Киир

Киир

Сайыҥҥы Ыһыах үгэс быһыытынан Үрдүк Айыыларга ананан ыһыллар, ол иһин Итэҕэл Ыһыаҕынан ааҕыллар.

Хомойуох иһин, Саамай сүрүн Ыһыахпыт - аар-саарга аатырбыт Туймаада ыһыаҕын аҥардас Итэҕэл эрэ Ыһыаҕа диир кыахпыт суох буолла. Ол курдук, холобур, 2018 сыллааҕы Туймаада ыһыаҕа П.А.Ойуунускай үбүлүөйүгэр, оттон быйылгыбыт - Сомоҕолоһуу уонна Ыаллыы сыһыан сылыгар ананна.

Иккис курдук, Ыһыах ыйааҕынан ыйыллыбыт кэмигэр - бэс ыйын 21 күнүгэр ыытыллыбат. Бэс ыйын 21 күнүгэр Күн саамай уһаан, Үрдүк Айыылар Сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэрин, Ыһыах күнүнэн уонна өрөбүлүнэн биллэрэр анал Ыйаах тахсыыта, саамай сөптөөх дьаһал этэ.

Онон Сиртэн ыраатан, көхсүлэринэн буолбут Үрдүк Айыыларга анаан Алгыс этиитэ, ый бүтэһигэр, кылгаан, намтаан иһэр Күнү көрсүү сиэрэ туома ыытыллыыта билигин, суолтатыгар эрэ, шоу курдук, ыытыллар диэххэ сөп.

Ол гынан баран, Таҥараианство Туймаада ыһыаҕар олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар. Бу кырдьык да улуу Ыһыахха саха норуотун үрдүк култуурата, искусствота, фольклора, итэҕэлэ барыта биир кэмҥэ түмүллэр, саха дьонун бэйэтин историятынан, норуотун айар талаанынан сокуоннайдык киэн туттуутун үөскэтэр, өйүн-санаатын өрө көтөҕөр.

ug1

Ол да буоллар, Таҥараианство Туймаада ыһыаҕын язычество итэҕэлин уонна саха норуотун историятын, төрүттэрбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, таҥастарын-саптарын көрдөрөр фольклорнай бырааһынньык быһыытынан ааҕар. Онон Таҥараианство ити бырааһынньыкка кыттыһа сатаабат уонна, баҕарбыт да иһин, олохсуйан хаалбыт үгэс быһыытынан ыытыллар Ыһыахха Таҥараианствоны чугаһаппаттара өйдөнөр.

ug2

Ити үөһээ эппиттэргэ олоҕуран, атын туох да кыттыгаһа суох Айыы Тойон Таҥараҕа, Үөһээ Үрдүк Айыыларга уонна Сирдээҕи Айыыларбытыгар - Иччилэргэ эрэ анаммыт,Таҥарабыт, Айыыларбыт сиргэ саамай чугаһаан турар, Күн муҥутаан уһуур күнүгэр - Бэс ыйын 21 күнүгэр Таҥараианство Ыһыаҕын ыһар сөптөөҕө көстөр. Оччоҕо этэр Алгыспыт чопчу түргэнник Айыы Тойон Таҥараҕа тиийиэҕэ, Айааччыбыт биһигини үтүө хараҕырнан көрүөҕэ. Сирдээҕи Иччилэрдиин, Аар Айылҕабытыныын алтыһыахпыт. Сыл саамай кылгас түүнүн, Муҥутаан уһуур Күн тахсыытын уруйдаан көрсүөхпүт.

ug3

Таҥараианство Ыһыаҕа дьон, ордук эдр ыччат болҕомтотун тардара саарбаҕаламмат.

Таҥараианство Ыһыаҕа Туймаада ытык Ыһыаҕын солбуйбат. Саха барыта Таҥараианство итэҕэлин ылыннаҕына даҕаны, Туймаада Улуу Ыһыаҕа ыһыллыбытын курдук ыһылла туруоҕа.

ug4

Сылтан-сыл аайы Айыы Тойон Таҥараны итэҕэйээччи элбээн, Таҥараианство итэҕэлин ыһыаҕа чэчирээн, сайдан иһиэҕэ.

Сэҥээриилэр

Muhammad
0 Muhammad 27.10.2022 05:37
Watch Sibel Kekilli all Scenes HD Restored video on xHamster, the
biggest HD sex tube site with tons of free Turkish Mobile all
& All Mobile porn movies!

Take a look at my blog :: OldNannY
Şehvetli Büyükanne Milena Solo Oynuyor Showoff: https://kopoz.cz/tu/ftjyv91kn
Ответить
Charline
0 Charline 02.03.2023 20:37
whoah this weblog is excellent i really like studying your articles.
Keep up the great work! You recognize, a lot of people are searching around
for this information, you can aid them greatly.


Review my webpage: seborrheic dermatitis: https://healthyhabits-daily.blogspot.com/2023/02/overcoming-seborrheic-dermatitis-and.html
Ответить
Kandi
0 Kandi 28.03.2023 21:42
This piece of writing will help the internet people for creating new web site or even a
weblog from start to end.

Here is my site; Yoga Mat Set: https://consuelovita.it/discover-the-ultimate-yoga-experience-with-the-nolava-7-piece-yoga-mat-set
Ответить
Shari
0 Shari 02.04.2023 22:08
What's up, yup this post is actually pleasant and I have learned lot of things from
it concerning blogging. thanks.

Here is my site :: How to Earn Passive Income from Home: https://affect-your-health.blogspot.com/2023/03/how-to-earn-passive-income-from-home-by.html
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар