Киир

Киир

Биһиги саха буоларбытынан, туһунан тыллаах-өстөөх, төрүт култууралаах, национальнай өрөспүүбүлүкэ буоларбытынан киэн туттабыт. Ол гынан баран ийэбит үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэриниэхтээх тапталлаах төрөөбүт төрүт тылбытын, хомойуох иһин, үксүгэр толору туһаммаппыт, сыыс тылынан быыстала суох көмөбүт. Чопчулаан эттэххэ, оҕо дьоммут (онно кинилэр буруйдара да кыра буолаахтыа: сахалыы оскуола, оҕо саада кэмчитэ бэрт) тастан киирэр буолар-буолбат сыыс тылы аҥаар кырыытыттан үтүктүһэ-үтүктүһэ туттан, төрөөбүт тылбытын “байытан” иһэллэр.

Бэрт истиҥник этиллэр “ийэ” тылбыт  “маамаҕа”, “аҕа”, “тээтэ” диэммит “паапаҕа” кубулуйбута быданнаабытын этэ да барыллыбат. Дьахталлар эрдэрин “кэргэним” диир бэйэлэрэ интэриниэт-форумнарга “мужа” гынан дьүһүн кубулуппуттара ыраатта. Онтубут өссө туттуллан-туттуллан, үгэскэ кубулуйан эрэр. Мантан дьиксиммэт буолар табыллыбат. “Мин мужам  дьиэтигэр көстүбэт буолла”, “кыргыттар, мужаларгытыгар тугу бэлэхтиигит?” диэн халы-мааргы суруйуу баһаам. Тарбахха баттанар ахсааннаах киһи “кийииттээх-хотуннаах” хаалла бадахтаах. Ол оннугар “свекровка”, “невестка” балаҕан аайы баар курдук. Оттон уруу-аймах, эт-сиин, эбэтэр ынах-сылгы сахалыы ааттарын толору билээччи – букатын да ахсааннаах. Мантан сиэттэрэн уонна ааҕааччыларбыт көрдөһүүлэринэн, умнулла быһыытыйбыт сахалыы төрүт тылларбытын санатыһан ааһыаҕыҥ. Киэҥник туттуллар тыллары киллэрбэтим.

Киһи этигэр-сиинигэр сыһыаннаах тыллар

Орой – төбө үрүт өттө. Макушка.

Дьулай – темень. Саҥа төрөөбүт оҕо дьулайа аһаҕас буолар. (Родничок).

Чэчэгэй – висок. 

Халтаһа – веко.

Хоҥоруу – переносица.

Сэҥийэ – подбородок.

Кэтэх – затылок.

Кулгаах эминньэҕэ – мочка.

 

Илии чаастара:

Бүлгүн – предплечье.

Ыыраах – тарбах икки арда (промежуток между пальцами)

Сөмүйэ – указательный палец.

Ортоку тарбах –средний палец.

Аата суох тарбах – безымянный палец.

Ылгын чыкыйа – мизинец.

Бэгэччэк – запястье.

Хары – предплечье.

Тоҕонох – локоть.

Окумал – предплечье.

Хоннох –пазуха.

 

Атах чаастара:

Уллуҥах – ступня.

Тиҥилэх –пятка.

Бэрбээкэй – щиколотка(лодыжка).

Бөтөҕө – икра.

Такым – подколенный сгиб.

Буут – ляжка.

Тобук – колено.

Чааскы уҥуоҕа – коленная кость.

Атах баҕыһа – взъем.

Тыҥырах саҕата – основание ноготи.

Дьон, уруу-аймах ааттара

Бии –  бииргэ төрөөбүт уолаттартан улаханнара (Старший брат).

Ини – бииргэ төрөөбүт уолаттартан кыралара (Младший брат).

Аҕас – бииргэ төрөөбүт кыргыттартан улаханнара (Старшая сестра).

Балыс – бииргэ төрөөбүт кыргыттартан кыралара (Младшая сестра).

Сурус – кыргыттарга бииргэ төрөөбүт кыра саастаах уол (Младший брат).

Абаҕа – оҕо аҕатын убайа. Оҕоҕо аҕатын биитэ – аҕатын бииргэ (кытта) төрөөбүт убайа (Дядя).

Таай – оҕо ийэтин убайа (Дядя).

Сыган – аҕас-балыс оҕолор – (Двоюродные братья и сестры).

Аҕа кылын – күтүөт ойоҕун аҕата (Тесть).

Ийэ кылын – күтүөт ойоҕун ийэтэ (Теща).

Уол кылын – кийиит убайдара, бырааттара (Шурин).

Тойон – кийиит эрин аҕата (Свекр).

Хотун – кийиит эрин ийэтэ (Свекровь).

Түҥүр – оҕолоро холбоспут аймахтыы эр дьон (Сват).

Ходоҕой – оҕолоро холбоспут аймахтыы дьахталлар (Сватья).

Бэргэн – кыра кийииккэ улахан кийиит (Жена старшего деверя).

Бадьа – улахан кийииккэ кыра кийиит (Жена младшего деверя).

Биллэх – аҕас балыс эрдэрэ (Свояк).

Ньаадьы –  оҕону иитэ ылбыт уонна ииттэрэ биэрбит дьон (Кум).

Кииринньэҥ аҕа (сүтүөр аҕа) – “айбатах – тастан киирбит аҕа”. Кииринньэҥ аҕа, оҕоҕо аҕа буолан киирэн, төрөппүт аҕатын солбуйар.

Аҕа ууһа – “биир эр киһиттэн төрүттээх, хас да ийэ ууһун холбуур удьуор дьон”.

Аймах – “хаан уруунан ыал-күүс буолуунан – биир уопсай бэлиэнэн чугасаһан-ханыылаһан түмсүү”.

Үгүстүк көрсүллэр алҕас:

Дьон – бэйэтэ да элбэх киһини көрдөрөр, хомуур суолталаах тыл. Онон “дьоннор” диир – сыыһа.

Биир киһиэхэ туһаайар буоллаххына – “эн”. Нуучча тылыгар  “вы” уонна “ты” солбуйар аат туттуллуутугар дьүөрэлээн, бэйэлэриттэн аҕа саастаах, эбэтэр үрдүк сололоох дьону, эбэтэр ытыктыылларын көрдөрөөрү дуу, “эн” диэхтэрин оннугар “эһиги” диэн элбэх ахсааҥҥа туруорар буолбуттара көстөр. Бу – улахан алҕас буоларын өйдүөхтээххит.  Элбэх эрэ киһиэхэ туһаайар буоллахха, “эһиги дэнэр”.

“Дьол-соргу” диэн паараласпыт тылы сорохтор “дьол-саргы” диир буолбуттара сыыһа. “Соргу” диэн тылы “сор” диэн тылга булкуйар наадата суох.

Санньыйар – санааргыыр, хом түһэр, кэбириир кэм диэҥҥэ чугас өйдөбүллээх.

Сонньуйар – итинтэн букатын атын, дэгэт суолталаах, холобур, киһи туохтан эмэ кэлэйдэҕинэ, сонньуйуон сөп (Ухмылка).

Уруу – родственники

Таарыйа эттэххэ: дядя, дьээдьэ – “саха тылыгар тутуннахха, киһи туох уруута буоларын чопчу эппэт, уруурҕаһыынан, чугастык санаһыыны бөҕөргөппөт, үйэтиппэт. Чопчу суолталаах төрүт тыллары үтэйэн, сахалыы-нууччалыы булкуйан саҥарарга, саха тылыттан тэйэргэ, уруурҕаһыыны, дьон сыһыанын сойутарга сутуйар тыл”.

Невестка – “нууччалыы саҥарарга сутуйар тыл: саха тылын баайын туһаммакка уруурҕаһыы тылын сүтэрии”.

Сүөһүнү сааһынан араарыы

Ньирэй – сүөһү төрүөҕэ үс ыйыгар диэри итинник ааттанар.

Торбос – Бороохтуйбут ньирэй. О.э. 4-5 ыйданнаҕына, торбос буолар.

Борооску, бороон  – хаар түһэн, долборукка аһыыр буолбут торбос – 6 ыйыттан 1 сааһыгар диэри саастаах сүөһү ааттанар.

Тыһаҕас – кыстаабыт, сайыҥҥа тиийбит икки сааһыгар сылдьар сүөһү – 2-х «годовалый теленок».

Тиҥэһэ – иккис кыһынын туораан, үһүгэр сылдьар буоллаҕына – «3-х годовалый теленок».

Өҕүрүмэр – 3-4 саастаах ынах сүөһү.

Туҥуй бургунас – аан бастаан төрүүр тиҥэһэ, түөртээх ынах – корова первого отела.

Туҥуй ынах – бастаан төрөөбүт сүөһү.

Бургунас – эдэр ынах.

Атыыр оҕус – бык производитель (пороз)

Ат оҕус – аттаммыт, көлүүр оҕуһа – холощеный бык.

Үтүрүм ынах – ыанар, төрөөбүт ынах.

Субан сүөһү (сорохтор субай дииллэр) ыаммат сүөһү яловый скот.

Кур оҕус – көлүллүбэтэх, мэччирэҥҥэ сылдьар, уотуллубут оҕус – откормленный для убоя бык.

Кунан – 3-4 саастаах атыыр (ат) оҕус.

Буос ынах – иһигэр оҕолоох ынах – стельная корова.

Кытарах ынах – быйыл төрөөбөтөх буолан баран, ыанар ынах – яловая (стародойка)

Туҥуй ынах – аан бастаан оҕоломмут ынах.

Сылгыны сааһынан араарыы

Кулун (кулунчук) – төрүөҕүттэн 6-7 ый туолуор диэри.

Убаһа – 6-7 ыйыттан биир сааһын туолуор диэри.

Эмньик кулун – 4-12 ыйыгар диэри ийэтин эмэ сылдьар кулун.

Тый – 1 сааһын толору туолан, 2-с хаарыгар үктэммит сылгы. Ийэтин эмэ сылдьар буоллаҕына, эмньик тый (эскэл тый). Ийэтиттэн араардахха, ханчааһын тый.

Атыыр – жеребец – аттамматах сылгы. Үөр сылгыны баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьар. Сиэлэ, кутуруга сэлбиллибэт буолан, олус уһуннар.

Ат – аттаммыт сылгы, көлүнэргэ, миинэргэ эрэ аналлаах.

Соноҕос – эдэр сылгы.

Сылгыны икки сааһын туолан, үһүс хаарыгар үктэннэҕинэ кутуругун сарбыйан, сиэлин сэнээн ыыталлар. Онуоха атыырын тиҥэһэ соноҕос, тыһытын – тиҥэһэ кытыт (тиҥэһэ биэ) дииллэр.

Кытыт – эдэр биэ.

Үһүн туолар сааһыгар эмиэ сиэлин сэлээн, кутуругун сарбыйан ыыталлар. Онуоха атыыра түөртээх соноҕос, тыһыта түөртээх кытыт диэн буолар.

Биэстээх соноҕос – биэһин туолар сылгы.

Биэстээх кытыт – биэһин туолар сылыгар тыһы сылгы.

Сылгы алта сааһын туоларыгар атыырын алталаах ат эбэтэр алталаах атыыр дэнэр. Тыһытын алталаах биэ дииллэр.

Кур эримэх – төрөөбөтөх биэ.

Үтүрүм биэ – оҕоломмут биэ.

Миҥэ биэ – көлүллэ, мииниллэ үөрүйэх. (Ездовая кобыла).

Сылгы алтатын үөһэ сааһыттан сааһа этиллибэт буолар: аты – ат, биэни – биэ, атыыры – атыыр дэнэр.

Кырдьан эрэр аты кырдьаҕас ат, кырдьаҕас биэ (аҕам биэ), кырдьаҕас атыыр дииллэр.

Сылгы хайдах айанныырыттан көрөн, тус-туһунан ааттыыллар.

Дьоруо ат – уҥа илин, кэлин, хаҥас илин, кэлин атахтарын бииргэ уочаратынан сыҕарытан айанныыр сылгыны этэллэр. (Иноходь).

Сэлиик ат – рысак.

Ахсым ат – соруйтарыыта суох бэйэтэ түргэтиир, сыыдам сырыылаах сэргэх ат.

Нэс ат – таһыйдахха да соччо кыһаллыбат, бытаан айаннаах наҕыл ат.

Ас-үөл аата

Чөчөгөй – омуһахха турбут ыаммытынан үүт саамай хойуу үрүт сүөгэйэ.

Дагда сүөгэйэ – холбуйан ылыллыбыт чөчөгөй аннынааҕы убаҕас сүөгэй.

Сиикэй арыы (арыы) – ынах арыыта.

Дьэҥкир арыы – оргуйбут арыы.

Суорат – оргуйбут, аһыйбыт үүт – заквашенное молоко.

Тар – сайын устата омуһахха, уһаакка туран аһыйбыт уонна тоҥ үүт, суорат. Кыһын сииллэр. Ардыгар балык, сүөһү сымнаҕас көмүрүөлээх уҥуоҕун, өҥүргэһин угаллар. Уҥуох сымнаан тары кытта сиэнэр – «замороженная простокваша».

Дагда – күөрчэх – ытыгынан ытыйан хойуннарыллыбыт сүөгэй.

Ымдаан – муустаах убаҕас суорат эбэтэр тар – «напиток из кислого молока, разбавленный водой со льдом».

Бутугас – кыра бурдугу кутан оргутуллубут убаҕас суорат – «кипяченый жидкий сорт с мукой».

Чохоон – оргутуллубут сойбут үүт сиикэй арыыны кытта холбуу ытыллыбыта. Тоҥнуу сиэнэр. Саха лэппиэскэтин кырбастаан эптэххэ, лэппиэскэлээх чохоон дэнэр – «сливочное масло, сбитое с теплым молоком, едят в застывшем виде».

Көбүөр – чохооҥҥо кыра гына тоһутталаммыт лэппиэскэни булкуйаллар. Тоҥорботтор. (Лэппиэскэтэ суох ириэнэх чохоону эмиэ көбүөр дииллэр). «Тот же чохон, в который отпускают мелкие кусочки лепешки, едят в свежем виде»).

Иэдьэгэй – холбуллубут оргутуллубут үүккэ суораты холбуу ытыйыллар. Хойдуор диэри сылаас сиргэ туруоран баран, убаҕаһа сиидэлэммит хойуута. Нууччалыыта – творог.

Балаһаны бэлэмнээтэ Т.Захарова-Лоһуура.

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

«Саха төрүт культурата” (2-с чааһа). 1992.,

А.Е.Кулаковскай “Научные труды” 1979.,

М.П. Алексеев-Дапсы. “Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта” 2005.,

“Ойуу тылдьыт. 5-9” Васильев П.К, Федоров И.Г.

Санааҕын суруй