Саха сиригэр билигин 70 байыастаах устудьуоннар тутар этэрээттэрэ халаан содулун туоратыыга үлэлии сылдьаллар. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников иһитиннэрдэ.
“20 байыастаах тутар этэрээт Чурапчы улууһугар, 25-тии киһилээх этэрээттэр Өктөмҥө уонна Амма улууһугар үлэлииллэр”, - диэтэ.
Салгыы улуустар сайаапкаларынан 366 байыастаах 15 устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Таатта, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар үлэлии тахсаллара былааннанар. Маныаха кинилэр хамнастара, таҥастарын-саптарын, астарын-үөллэрин харчыта улууска түһэриллибит.
Маны таһынан, Уус Майдаттан эбии сайаарка киирбитинэн, онно 285 киһилээх тутар этэрээти ыытарга былаанныыллар.
Билигин 65 байыастаах 6 тутар этэрээт Халыма улуустарыгар барарга бэлэм олорор.