ТАҤАРАИАНСТВО КИРИҺИЭНЬЭ КҮН ОЙОҤҤО СӨТҮӨЛҮҮРҮ УТАРАР
Тохсунньу 19 күнүгэр Кириһиэнньэ диэн Христос кириэстэммит күнүн христианскай Таҥара итэҕэллээхтэрэ үөрэн-көтөн туран бэлиэтииллэр.
Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр ити күн Ойбон алларан баран онно сөтүөлүүр буолан эрэллэр.
Таҥараианство итиннэ сыһыана хайдаҕый?
Таҥараианство Христоһу Айыы Таҥара уолун быһыытынан (Сын Божий, Айыы Таҥара –Бог) билинэр уонна кини кириэстэммит күнүн ытыгылыыр. Ол гынан баран анаан-минээн бырааһынньыктааһыны тэрийбэт. Дьиэҕэ уокка лабырыай астаан, саламмат, сыалаах эт сиэн Айыы Таҥараҕа уола Христос кириэстэммит күнүнэн эҕэрдэлээн Алгыс этиллэр.
Оттон тымныы уулаах ойбоҥҥо сөтүөлээһини утарар.
Ойбоҥҥо дьарҕа ыарыһах дьон үтүөрээри, улахан аньыылаахтар аньыыларын сууйаары, үксүн кыра үөрэхтээх, бэйэлэрин бэйэлэрэ саламмат, бары-барыта бэйэлэриттэн буолбакка Таҥараттан эрэ тутулуктах курдук саныыр, онон муустаах ууга түһэн таҕыстахпына Таҥара бэлиэтии көрөн көмөлөһүө диэн эрэнэр дьон сөтүөлүүр.
Санаан да көрдөххө хайа үөрэхтээх, сайдыылаах, култууралаах аныгы киһи сүүһүнэн киһи чомполоммут уутугар сиргэммэккэ эрэ киирэн умсаахтыай?!
Итини сэргэ, кэлиҥҥи кэмҥэ тойон өттө үөһээ былааска бэриниилээҕин көрдөрөөрү ( Таҥара дьиэтэ былаастан тутулуга суох дэнэр даҕаны, түгэн түбэстээҕин ахсын, Үөһээ салалта дьоно барыта православнай итэҕэллээхтэрин көрдөрө сатыыллар), анаан-минээн телевидение, радио СМИ, элбэх сирэй көрбөхтөр уонна боростуой дьон мустан турдаҕына улахан уот-күөс ортотугар тымныы ууга умсаахтыыр. Ол аҕыйах чаас иһинэн сир-дойду үрдүнэн тарҕана охсор.
Таҥараианство тоҕо ойбоҥҥо умсаахтыыры утарарый?
Бастакытынан, саха киһитэ тымныы диэни үчүгэйдик билэр уонна ырааҕы-чугаһы ырыҥалыыр толкуйдаах буолан, хаһан да эт өйүнэн сылдьан кыһын оонньуу оҥостон ойбоҥҥо умсаахтаабыта биллибэт. Онон ити өбүгэ үгэһэ уонна саха итэҕэлин сиэрэ-туома буолбатах.
Иккиһинэн уу Угаров биологическай шкалаатынан 0 – 1 кырраадыс тымныы, ол аата доруобуйаҕа улахан буортулаах. Туруктара мөлтөх дьон тымныйан урут мүлүрүйэ сыппыт ыарыылара бэргиэн, дьарҕа, сүһүөх ыарыылара тииһигириэн, сэбргэхтэтиэхтэрин, бронхиттыахтарын сөп. Оннук түбэлтэлэр элбэхтэр да ол туһунан элбэх кэпсэтии тахсыбат. Итини сэргэ урут тымныы уунан суунан да көрбөтөх дьон эмискэ ойбоҥҥо киирдэҕинэ улаханнык стрестэнэр, хаанын баттааһына уһулу ойон тахсар, ол сонно тута биллибэтэҕин да иһин кэлин доруобуйаҕа суойуулаах буолар.
Үсүһүнэн, ойбоҥҥо киирэр киһини врач бэрэбиэркэлээбэт. Оттон ойбоҥҥо бэрт элбэх киһи киирэн тахсар, олор истэригэр араас инфекционнай, тирии, ону таһынан венерическэй ыарыылаахтар суох буолбатахтар. Ол инфекция этиҥ тириитигэр сыстан, кэтэр ис таҥаскар биһиллэр, ол тарҕанан кутталлаах ыарыыга ылларыахха эмиэ сөп. Тымныы ууга түспүт сорох киһи стрестээн ыһыктан, ииктээн кэбиһэрэ эмиэ баар.
Дьиэлэригэр ыалдьытттара, бэркэ билэр киһилэрэ даҕаны ванналанан тахсыбыт уутугар киирэн суунар киһи бука аҕыйаҕа буолуо да уопсай ойбоҥҥо киирэн умсаахтары гыннахтарына сиргэнэр диэни таһыччы умнан кэбиһээхтииллэр.
Онон Таҥараианство Айыы Таҥара итэҕэллээхтэрин, саха дьонун барытын Кириһиэнньэҕэ бары өттүнэн олус кирдээх, тымныы уулаах ойбоҥҥо киирэн умсаахтаамаҥ, ол оннугар дьиэҕитигэр сылаас уунан дуоһуйа суунуҥ диэн сүбэлиир.
ТАҤАРАИАНСТВО УОННА СИБЭТИЭЙ УУ
Биллэрин курдук уу олус дьикти убаҕас уонна билиҥҥэ диэри үчүгэйдик өссө үөрэтиллэ илик. Ол гынан баран, хаар, муус уута киһиэхэ-сүөһүгэ туһалааҕа былыргытан биллэр. Билигин уу магнит нөҥүө аастаҕына, ууга тыаһынан дьайдахха, салгынытта ыраастаатахха, бэл оргуттахха кытта тыынар тыыннаахха туһалыыр туруктанар.
Оттон Кириһиэнньэ кэмигэр, ол аата тохсунньу 19 күнүгэр уу барыта, бэл водопровод кырааныттан сүүрдүллүбүт уу ыарыыны эмтиир, сылы быһа сытыйбакка турар диэни дьон барыта истибит буолуохтаах.
Научнай тэрилтэлэринэн анаан сибэтиэй ууну үөрэппит суох даҕаны сорох учуонайдар тохсунньу 19 күнүгэр Галактикаттан кэлэр ханнык эрэ күүстээх дьайыы Сири таарыйан ааһар буолуон сөп диэн сабаҕалыллар. Ити түмүгэ Кириһиэнньэ күн сарсыардаттан түүн ортотугар диэри ылыллыбыт уу эмтээх буолар диэни кытта Таҥараианство сөбүлэһэр. Онон сибээстээн, ити күн дьиҕитигэр үчүгэйдик сылаас уунан суунуҥ уонна өстүөкүлэ иһиккэ ыраас уута хаһааныҥ, наада буоллаҕына ол уунан туһаныҥ диэн сүбэлиир. Ол гынан баран, өр турбут ууну иһэр сэрэхтээх, суунарга, сайҕанарга эрэ туһаныллыахтаах.
Биир үчүгэй сүбэ баар. Тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда ууну оргутан баран өстүөкүлэ иһиккэ кутан ыга хаппахтаан кэбистэххэ Галактика долгуннара ити ууну эмиэ эмтээх оҥороллор, оттон оргуйбут эмтээх ууну өр кэмҥэ куттала суох иһиэххэ, таска да туттуохха сөп.
Ийэ Айылҕа бэлэмнээн биэрэр эмтээх уутун туһаныҥ, бука бары чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Тускуо!