Киир

Киир

Венгрия Будапешт куоратыгар тустууга Дьобуруопа чөмпүйэнээтин кэнниттэн кылгастык тус санаабын этиэхпин баҕарабын. Кырдьыгынан билиннэхпинэ, кыһыл көмүс мэтээл кэлэригэр эрэл суох этэ. “Саа сылга биирдэ бэйэтинэн эстэр” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Владимир Егоровка баарда тосхойон, үрдүк үктэлгэ тахсыбыта тустууну сөбүлээччилэри үөртэ, сахалар баалларын биллэрдэ.

Эдуард Григорьев үчүгэй тустууну көрдөрдө, Кавказ олус күүстээх уолаттарын – Шамиль Омаровы (Италия), Зелимхан Абакаровы (Албания) кыайбытыттан улаханнык астынныбыт.

Маннык ситиһиилэр кэлбит төрүөттэрэ тустууктарбыт атын дойдуга тахсыылара буолар. Оттон Белоруссияттан тустар уолаттарбыт А.Тютрин, Нь.Скрябин, А. Бекренев биллэр биричиинэнэн барбакка хаалан, мэтээлтэн маппыттара хомолтолоох. Дьиҥинэн, 57 киилэҕэ
3 саха финал педъесталыгар кэккэлээн туруохтарын сөп эбит диэн санааҕа кэллим.

Билигин туста сылдьар эдэр тустууктар С.Свинобоев, Л.Павлов Дьобуруопа, аан дойду, Олимпийскай да оонньууларга мэтээл иһин киирсиэхтэрин сөп. Ол иһин бу икки уолу атын доҕордуу дойдуга таһаарар гына эрдэттэн, олорон биэрбэккэ, бэлэмниэххэ, үлэ ыытыахха наада, оччоҕо эрэ олимпийскай мэтээлгэ дураһыйыахпытын сөп. Бэйэбит дойдубутуттан күрэстэһии элбэҕиттэн тахсар ыараханын бары билэбит уонна билиҥҥи балаһыанньа аҕыйах сыл иһинэн уларыйара саарбах. Манна даҕатан эттэххэ, С.Трофимовабыт эмиэ атын дойдуттан, холобур, Кыргызстантан кыттыан сөп этэ.

Биир хомойорум – Виктор Рассадин кыаҕын таба туһамматыбыт. Ол биричиинэтин урут хаһыакка да, успуорт пуорумҥа да суруйарым. Ону өссө төгүл эттэхпинэ, уол эдэр, улаатар, эт тутар кэмигэр ыйааһынын 57 киилэҕэ, атын ыйааһын суоҕар дылы, өсөһөн туран үүрдэрии содула буомурдуу буолар диэн тус санаабын этэбин. Викторы аһара куурда хатарбатахтара, буомурдубатахтара, бэйэтин ыйааһынын батыһан баран испитэ буоллар, билигин 74 киилэҕэ балачча түһэрэн киирсиэ этэ. Виктор билигин даҕаны 4-5 сыл тустар кыахтаах дии саныыбын. Балаһыанньа, төһө даҕаны уустугурдар, “Баҕалаах маска ыттар” диэнинэн салайтаран, кыахтаах уолаттарбытын салгыы атын дойдуларга таһааран иһиэҕиҥ диэн этии киллэрэбин.

Иван Левин.

Санааҕын суруй