Киир

Киир

Аны түөрт-биэс сылынан Өлүөнэни туоруур күргэ тутуллуо. Ол туһунан СӨ премьер-миниистирэ Владимир Солодов Мэҥэ Хаҥалас улууһугар көлө-логистика тиһигин сайдыытын боппуруостарын дьүүллэһэр мунньахха эттэ.

 

Most Lena

 “Дьокуускайдааҕы көлө тиһигэ логистика киинэ буолуо диэххэ сөп. Кини өрөспүүбүлүкэ суолларын тиһигин барытын биир сиргэ түмүө. Өлүөнэни туоруур массыына күргэтэ ол чэрчитинэн тутуллуо. Дойду бэрэсидьиэнэ бырабыыталыстыбаҕа номнуо сорудахтаата. Билигин РФ Бырабыыталыстыбатын уонна Көлөҕө министиэристибэтин таһымыгар үлэ-хамнас саҕаланна: бырайыага хайдах буолуохтааҕа, хантан үбүлэниэхтээҕэ, тутуллар болдьоҕо дьүүллэһиллэр”, -- диир тойон Солодов.

СӨ Көлөҕө уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин э.т. Александр Тарасов эппитиринэн, көлө тиһигин тиһэх бырайыага “Томмот – Дьокуускай – Аллараа Бэстээх” кэмплексын тутуу буолуохтаах. Бырайыак үбүлээһинэ РФ, СӨ уонна “Арассыыйа тимир суоллара” ААУо сөбүлэһиилэрин чэрчитинэн көрүллэр. Барыта 48,6 млрд солк. буолуохтаах.

Санааҕын суруй