Урут суруллубутун курдук Орто Дойду диэн Саха сирэ. Манна Айыы Таҥара Тайаҕынан тирээбиллэнэн Тоҕус халлааны айбыта. Ол Торуоската Орто Дойдуга силистэнэн-мутуктанан, Тоҕус салаатыгар сэбирдэх үүнэн сириэдийэн тахсан Аар Кудук Маска (Мировое дерево) кубулуйбута.
Айыы Таҥара баар омуктартан саамай өйдөөхтөрө-кэскиллээхтэрэ диэн саханы талан ылан Орто Дойдуга олохтообута. Онтон саха киһитэ өйө сытыыланнын, этэ-сиинэ бустун-хаттын диэн, ол туһугар Орто Дойдуга дьулаан тымныыны түһэрэргэ сананар. Уорааннаах улахан тымныыны тулуйан ууһатаҕына-тэнийдэҕинэ бу саха омук улуу омук буолан тахсыаҕа, Аан ийэ дойдуга Айыы Таҥара итэҕэлин тэнитиэҕэ диир. Ол иҺин тымныыны түһэрэргэ ураа-лаҥкыр муостаах Улахантан-улахан оҕуһу өлбөт үөстээн, быстыбат тыыннаан анаан-минээн айан Орто Дойдуга түһэрэр. Дьэ онтон ыла Орто Дойду Сир ийэҕэ ханна да суох чымаан тымныылаах сиргэ кубулуйар.
ДЬЫЛ ОҔУҺА
Бу Оҕуспут Ураа-лаҥкыр муостара улуу тымныынан уһуутуу сылдьар гына айыллыбыттар. Ол гынан баран саас кэллэҕинэ Тайах, таба курдук муоһаан, аарыма муостара утуу-субуу түһэр идэлээхтэр эбит. Ол кэнниттэн Муустаах Байҕалга баран сынньанан, утуйан кэлэр идэлэммит.
Оҕус Муустаах Байҕалтан Орто Дойдуга таҕыстаҕына тымныы түһэн Дьыл – Кыстык кэмэ саҕаланар буолбут, оттон Байҕалыгар төнүннэҕинэ Дьыл бүтэн, илгэлээх итии Сайын эргийэр. Ол иһин Оҕуһу Дьыл оҕуһа диэн ааттаабыттар. Дьыл Оҕуһа бастаан Байҕалтан тахсарыгар Муоһа өссө да үүнэ илик хомуолай буолар, онтон дьэ муостара сыыйа утуу-субуу үүнэн, Орто Дойду тымныйан, кыыдааннаах кыһын кэлэр дииллэрэ өбүгэлэрбит. Оттон саас ол муостара утуу-субуу түстэхтэринэ тымныы кылаана тостон, улам сылыйан барар дииллэр. Ол өйдөбүл билигин да баар уонна Саха сиригэр олохтоох атын да омук дьоуннорун барыларын болҕомтотун олус тардар.
Билигин Дьыл оҕуһун нууччатытан Тымныы оҕуһа, Кыһын оҕуһа (Бык Холода, Бык Мороза, Бык Зимы) иҥин диэн эмиэ ааттыыллар. Ол гынан баран Саҥа XXI үйэҕэ сахалар бэйэбит Эһээ Дьыл диэн Дед Моруостаммыппыт. Ол кэмтэн ыла Дьыл оҕуһун Эһээ Дьыл оҕуһа диир буоллулар.Итинник ааттыыллара оруннаах уонна сөптөөх.
Эһээ Дьыл оҕуһун муустан оҥоһуллубут скульптурата Дьокуускай куоракка Доҕордоһуу болуоссатыгар Опера уонна Балет театрын иннигэр туруоруллар буолбута хас да сыл буолла (1-кы ойуу). Оҕус турар постаменыгар Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа хаһан үүнэрэ, хаһан түһэрэ суруллубута хайҕаллаах.
Дьэ билигин Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа хаһан үүнэрин, хаһан түһэрин көрүөҕүҥ.
ЭҺЭЭ ДЬЫЛ ОҔУҺУН МУОСТАРА ҮҮНЭР КЭМЭ
Алтынньы 14 күнэ, Бокуруоп күн. Кыһын кэлэр, Дьыл (кыстык) саҕаланар. Эһээ Дьыл оҕуһа Хотугу Муустаах Байҕалтан Орто Дойдуга тахсар. Муоһа суох. Кини тымныы тыыныттан хаардаах самыыр түһэр, өксүөннээх күннэр үүнэллэр, Силбиктээх кэм.
Сэтинньи 8 к. – Оҕус Бастакы муоһа үүнэр – силбиктээх кэм бүтэн, дьиҥнээх тымныы кыһыҥҥы кэм саҕаланар.
Сэтинньи 21 к. – Үүммүт муос төбөтө кылааннанар – Бытарҕан тымныы буолар.
Ахсынньы 21 к. – Эһээ Дьыл оҕуһун Иккис муоһа үүнэр – Саха сирин аатырбыты түптэлэс тымныыта түһэр.
Тохсунньу 8 к. - Оҕус Иккис муоһун төбөтө кыланнанар – тымныы муҥутуур.
Тохсунньу 31 к. – Оҕус муостарын төбөтүн кылаана кыларыйар – тымныы уоҕа уҕарыйар.
Олунььу 12 к. – Эһээ Дьыл оҕуһун Бастакы муоһа түһэр – тымныы биллэ намырайар.
Олунньу 24 к. – Эһээ Дьыл Оҕуһун Иккис муоһа түһэр – кыһыҥҥы тымныы кэм бүтэр.
Түспүт муостар кырамталара сыыйа ууллан, тымныы хас күн ахсын улам-улам мүлүрүйдэр-мүлүрүйэн иһэр.
Ыам ыйын 22 күнэ – Эһээ Дьыл Оҕуһун муоһун кырамталара ууллан бүтэр. Сарсыардааҥы дьыбар, түүҥҥү хаһыҥ тохтуур.
Оттон Оҕус бэйэтэ Өлүөнэ өрүс көмүөл мууһун кытта Хотугу Муустаах Байҕалга сайылыы, сынньана устар.
Сыл сылаас кэмэ – Сайын саҕаланар, Дьылы тахсан күөххэ үктэниини, Саха Саҥа сылын, Сайылык күнүн көрсүү Ыһыаҕа ыытыллар.
МӨККҮӨР ТӨРДӨ ТУОХХАНЫЙ?
Дьыл оҕуһун муоһа хаһан түһэрин тула мөккүөр үөскээбитэ ыраатта. Сорохтор Оҕус 1-кы муоһа Тохсунньу ый 31 күнүгэр түһэр дииллэр. Оттон атыттар 1-кы муос Олунньу ый 12 күнүгэр түһэр диэн ааҕаллар.
Нууччалар кэлиэхтэриттэн Саха итэҕэлин күннэрин барытын православнай Таҥара сибэтиэйдэрин кытары ситимнээбиттэрэ. Холобур, Ньукуола, Бөтүрүөп, Ылдьыын, Бокуруоп о.д.а. дьиҥинэн саха итэҕэлин бэлиэ күннэрин православнай сибэтиэйдэринэн солбуллубуттара сылдьаллар. Онон Дьыл оҕуһун муоһа тулларын сибэтиэй Афанасий аатын кытта сибээстээбиттэр.
Дьиҥинэн, Афанасий-Ломонос эбэтэр Афанасий Мороз диэн славяннар тохсунньу 18 күнүгэр (эргэ стилинэн), оттон саҥа стилинэн Тохсунньу ый 31 күнүгэр киһи муннун тоҥорор күүстээх тымныы түһэр күнүн ааттыыллара. Онон Россияҕа саамай тымныы күнү - Бастакы Апанаасыйап күнүн православнайдар даҕаны тымныытынан аатырбыт Саха сирин тымныытын иччитин - Дьыл оҕуһун муоһа тостор күнүнэн ааҕыахтарын сатаммат курдук.
Олунньу бастакы декадата үксүн тымныы буолар. Бэл 1891 сыллаахха олунньу 5 күнүгэр Дьокуускай куоракка урут да кэлин да түһэ илик Цельсий шкалатынан -64,4 кыраадыс тымныы буолбуттаах. Ол иһин Тохсунньу 31 күнүгэр тымныы улаханнык уҕарыйбатар да, биллэ-биллибэт сымныырын билэн-көрөн баран, тымныы кылаана эрэ кыларыйар диэн мүлүрүтэн Дьыл оҕуһун муоһа кылаана кыларыйар, ол аата муос төбөтө тостор диэн өйдөбүлү үөскэттэхтэрэ.
Саҥа стилинэн Тохсунньу 31 күнүнүттэн 12 хонук буолан баран, ол аата саҥа стилинэн Олунньу 12 күнүгэр Дьыл оҕуһун аҥар муоһа түһэр. Тымныы биллэ-көстө намырыйар. Онтон олунньу 24-гэр Иккис муоһа түһэр, тымныы кэм бүтэр.
Өссө биир Афанасьев диэн сибэтиэй Ыам ыйын 15 күнүгэр кэлэр. Олунньуга Афанасий ааттаах биир да сибэтиэй суох, онон олунньуга кэлэр 2-3-с Апанаасыйаптары Саха сиригэр туохха олоҕуран ааттаабыттара биллибэт.
ДЬЫЛ ОҔУҺА ӨЛӨР ДУО?
Сорохтор Дьыл оҕуһун моонньоох баһын быһаллар,көҥдөй өхсүн «күр» гыннара суулларараллар…
Ити өйдөбүл тас сабыдыалтан үскээбит бадахтах. Ол курдук, дьаамсыктартан, нуучча бааһынайдарыттан тэйиччи сытар Киин оройуоҥҥа баар тыа улуустарыгар, холобур, ол иһигэр Тааттаҕа, Хоту - Өймөкөөҥҥө, Булуҥҥа, Бүлүү бөлөх улуустарыгар Дьыл оҕуһа өлөр диэбэттэр эбит. Ити улуустары кэрийбит, бэйэтэ Таатта киһитэ Өксөкүлээх Өлөксөй Дьыл оҕуһун икки муоһа түһэрин эрэ туһунан научнай үлэтигэр суруйар, онтон бэйэтэ Өлүөнэ мууһугар олорсон Хотугу Муустаах байҕалга устарын туһунан «Сайын кэлиитэ” поэматыгар туойар.
Оттон Өлүөнэ кытылын, дьаам суола ааһар сирдэригэр олохтоохтор нууччалар саас Кыһыны атаарар бырааһынньыктарыгар Кыһын чуучулатын уматалларын-алдьаталларын көрөн, “Биһиги оҕуспутун эмиэ өлөрүөххэ, садаҕалыахха” – диэн ким эрэ эппитин ылынан, ону олоххо киллэрдэхтэрэ диэн сабаҕалыахха сөп. Былыргы аас-туор олохтоох, куһаҕан таҥастаах-саптаах саха дьоно барахсан тымныы тыыннаах Дьыл оҕуһугар өстүйэллэрин киһи баалаабат (2-с ойуу). Онон дьиҥинэн былыр Дьыл оҕуһун моонньоох-баһын тулуннарбаттар, көҥдөй көхсүн да үлтү түһэрбэттэр эбит. Ол саамай сөп.
Эһээ Дьыл оҕуһа өлбөт үөстээх Тымныы иччитэ, сылын аайы сайын Хотугу муустаах байҕалга баран күүс ылан Орто Дойдутугар төннө турар уонна кэлэр да кэмнэргэ оннук төннө турдун диэххэ (3-с ойуу)
Билигин биһиги букатын саҥа, Аан дойду үрдүнэн туризм күүскэ сайдан эрэр кэмигэр олоробут. Туризм өссө сайдыаҕа. Оччоҕо тымныытынан аатырбыт Сахабыт сирэ омук-омук туристарын улахан болҕомтотун тардыаҕа. Сотору сиртэн хостонор баай бүтүөҕэ, оттон тымныыбыт Эһээ Дьылбыт оҕуһа барахсан баарын тухары бараныа суоҕа, онон туристары манчыыктаан Орто Дойду олохтоохторун байыта туруоҕа, баай-талым олохтуоҕа. Онон Эһээ Дьылбыт оҕуһун харыстыаҕыҥ, араастаан арбыаҕыҥ.
ЧЫСХААН ЭҺЭЭ ДЬЫЛ ОҔУҺУН СИЭТЭЭЧЧИТЭ УОННА МАНЫЫҺЫТА
Кэлиҥҥи кэмҥэ Чысхааны тымныы Хаһаайынын курдук пропагандалыыр буоллулар. Ол гынан баран Чысхаан диэн сааскы хаар буккаастаах тымныы тыйыс тыалы ааттыылларын олохтоох дьон бука бары өйдүүллэр, онон Чысхааны тымныы Хаһаайынынан билиммэттэр. Ол үрдүнэн, улахан реклама көмөтүнэн, Чысхаан Саха сирин Бренда буолбутун умнар сатаммат.
Бу Орто туруу бараан дойдуга буолар барыта Айыы Таҥара дьаһалынан оҥоһуллар. Чысхаан бренд буолбута эмиэ түбэһиэхчэ буолбатах. Ол гынан баран, кэмэ кэллэҕинэ бары-барыта оннун-туойун булуохтаах. Онон Айыы Таҥара быһаарыытынан дьиҥинэн Чысхаан Эһээ Дьыл оҕуһун Маныыһыта, көрөөччүтэ-харайааччыта эбит. Кини сүрүн анала - Оҕуһун сиэтэ сылдьан Тымныы туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхтээх, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтаах, онон Саха сиригэр элбэх күүлэйдээччи кэлэн олохтоохтор олохторун таһыма үрдүүрүгэр көмөлөһүөхтээх эбит.
Дьэ онон, Эһээ Дьыл оҕуһа Айыы Таҥара көмөтүнэн куруук чэгиэн-чэбдик буоллун, хас Күһүн аайы Орто Дойдутугар үөрэ-көтө тахса турдун! Оттон Чысхаан Оҕуһун үчүгэйдик көрдүн-харайдын, сүүрэн-көтөн Орто Дойдуну Аан дойдуга саамай тымныы сир гыммыт Эһээ Дьыл оҕуһун туһунан элбэхтик кэпсээтин-ипсээтин, Айыы Таҥара киниэхэ анаабыт аналын чиэстээхтик толордун!
Туску!