Ааспыт дойду бэрэсидьиэнин быыбарыгар КПРФтан хандьыдаат Павел Грудинин “Саха сирин кытары чугастык билсэ” кэлиэҕэ.
Кини кэлэрин олохтоох хомуньуустар сэкирэтээрдэрэ Виктор Губарев бигэргэтэр.
“Грудинин атырдьах ыйын 28 күнүгэр Дьокуускайга көтөн кэлэр. Манна кэлэн тугу гынара чопчу биллибэт, бырагырааматын атырдьах ыйын 25 күнүгэр биирдэ билиэхпит. Павел Грудинин манна кэлэн нэһилиэнньэни кытары көрсүөҕэ, норуоту кытары билсиэҕэ” , — диир Губарев.
Санатар буоллахха, ааспыт быыбарга Грудинин атын эрэгийиэннэрдээҕэр саамай улахан куолаһы ылбыта уонна Путин кэннэ иккис миэстэҕэ тахсыбыта. КПРФтан хандьыдааты өрөспүүбүлүкэ 27,25 % быыбардааччыта өйөөбүтэ.