Киир

Киир

Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Саха сиригэр бэйэ айаҕар сииргэ диэн сир аһын хомуйуу болдьоҕун бигэргэттэ.

Дьэдьэн от ыйын 10-с күннэриттэн Амма, Таатта, Уус Алдан, Нам улуустарыгар ситэр. Икки күнүнэн хойутаан Чурапчы, Сунтаар, Хаҥалас улуустарыгар хомуйар көҥүллэнэр. Сугуну от ыйын 20-тэн хомуйар көҥүллэнэр. Биэ эмийэ (малина) ордук Бүлүү бөлөххө хото үүнэр, онно от ыйын 18-20 күннэриттэн хомуйары көҥүллүүллэр. Моонньоҕону хот улуустарыгар атырдьах ыйын 5 күнүттэн, Бүлүү бөлөххө атырдьах ыйын ортотуттан хомуйарга көҥһллэнэр. Черниканы быйылгы сезоҥҥа атырдьах ыйыттан Мииринэй улууһугар хомуйар көҥүллэнэр, оттон Ленскэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар — атырдьах ыйын ортотуттан. Отоҥҥо атырдьах ыйын 20-тэн тахсыахпыт. Уохтаны хоту улуустарга атырдьах ыйын бастакы декадатыгар үргүөхтэрэ. Кедр эриэхэтин быйыл атырдьах ыйын 25 күнүттэн, сорох улуустарга балаҕан ыйыттан эрэ хомуйар көҥүллэнэр. Сиппэтэх туораҕы маһы тоҥсуйан, салаатын алдьатан, хатырыгын солоон. суулларан хомуйар кыккыраччы бобуллар. Сиргэ түспүт эрэ туораҕы хомуйуллуохтаах. Тэллэйгэ туох да хааччах суох.

 

Санааҕын суруй