Киир

Киир

Биһиги урут суруйбуппут курдук, Айыы Таҥара сайдар програмалаах киһи голографическай киэбин (макет) айан Орто Дойдуга түһэрэр.

Онно Халлаан Айыылара быһаччы кыттыгастаахтар. Ол курдук төрүөхтээх киһи дьүһүнүн-бодотун ойуулаан бэрэн баран, ону киэп оҥороргугар Одун Хааҥҥа сорудах биэрэр. Ону Одун Хаан оруобуна Айыы Таҥара эппитин курдук киһи киэбин оҥорон Айыы Таҥараҕа туттарар. Ону Айыы Таҥара ылан бары өттүттэн көрөн-истэн баран, сөпкө оҥорбуккун диэн астыннаҕына, Чыҥыс Хааҥҥа бу киһи Ыйааҕын суруй! – диэн сорудах биэрэр. Хайдах төлкөлөөх киһи буолуохтааҕын туһунан сүбэлиир. Чыҥыс Хаан Айыы Таҥара этиитигэр олоҕуран, төрүөхтээх киһи төлкөтүн барылын оҥорон Айыы Таҥараҕа илдьэр. Ону сөбүлэстэҕинэ Уһун Дьурантай Айыы Таҥара бигэргэппит Чыҥыс Хаан ыйааҕынан Программа оҥорон Голографическай киэпкэ угар, куоппуйата Халлаан Кинигэтигэр суруллан хаалар. Дьэ ол иһин саха киһитэ Одун Хаантан оҥоһуулаахпын, Чыҥыс Хаантан Ыйаахтаахпын дэнэр эбит.

42 dyil5a haan

Киһи бэлэм голографическай киэбин Оҕо Кута диэн ааттаан Айыы Тойон Таҥара Ахтар Айыыһыкка туттарар. Ахтар Айыыһыт Оҕо Кутун Эр киһи дьулайыгар үрэн киллэрэр. Ол туһунан Эдьэҥ Иэйиэхсиккэ этэр. Эдьэҥ Иэйиэхсит Оҕо Куттаах Эр киһини уонна Оҕо Ийэтэ буолуохтаах Дьахтары булан, Дьалыҥы иҥэрэр. Дьалыҥ иҥтэҕинэ Оҕо Кута Эр киһи сиэмэтигэр түһэр. Иэйии кыыма күөдьүйэн, Таптал уота умайан Оҕо оҥоһуллар – Оҕо кута дьахтар куутуйатыгар түһэр уонна онно сайдан, улаатан 4 Куттаах уонна Дууһалаах Тыыннаах дууһа эбэтэр Оҕо буолан төрүүр. Оҕоҕо Аҕа Кута Аҕатыттан, Ийэ Кута Ийэтиттэн бэриллэн баран, Буор Кукка киирэн холбоһон бииргэ уйаланаллар. Буор кут Ийэ уонна Аҕа Куттаах клеткалар хлбоспут энергияларыттан, Салгын кут төрүт өй энергиятыттан турар. Клин Салгын Кут билиини иҥэринэн сайдар.

42 desegey ayyiyi

Оҕо төрөөбүтүн туһунан Ахтар Айыыһыт тута Айыы Таҥараҕа биллэрэр. Уол оҕону Айыы Таҥара сылгы сүөһүлээх Крүө Дьөһөгөй Тойоҥҥо, Кыыс оҕону ынах баайдаах Ала Мылахсын Хотуҥҥа көрөллөрүгэр-истэллэригэр сорудахтыыр уонна анал араҥаччылыыр Харыс-Айыыны аныыр. Онон хас биирдии киҺи кинини үйэтин тухары арыаллыыр, араҥаччылыыр Харыс-Айыылаах (Ангель-Хранитель). Онон наада буоллаҕына Харыс-Айыыны ыҥыран көмөлөһүннэрэххин сөп. Харыс-Айыы кыайабатаҕына кини көмөҕө Хотой Айыыны ыҥырар. Хотой Айыы Суһал көмө (Скорая помощь) оруолун толорор, онон хайа баҕарар кэмҥэ көтөн күпсүйэн кэлэн хайаан да көмөлөһөр.

ug

Итинтэн көстөрүнэн Киһи Орто дойдуга түһэн төрүүрүгэр, бу Дойдуга олох олороругар Айыы Таҥараны сэргэ Ү халлааҥҥа баар Айыылар бары кыттыгастаах эбиттэр.

Итини сэргэ Киһи күннээҕи олоҕор Сирдээҕи Айыылары – Иччилэри кытары, Аар Айылҕаны кытары алтыһан киһи-хара буолар, дьол-соргу аргыстанар.

Ойуулар Интернеттэн ылыллыбыт сирдэрэ:

https://www.google.ru/search?newwindow=1&q=Дьөһөгөй+Тойон+картинки&tbm=isch&source=univ&sa=X&ved=2ahUKEwig77Pw28ThAhUFl4sKHXleCToQ

https://deskgram.net/explore/tags/%D0%AF%D0%9A%D0%A3%D0%A2%D0%A1%D0%9A%D0%98%D0%95%D0%91%D0%9E%D0%96%D0%95%D0%A1%D0%A2%D0%92%D0%90

Санааҕын суруй