Киир

Киир

Саха сиригэр Уһук Илин үрдүнэн саамай элбэх үлэ көрдүүр уонна үлэтин уларытыан баҕарар киһи баар буолбут. Ол курдук, от ыйынааҕы туругунан, 27 000-тан тахса олохтоох киһи үлэ көрдүүр эбит. Ити былырыын оччолортон 40%-нан элбэх. Ол туһунан “hh.ru” диэн үлэни көрдүүр портал үлэһиттэрэ суруйаллар.

Онлайн-рекрутинг пресс-сулууспата этэринэн, олохтоох дьон үлэни ордук “Закупки” (+53%), “Автомобильный бизнес” (+52%), “Страхование” (+50%), “Рабочий персонал” (+50%), “Транспорт, логистика, перевозка” (+46%), “Безопасность” (+45%) эйгэлэргэ көдүүллэр эбит.

Саамай сэмэй көрдөрүүлээх салаа тыа хаһаайыстыбата буолбут. Ол да буоллар, ити эйгэҕэ сыһыаннаах үлэни көрдүүр киһи ахсаана былырыыҥҥы от ыйыттан 14%-нан эбиллибит.

Саха сиригэр үлэни көрдүүр олохтоох киһи ахсаана Уһук Илин үрдүнэн саамай түргэнник эбиллэ турар дииллэр. Иккис миэстэни Бүрээтийэ уонна Чукотка үллэстэллэр – онно 33-түү бырыһыан элбээбиттэр. Ити кэннэ Магадаан кэлэр – 18%.

Бэй.кэр.
Хаартыска: аһаҕас источниктан.