Киир

Киир

Сэтинньи 15 күнүгэр Ил Дархан  Хаҥалас улууһугар «Эркээни хочото» олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар туонаны тэрийии туһунан сорудаҕын толоруу иитинэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков ыыппыт  мунньаҕар Покровскай куорат уонна Хаҥалас түөрт нэһилиэгин бу туонаҕа киллэрэр туһунан быһаарыы ылыннылар.  

«Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар «Эркээни хочото» туонаны тэрийии туһунан сокуон Ил Түмэҥҥэ көрүллэн, ылыныллан турар.  Бу сокуон, бастатан туран, олохтоох бырамыысалыннаһы, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астааһыны, туризмы сайыннарыыны өйүүр соруктаах.  Ол түмүгэр дьоҕус уонна орто урбаан көмүскэллээх буолуохтаах, сайдыахтаах уонна олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыахтаах», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

3354c7a9 2b2f 4076 b013 4ae2a7f604ec

«Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар «Эркээни хочото» туонаҕа Төхтүр, Өктөм, Дьэр нэһилиэктэригэр уонна Покровскай куорат киирдилэр. Манна эти астыыр кэмбинээт,  комбикорм сыаҕа үлэлиэҕэ, пилота суох барар кыра кээмэйдээх гусеничнай тырааныспары уонна эмтээх  үүнээйилэртэн фармацевтика бородууксуйатын оҥорон таһаарыы тэриллиэҕэ. Кыахтаах резиденнэр ыйыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга барыларыгар бааллар. Сүүстэн тахса саҥа үлэ миэстэтэ тахсара былааннанар. «Эркээни хочото» туонаны тэрийиигэ инбэстииссийэ алын кээмэйэ резиденнэр реестргэ киирбиттэрин кэннэ биэс сыл иһигэр 900 мөл. солк. буолуоҕа», – диэн Кирилл Бычков быһаарда.

Маны сэргэ мунньахха куораты тутуу бэлиитикэтигэр саҥа этиилэри, ыанар ынаҕы иитэр хаһаайыстыбалары көҕүлүүр миэрэлэри уонна да атын боппуруостары кэпсэттилэр.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй