Дэтэктииби сөбүлээн суруйар биллиилээх суруйааччы, астаапкаҕа олорор милииссийэ полковнига Виталий Егоров “ШНС” диэн ааттаах, дьиҥнээх быһылааҥҥа олоҕурбут өссө биир саҥа сэһэнин таһаарда.
Дьулаан түбэлтэ буолбут – түүн үөһэ кимэ биллибэт киһи ыал кыбартыыратыгар киирэн, утуйа сытар дьахтары уонна кини кыыһын кыыллыы өлөрбүт. Өлбүт кыысчааны таптыыр уол, оскуола үөрэнээччитэ, өлөрүөхсүтү булан иэстэһэргэ быһаарыммыт. Уол санаабытын олоххо киллэриэ дуо? Иэстэһэргэ бэлэм дуо? Ити ыйытыылар сэһэн сүрүн дьоруойун үүйэ-хаайа туталлар. Оттон кини: “Тапталлааҕыам, син биир ситиһиэм”, – диир.
Кинигэ 6000 тыһыынча тираһынан тахсыбыт. Билиҥҥи кэмҥэ ити аҕыйаҕа суох дэнэр. В.Егоров урукку сэһэннэрин “Эксмоҕа” бэчээттэтэр буоллаҕына, бу сырыыга “Эдиссоҥҥа” таһаартарбыт.
Оттон “ШНС” диэн туох суолталааҕын кинигэни аахтаххытына билиэххит. Кинигэ Дьокуускайга “Горпечать” киоскаларыгар атыыланар.
Yakutia24/Якутия24
Хаартыска: Андрей ШИЛОВ


Сэҥээриилэр
References:
hangoutshelp.net: https://hangoutshelp.net/user/picklenorth27
References:
rightmeet.co.ke: https://rightmeet.co.ke/@latoyastringfi