыыллар.
Александр Иванович Корякин салайар кэмитиэтэ, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ да эдэр исписэлиистэри дьиэнэн хааччыйыыга “Үтүө дьыала” эрэ чэрчитинэн дьиэлэр тутуллар кыахтаахтар. Хаһан даҕаны уопсай инвест-бырагырааманан исписэлиистэр дьиэлэрэ тутуллар кыахтара суох. Онон түөрт, аҕыс кыбартыыралаах кыра дьиэлэри тутуу саҕаланан барар. Өйдөөбүт нэһилиэк, улуус баһылыктара былыр үйэҕэ маны билэн, хайыы үйэ бу дьиэлэри тутан бүтэн олороллор. “Үтүө дьыаланы барытын исписэлиистэргэ, дьиэ тутуутугар ыытыахха” диэни мин сөбүлээбэтэҕим. Билигин дьэ өйдөөн эрэллэр быһыылаах. Сорох нэһилиэктэр оннук дьаһанан олороллор. Ол гынан баран кинилэр туохтарын буруйай. Холобур, “исписэлиистэр дьиэлэрин тутуутугар харчы ылбыккыт, дьыссаат тутуутугар биэрбэппит” дииллэрэ сыыһа. Бу “Үтүө дьыаланы” хайдах уларытар ньыматын толкуйдаатыбыт. Бастатан туран, дьиэ тутуутун хайдах эрэ бырыһыаннаан, уопсай сууматтан хас эрэ бырыһыанын дьиэ тутуутугар барыахтаах диэҥҥэ сөбүлэһэбин. Иккиһинэн, хоту улуустарга исписэлиис тиийбэтинэн сайаапка кэлэрэ олох мөлтөх этэ. Хоту улуустарга тутуллар “Үтүө дьыаланы” туһунан араарыахха наада! Бу олох сөптөөх хайысха дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, хоту улуустар кэккэ биричиинэнэн сайаапкаларын баттаһа биэрбэттэр. Биэрдэхтэринэ даҕаны, кинилэр сайаапкаларын хаачыстыбата быстар мөлтөх, ситэтэ суох буолар. Онон, биллэн турар, бэтэрээҥҥи улуустарга кыайтараллар. Хоту улуустары киин улуустары кытары тэҥҥэ тутуо суохтаахпыт. Тутууга да оннук балаһыанньа. Уопсайынан, хоту тутууну ыытарга кыһалҕа баар. Билигин үчүгэй хаачыстыбалаахтык тутар тэрилтэни булар уустугурда. Онно, бастатан туран, матырыйаалларын, тиэхиньикэлэрин барытын тиэйэн илдьиэхтэрин наада. Онтон база тэриниэхтэрин, карьер булуохтарын наада. Биир эбийиэги тутан баран, атын эбийиэктэрэ суох буоллаҕына, бу дьонуҥ көһөн күккүрээн кэлэллэр, базалара, карьердара барыта сабыллар. Онтон сыл буолан баран эмиэ тутабыт диэн буоллаҕына, тутааччылартан куонкуруска ким да кыттыбат. Бу – хоту улуустарга биир улахан кыһалҕа! өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин: хотуларга инвест-бырагырааманы да, үтүө дьыаланы да туһунан көрүөххэ наада!
Иван ЕМЕЛЬЯНОВ, “Үтүө дьыала” хамсааһыны 2003–2017 сылларга салайбыт бэтэрээн:
– “Үтүө дьыала” хамсааһынын үлэтэ сүрдээх тэрээһиннээхтик саҕаламмыта. Элбэх тутуу барбыта, хаачыстыбалара да үчүгэйдэрэ. Мөлтөх тутуу баар диэн өйдөөбөппүн, олохтоох дьон бэйэлэрэ нэһилиэктэригэр тутар буолан олус кыһаллан үлэлээбиттэрэ. “Үтүө дьыала” хамсааһыны салгыы хайдах оҥоруохха сөбүй? Билигин өссө тупсарыахха наада. Ыраах сытар хоту улуустарга тутуллар тутуулары манна бэлэмнээн баран, илдьэн туруортаан кэбиһиэххэ наада. Мантан бэлэми илдьэн. Билигин урукку курдук буолбатах, тутуу матырыйаала элбэх, барыта баар. Урут харчыбыт да суох, тутуу матырыйаала да суох этэ. Син хайдах эрэ үлэлээн кэлбиппит.
Иван ГОРОХОВ, Эбээн Бытантай улууһугар 2000–2018 сыллардааҕы баһылыга, бэтэрээн:
– Эбээн Бытантай улууһугар 2000 сылтан ыла 18 сыл баһылыктаабытым. Бу сыллар тухары биһиги улууспутугар “Үтүө дьыала” хамсааһыныгар күүскэ үлэлэһэн кэлбиппит. Бу хамсааһынынан улуус дьаһалтатын дьиэтин уонна улахан успуорт саалата туппуппут. Бу хамсааһын суоҕа буоллар, тыа сирэ хаалыа этэ, туох да тутуу барыа суох этэ. Инвест-бырагырааманы күүтэн олорбуппут буоллар, биһиэхэ оскуола да, успуорт саалата да туох да тутуллуо суох этэ. Үс нэһилиэкпэр успуорт комплексын, икки нэһилиэккэ успуорт саалатын балыыһа туппуппут. Чэ, ситинник аахтахха, тутуубут элбэх. Иннокентий Васильевич чахчы ис дууһатынан үтүө дьыала хамсааһыныгар ыалдьар этэ. Биһиэхэ хаста даҕаны кэлэн барбыта.
Иннокентий АММОСОВ, Чурапчы улууһун 2002–2008 сыллардааҕы баһылыга, бэтэрээн:
– Үтүө дьыала бу 25 сыл устата бэйэтин кэмигэр син аналын толорон кэллэ. Нэһилиэнньэ сүрдээҕин көхтөөхтүк кытынна. Ыччаты тыа сиригэр олохсутар наадаттан хас нэһилиэк аайы дьоҕус оскуолалары, дьыссааттары, успуорт кииннэрин, кулууптары тутуохха, суолу-ииһи оҥоруохха, ыал дохуоттаах буоларын ситиһиэххэ диэн сүрүн-сыалбыт буолар этэ. Оттон бүгүн “Үтүө дьыала” кэскилин көрдөхпүнэ, ити барыта хаалар кутталлаах! Оҕо төрөөһүнэ аччаата, ыччат олохсуйбат, үлэ суох, нэһилиэктэр кураанахсыйдылар. Үгүс нэһилиэккэ, оҕо да төрөөһүнэ суох! Ол иһин, билигин үлэлии олорор нэһилиэк баһылыктара кыбыстан даҕаны дьыссаат тутуутун туруорсубаттар. Тоҕо диэтэххэ, бэлиитикэ үөһэттэн атыннык бара турар. Тыа сиригэр ыччат тохтообот буолла даҕаны – ханнык да “Үтүө дьыала” өнүйбэт. Биһиги билигин тыа сирин сайыннарар кыахпыт суох. Оттон билигин атын кэм. өскөтүн биһиги тыа сиригэр ыччаты олохсутар буоллахпытына, үлэ миэстэтин таһаарыахтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүөһү аччаан турар. “Бачча көмөнү оҥордубут” диэн кэпсэнэр салайааччылар бааллар. Ол гынан баран миэстэтигэр тахсан көрүҥ ээ: онно балаһыанньа букатын атын. Онон, мин саныахпар, бүгүҥҥү кэпсэтиигэ ыччаты хайдах гынан тыа сиригэр олохсутабыт диэн буолуохтаах. Сылгыны элбэтии, сүөһүнү ииттии, дохуоттаах салааны тэрийии буолар. Дьэ, манна биһиги “үтүө дьыала” чэрчитинэн көмөлөһүөхпүтүн наада. Аны бу дьон бары чааһынайдар. Ханнык киһи бэйэтэ кыаммакка олорон бу киһиэхэ көмөлөһүөй? Дьыссаат, оскуола тиэмэтин тохтотуохха наада. Холобур, Чурапчыга оскуолата суох икки нэһилиэк хаалла. Оҕо тиийбэт, учуутал тохтообот, үлэ суох, ыччат барар, эдэр ыал олохсуйбат, төрүөх суох. Ханна үлэ баарыгар, киэҥ, сайдыылаах сиргэ барар. Ол иһин нэһилиэк дьыссаатыгар бэрт аҕыйах оҕо сылдьар. Ол иһин нэһилиэктэргэ анаан тахсан көрөн баран, оскуола, дьыссаат тутуутун аччатыахха наада. Ол оннугар сүөһү иитиитинэн дьарыгырар ыччаты, эдэр дьону өйүүр ордук буолуо этэ. Кинилэр хотон тутталларыгар көмөлөһүөххэ наада. Бырайыактааччыларга, тутааччыларга төлөөн үлүгэрдээх үпкэ-харчыга туттараллар. Манна соҕотох тыа хаһаайыстыбата көмөлөһөр кыаҕа суох. Онон Үтүө дьыала чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо хотоннорун тутуутугар көмөлөстөхпүтүнэ эрэ тыабыт сирин тутан хаалар кыахтаахпыт.
Григорий ГУЛЯЕВ, Нам улууһун, Түбэ нэһилиэгин баһылыга:
– Кырдьык даҕаны, Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев бу “үтүө дьыала” хамсааһынын олоххо киллэриэҕиттэн Саха сирин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр тутуу бөҕө ыытыллыбыта. Онно, кырдьык, норуот бүттүүн турунан үлэлээбитэ. Ону кытары “Үтүө дьыала” дириэксийэтэ күүскэ үлэлээбитэ, билигин даҕаны үлэлиир. Мин Иван Емельяновка, Алексей Петровка махтанабын. Кинилэр Нам улууһугар элбэхтик кэлэ сылдьыбыттара. Мин 2008 сылтан Нам улууһугар баһылык солбуйааччытынан анаммытым. Баһылыкпыт Альберт Ильин тутуу киһитэ буолан, улууспутугар улахан хапытаалынай тутуулары саҕалаабыта. Нам улууһугар, уопсайа 69 эбийиэк тутуллубут эбит буоллаҕына, мин онтон 25-гэр быһаччы үлэлэспитим. Манна, кырдьык даҕаны, бырабыыталыстыба, дьокутааттарбыт бу хамсааһыны өйөөн, олоххо киллэрэн, сыл аайы үп-харчы көрөн, хамсааһын тохтообокко үлэлиир. Хамсааһын 25 сыл тухары судаарыстыба араас хайысхатыгар сөп түбэһэн, ырыынак экэниэмикэтин ирдэбилинэн син барсан иһэр. өскөтүн нэһилиэк бэйэтин күүһүнэн туппатаҕа буоллар, эбийиэк тутуутугар көрүллүбүт харчы атын тутааччыга баран хаалыа этэ. Тутууга бэдэрээтчит быһыытынан ким баҕарар кыттыан сөп буоллаҕа. Боростуойдук эттэххэ итинник. Михаил Николаев өтө көрөрүнэн, бу үп-харчы нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр хаалан дьиэ кэргэн дохуоттанарыгар, олоҕун тупсарарыгар туһаайыллыбыт бырайыак.
Алексей ПЕТРОВ, “Үтүө дьыала хамсааһын” билиҥҥи салайааччыта:
– Эбийиэк ханнык нэһилиэккэ тутулларынан, онно тутуутугар нэһилиэк дьоно бэйэтэ кыттан үлэлиир. Инньэ гынан көрүллүбүт үп нэһилиэк олохтоохторугар хаалар. Ити өттүгэр этэр буоллахха, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич ыҥыырыытыгар: “Үтүө хамсааһыҥҥа көрүллүбүт олохтоох харчы нэһилиэккэ дьон-сэргэ эбии дохуоттанарыгар хаалыахтаах”, – диэн турар. Маны бэркэ үөрэппиппит, үлэ ыыппыппыт. Биһигини син биир 44-с Федеральнай сокуоммут баттыы турар. Араас ньыманы туттан, син бэдэрээттэри кытта “нэһилиэктэн бачча киһини тутууга үлэлэтиҥ” диэн кэпсэтэн, сөбүлэһии түһэрсэн олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйабыт. Сорох улуустар билигин да бу ньыманы туттан үлэлииллэр.
“Софинансирование” киэнигэр биһиэхэ урут сүрдээх ыарахан, бырыһыан олус улахан этэ. Ону таһынан “внебюджетнай источниктар” бааллар этэ. Билигин “софинансирование” кыччаан, барыта бүддьүөт харчыта буолан хаалла. “Норуоту хайдах салгыы үлэлэтэбит?” диэн боппуруос эмиэ турар. Бүгүн бу тэрээһиҥҥэ уларытыы киллэрэн, хамсааһыммытын салгыы хайдах үлэлэттэхпитинэ табыгастаах буолуой, өссө тугу уларыттахпытына, үлэ тупсуой, хайдах гынан норуоту манна кытыннарабыт диэн кэпсэтиһэбит. Киирбит этиилэри барытын суруна, бэлиэтэнэ олоробут. Боппуруостары, этиилэри барытын мунньан-тараан баран, үлэ бэрээдэгинэн уларытыылары киллэриэхпит.
Биллэн турар, “Үтүө дьыала” хамсааһын 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ санаа бөҕө этилиннэ, сытыы боппуруостар да турдулар. Ыҥырыллыбыт дьокутааттар, министиэристибэлэр сорохторо кэлбиттэр, сорохтор кэккэ биричиинэнэн кыайан кыттыбатылар. Үөрүүлээҕэ диэн, нэһилиэк баһылыктара, улуус исписэлиистэрэ тэрээһини ыраахтан иһиттилэр. Онон кэлин даҕаны санааларын тиэрдэллэрэ, кыһалҕаларын этинэллэрэ буолуо дии саныыбын. “Үтүө дьыала” хамсааһын билиҥҥи салайааччыта бүгүн этиллибит этиилэр барыта дьүүллэнэн форсайт-сессия резолюциятыгар киириэ диэн эрэннэрдэ.
Туйаара СИККИЭР.