Киир

Киир

Бу улахан карантин кэнниттэн олох-дьаһах бары эйгэтигэр, экэниэмикэттэн, бэлиитикэттэн саҕалаан сиэргэ-майгыга, дьон бэйэ-бэйэтин кытары сыһыаныгар о.д.а. тиийэ барытыгар сүҥкэн уларыйыылар тахсаллара күүтүллэр.

Таҥараианство итэҕэлэ киһиэхэ туох эмэ туһалааҕы, көмөлөөҕү буларга уонна ону олоххо киллэрэргэ утумнаахтык үлэлиир. Бүгүн биһиги бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэһиигэ Таҥараианство итэҕэлэ саҥа туох көрүүлээҕин туһунан кэпсиэхпит.

Хайа да омукка киһи-киһини көрүстэҕинэ бэйэ-бэйэтин эҕэрдэлэһэр үгэстээх. Аан дойду сорохтор – дьоппуонар, кытайдар бокулуоннаан, тибеттэр тылларын таһааран о.д.а. эҕэрдэлэспиттэрин үрдүнэн, эҕэрдэлэһии саамай тарҕаммыт көрүҥэ - илии тутуһуу, эбэтэр дорооболоһуу буолар. Харантыын кэмигэр илии тутуһан эҕэрдэлэһэр үгэспит тохтоото – 3-4 миэтэрэ сиртэн ордук киһи-киһиэхэ чугаһыа суохтаах диэн Роспотренадзор сэрэтиитэ олоххо киирдэ. Онон ыраахтан туран эҕэрдэлэһэр буоллубут. Бу олус үчүгэй көстүү диэн биһириэххэ эрэ сөп уонна дорооболоһон эҕэрдэлэһии Харантыын бүппүтүн да кэннэ букактын тохтуура сөп этэ.

Тоҕо?

Илии тутуһан дорооболоһуу гигиеничнэйэ суох. Киһи органнарыттан саамай-саамай кирдээхтэрэ – КИҺИ ИЛИИТЭ! Илиигэ тиийэр кирдээх киһиэхэ атын ханнык да орган суох. Кирдээх илииттэн сыстар ыарыы хара баһаам. Билигин кэлии-барыы элбээтэҕинэ итинник ыарыы өссө элбиирэ мэлдьэҕэ суох.

ЗДО1

Дьэ ол иһин сахалар былыргы өбүгэлэрбит эҕэрдэлэһэр үгэстэригэр төннөрбүт кэм ирдэбилэ буолла. Былыр дьиэҕэ киирбит ыалдьыт: “Нөрүөн нөргү! – диэн баран, салгыы - Дьиэлээхтэр кэпсэлгит?” - диирэ. Онно дьиэлээхтэр: “Нөргү! Кэпсэл суох. Оттон эйиэхэ?” - диэн хоруйдууллара.

Кэлин ити судургутуйан: “Дорооболоруҥ! Сонуҥҥут?” – Дорообо! Биһиэхэ сонун суох. Эн сонунуҥ?” - диэн эҕэрдэлэһэр буолбуттара, онтон илии тутуспакка эрэ кэпсэтии салҕанара.

Уларыта тутуу сылларыгар норуот омук быһыытынан өйө-санаата уһуктубута. Ол кэмҥэ нэһилиэктэргэ, тэрилтэлэргэ, оскуолаларга аартыктарыгар, киирэр ааннарыгар “НӨРҮӨН НӨРГҮЙ! – диэн суруктар ыйаммыттара. Ол гынан баран итиннэ, ыксалга диэххэ дуу, ситэ толкуйдамматах, тыл үөрэхтээхтэрин кытары сүбэлэһиллибэтэх буолан, сыыһа тахсыбыт эбит. Дьиҥинэн ити этии “НӨРҮӨН НӨРГҮ!” – диэн буолуохтааҕа “НӨРГҮЙ!” – диэн сорудахтыыр, күһэйэр көрүҥүнэн туттуллубут. Ол аата киирэр киһибитигэр “БИҺИЭХЭ БОКУЛУОННАА!” – диэн эппиттэригэр тэҥнээх. Тыл суолтатын өйдүүр киһи итинник сиргэ дьих-дьах туттан киирэр.

Ити туһунан мин урут суруйан турабын. Билиҥҥитэ мин этиибин ылынан, төрөөбүт нэһилиэгим Үөһээ Бүлүү Сургуулугун дьаһалтата киирэр аартыгар НӨРҮӨН НӨРГҮ диэн суруйбута: “ Ыалдьыты үөрэ-көтө көрсөр сиргэ кэлбиппин,” - диир санааны үөскэтэн, сүрэҕи-быары ортотунан сылаастык киирэр. Маны дьиҥинэн Саха сирин бары нэһилиэктэрэ батыһыахтаахтар этэ.

IMG 20181024 WA0020

ОНОН МАНТАН ИННЬЭ ДЬЭ ХАЙДАХ ЭҔЭРДЭЛЭҺЭБИТ?

Харантыын кэнниттэн салгыы илии тутуһан дорооболоһор тохтуохтаах. Ол оннугар бэйэ-бэйэни көрүстэххэ төбөнү кыратык нөрүтэн ылан баран "НӨРГҮ!" - диэн эҕэрдэлэһиэххэ!

Босхо буоллаҕына, уҥа ытыскын түөскэр туттан баран, төбөҕүн нөрүтэн ыларыҥ өссө ордук буолуо этэ. Сайын бэргэһэлээх, сэлээппэлээх буоллаххына ону өрө көтөҕө түһүөххэ эмиэ сөп.

Оттон ыалга киирдэххэ эбэтэр элбэх киһилээх сиргэ кэллэххинэ, публика иннигэр тахсан туран: "Нөрүөн нөргү!" - диэн баран уҥа ытыскын түөскэр сыһыары тутан туран, биилгэр диэри нөрүйэн бокулуон оҥороҕун.

Хайата да дьоппуоннар эҕэрдэлэһэллэрин курдук.

ЗДО5 ЯПОН

ЗДО6 ЯП

Дьэ итинник. Кыаһыабай, гигиеничнэй, өбүгэттэн ситимнээх эҕэрдэлэһии, саха омугун атын омуктартан уратытын көрдөрөр, тас култуурабыт биир сонун көстүүтүн быһыытынан өйдөнүллэн, олоххо судургутук киириэн сөп этэ. Маны бас-көс дьон, интеллигенция саҕалыахтаах, оччоҕо дьон барыта кинилэри батыһара саарбаҕа суох.

ЗДО3 ТИБЕТ

ЗДО7 ИНДИЯ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар