Киир

Киир

Өлүөнэ очуостара – Сахабыт сирин аан дойдуга биллибит киэн туттуута. Аҕыйах сыллааҕыта очуостары федеральнай бас билиигэ биэриини утарар айдаан тахса сылдьыбыттааҕа. Ол эрээри, чааһынайга буолбакка, судаарыстыба баайа буолан хаалбыта үчүгэй диэн түмүккэ тиийбиппит. Өлүөнэ очуостарын бэйэбит  туризм улахан эбийиэгэ оҥорон сайыннарбатахпытына, ким оҥоруой? Ол туһунан бүгүн “Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка” федеральнай тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы В.П. Ноговицынныын кэпсэтэбит.

– Виктор Петрович, эн 90-с сылларга туризм миниистирэ этиҥ. Бэйэбит испитигэр туризм син сайдан, дьон онно-манна база туттан эрэллэр. Ол эрээри Арассыыйаттан, омук дойдуларыттан дьон кэлиитэ аҕыйах. Хайдах элбэтэбит?

– Киирии туризм сайдыа дии саныыбын. Айылҕабыт, кембрий үйэтин кэмин көстүүлэрэ, алмааспыт, өрүспүт, өбүгэлэрбит үгэстэрэ, аһылыкпыт хайа да омугу сонурҕатар туруктаахтар. Билигин быыс кэм. Бэлиитикэ өттүнэн сааҥсыйалар ыганнар, дойдубут үчүгэй олохтоох, кэлиэн-барыан, билиэн-көрүөн баҕалаах дойдуларга хайҕаммат. Экэниэмикэбит туруга өссө да улахан туризмы сайыннарар үрдүк таһымҥа тиийэ илик. Суолбут-ииспит, дьону түһэрэр, аһатар-сиэтэр, сынньатар кыахпыт кыра. Аны кэлбит дьоҥҥо ити үөһэ этиллибит баайбытын-дуолбутун араас омук тылынан кэпсиир-ипсиир таһыммыт намыһах. Туризмы үптээх-харчылаах, инбэстииссийэҕэ дэлэгэй соҕус дьон сайыннараллар. Ол дьону дойдубутугар кучуйан аҕалар ньымабыт олох да суоҕун кэриэтэ.

– Эн билигин үлэлиир тэрилтэҥ ити эппит кыһалҕаларгын туоратан, Өлүөнэ очуостарын өрөспүүбүүлүкэ туризмын соһор лакаматыып оҥорорго сананар дуо?

– Бу быыс кэм уонча сылынан ааһыа диэн бөлүһүөктэр этэллэр. Арассыыйа сайдар суолга туруо, элбэх дойду билинэр буолуо. Мин санаабар, билинэн эрэллэр. Оччотугар сотору кэминэн аан дойду дьонун ирдэбилигэр эппиэттэһэр таһымҥа тиийиэхтээхпит. Ол төрүөтэ маннык. Киһи аймах аҕыйах сыллааҕыта муораҕа, күҥҥэ, пляжка тардыһар эбит буоллаҕына, аныгы кэмҥэ үөрэхтэнэн, билиигэ-көрүүгэ тардыһан, атын омук үгэстэрин, айылҕатын билэ таарыйа сынньанар баҕата улааппытын туһунан туризмы үөрэтэр учуонайдар суруйаллар. Холобур, Өлүөнэ очуостара ЮНЕСКО таһымын ылбытын илэ көрдөрүөхтээхпит.

– Ол дьон баҕатын хайдах толороору гынаҕыт?

– Дойду олоҕун туруга, инники сайдыыта ыытыллар бэлиитикэттэн тутулуктаах. Хас биирдии тэрилтэ судаарыстыба ыытар бэлиитикэтигэр олоҕурбут, өр кэм устата түһүмэҕинэн ситиһиллэр көрүүлээх, а.э. барыллаах (концепция) буолуохтаах. Биһиги баҕа санаабыт барыла “РЕАЛИЗАЦИЯ НАУЧНО-ПОЗНАВАТЕЛЬНОГО ПОТЕНЦИАЛА ЭКОЛОГИЧЕСКОГО И ЭТНОКУЛЬТУРНОГО ТУРИЗМА В НАЦИОНАЛЬНОМ ПАРКЕ «ЛЕНСКИЕ СТОЛБЫ» диэн ааттаах докумуон буолан таҕыста. Пааркабыт түөрт сиригэр: Лабыдьаҕа, Буотама үрэх кытылыгар, Дириҥ Үрэххэ, Үөһээ Бэстээххэ, паарка сирин кытыы нэһилиэктэрэ Үөдэйгэ, Ой Мырааҥҥа, Тумулга, Батамайга, Тумул бэйэтин нэһилиэгэр тугу тутарбытын, хайдах үөрэҕинэн, суолунан, уотунан, гааһынан төһө киһи биир кэмҥэ сылдьыан сөбүн, үбэ-харчыта төһө буолуон ааҕан-суоттаан, бырайыакпытыгар суруйдубут. Холобур, Лабыдьаҕа саҥа, киэҥ-куоҥ, үөһэ тахсар кирилиэс үктэллэрэ сырдатыллар буолуохтаахтар. Бу сир кыылын-сүөлүн, отун-маһын, устуоруйатын вайфайынан ааҕан билэр сурук-бичик, кимиэхэ эмэ суһал көмө тирээтэҕинэ, иниспиэктэри кытта кэпсэтэр ситим баар буолуохтаах. Аллара, пааркаҕа киириигэ дьон сылдьарыгар, алгыстанарыгар, аһыырыгар табыгастаах дьиэ-уот тутуллар бырайыага оҥоһуллан бүтэн эрэр. Үөһэ дьон хаамарыгар, сынньанарыгар, ону-маны билэригэр-көрөрүгэр, хаартыскаҕа түһэн өйдөбүнньүк хаалларынарыгар үс зона былааннанар.

Буотама үрэх кытылыгар «Сээркээн Сэһэн» диэн саас, сайын, күһүн оскуола, орто, үрдүк үөрэх оҕолоро, ыччаттар эбии билии ылалларын хааччыйар киин баар буолуохтаах. Онно, сүрүннээн, саха былыргы үгэстэринэн киһи айар дьоҕурун сайыннарар үөрэх, такайыы барыахтаах. Үгэстэрбит төрүттэрэ итэҕэлбитигэр баар, онон киһилии киһи иитиллэр эйгэтин дьиэтэ диэн түмэл баар буолуо. Ону таһынан туристар аан дойду илин, арҕаа, соҕуруу, хоту олорор омуктарын үгэстэрин кэпсиир ситимҥэ холбонуохтара.

Дириҥ Үрэххэ ыытыллыбыт чинчийиилэр киһи аймах өбүгэлэрэ манна 300 тыһыынча сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыттарын туһунан этэр. Устуоруйа билимин дуоктара Светлана Александровна Федосеева маннык суруйан турар: «На Диринг-Юряхе присутствуют одновременно начало и конец каменного века в истории северо-восточной Азии и начало каменного века в истории человечества. Диринг-Юрях был не просто местом погребения, это было святилище, духовный храм. В 5 погребениях захоронены только мужчины и мальчики. Это были неолитические погребения сибирских современников Тутанхамона и Нефертити. Они владели каменной кладкой, ювелирной обработкой камня и кости, возможно, были знакомы с металлом». Биһиги тыйыс тымныы дойдубутугар былыргы дьон олоро сылдьыбыт дьиэлэрин-уоттарын, туттар малларын-салларын көрдөрөр түмэл тэриллиэ.

Аллараа Бэстээххэ паарка тэриллиэҕиттэн дьиэлээх-уоттаах базалаахпыт. Ону сөргүтэн, дьон кэлэн сынньанар, аралдьыйар эйгэтин тэрийиэхпит диэн былааннаахпыт.

– Хаҥалас – бэрт дириҥ устуоруйалаах улуус. Онон чугастааҕы нэһилиэктэри кытта бу бырайыаккытыгар хайдах үлэлиир былааннааххытый?  

– «Ой Мыраан» диэн Үөдэй сиригэр кембрий кэмин көрдөрөр аһаҕас түмэл былаанныыбыт. Акадьыамык Алексей Юрьевич Розанов уонна РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Никита Гаврилович Соломонов ити тутуулары Дьокуускай куоракка уонна «Ой Мырааҥҥа» тутары Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевы кытта кэпсэтэн тураллар. Батамай туристар сылдьар, сынньанар, Өлүөнэ очуостарыгар кэлэргэ-барарга табыгастаах дэриэбинэҕэ кубулуйан эрэрэ үчүгэй. Тумул нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ иһиттэн айылҕаны билиэн-көрүөн, үөрэтиэн баҕалаах оҕолору талан аҕалан, экология эйгэтигэр үрдүк таһымнаах идэлээх дьону бэлэмниир оскуола тэрийэр баҕа баарын  өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр элбэх дьон өйөөтүлэр. Тумул нэһилиэгин дьоно ылыннылар.

– Ол аата, олох аныгы, саҥа көрүүлээх  оскуола тэриллэр буоллаҕа, хайдах үлэлиэхтээҕий?

– Үөрэх ситимигэр, экологияҕа өр үлэлээбит дьон ити оскуола докумуоннарин, бырагырааматын оҥоро сылдьаллар. Маннык оскуоланы арыйар төрүөттээхпит. Айылҕаны кытта кыратыттан алтыспатах, айылҕаҕа үлэлии үөрэммэтэх оҕо хайдах да «айылҕа оҕото» буола улаатар кыаҕа суох. Итинник ааты-суолу айылҕа бэйэтэ иҥэрэр, хайа да былаас биэрэр наҕараадата онно тэҥнэспэт. Аны биһиги кэммитигэр айылҕа уларыйыыта-тэлэрийиитэ улахан. Хас уон сыл аайы сылыйыы биир кыраадыска тэҥнэһэр буолла. Учуонайбыт Н.Г. Соломонов сэлии оҕустара (мамоннар) сылыйыы түмүгэр өлбүттэрэ диэн бу оскуоланы туруорсубута. Ирбэт тоҥу үөрэтэр учуонайдарбыт күөллэр, элгээннэр кыһынын тымныы да кэмҥэ сүтэн-симэлийэн хаалалларын туһунан суруйаллара дьулаана биһигини дьиксиннэриэхтээх. Айылҕа саҥа тургутууларыгар ыччаппытын бэлэмниэхтээхпит.

– Айылҕа уларыйыыта тыын боппуруоспут буолла. Оттон эн манна тус санааҥ хайдаҕый?

– Биһиги муус үрдүгэр олорор дьон бу буола турар айылҕа сылыйыытын, уларыйыытын-тэлэрийиитин тулуйар, быыһанар кыахтаах чулуу өйдөөх дьону ииттэхпитинэ эрэ, этэҥҥэ олорор туруктаахпыт. Бу оскуола үлэтин түмүгэ кини үлэлиир соруктарыттан тутуллара буолуо. Ол соруктара, мин санаабар, өбүгэлэрбит саас, сайын, күһүн үлэлээн олохторун айылҕа тэтимигэр дьүөрэлиир өйдөрүгэр, итэҕэлбит сиэригэр-туомугар тирэҕириэхтээх. Чулуу учуутал Василий Александрович Сухомлинскай ити тутулу оҕолору айылҕаҕа үөрэтэн быһааран турар. Билигин Үөрэх министиэристибэтигэр, оскуолаҕа үлэлээбит уопуттаах дьон урукку өбүгэлэрин, баар уопуту тутуһан оҕолору үөрэтии матырыйаалларын, бу оскуола үлэлиир бырагырааматын бэлэмниэхтэрэ диэн эрэнэбин. Оҥоһулуннаҕына, үлэлии сылдьар, үлэлиэхтээх дьону, билим, салалта үлэһиттэрин кытта киэҥ далааһыннаах дьүүллэһии тэриллиэхтээх. Мин санаабар, Муусука үрдүкү, балет оскуолалара үлэлээн үрдүк таһымнаах идэлээх дьону бэлэмнээбит суолларын батыһар табыгастаах курдук.

– Эн кэпсиириҥ Арассыыйа ыытар бэлиитикэтигэр эппиэттиир дуу? Барыл саха итэҕэлигэр эмиэ тирэнэр. Биһиги итэҕэлбит үстэн ордук үйэ бобулла сылдьыбытын билэбит. Дойду үөрэҕин сокуона үөрэх дьыла балаҕан ыйыттан саҕалаан, ахсынньыга эксээмэннээн, ыам ыйынан үөрэҕи түмүктүүр ситимин уларыппата буолуо.

– Бу биһиги көрүүлэрбит дойду бэрэсидьиэнэ Путин быйылгы Госдума дьокутааттарыгар олунньу 21 күнүгэр эппит Илдьитигэр   сөп түбэһэллэр, киирэ сылдьаллар. Онно маннык тыллар бааллар: «Подготовлен проект закона о развитии туризма на особо охраняемых природных территориях и в целом принципы работы индустрии экотуризма. Необходимо чётко расставить приоритеты, сконцентрировать ресурсы на получении конкретных, принципиально значимых научных результатов, прежде всего в тех сферах, где у нас есть хорошие заделы и которые имеют критическое значение для жизни. Правительству совместно с парламентариями потребуется внести многочисленные поправки в законодательство об образовании. С участием педагогов, учёных, специалистов мы должны серьёзно повысить качество школьных, вузовских учебных курсов, по гуманитарным наукам прежде всего, серьёзно обновить подходы к системе подготовки кадров, к научно-технологической политике, предоставить учёным, исследователям большую свободу для творчества».

– Биһиги Үөрэхпит министиэристибэтэ, Ил Түмэн дьокутааттара ити этиилэргин туруорсуохтара дии саныыгын дуо?

– Дьэ, ону туох да диэн быһаарар кыаҕым суох. Ол үрдүк сололоох дьон дьонноругар-сэргэлэригэр, норуоттарын инникитигэр төһө кыһаллалларыттан, өбүгэлэрин үгэстэрин төһө өйдүүллэриттэн тутулуктаах.

Түмүкпүтүгэр Өлүөнэ очуостарын туризмы сайыннарар эрэ буолбакка, оҕону, ыччаты төрүт итэҕэлбитигэр, өбүгэлэрбит билиилэригэр тирэҕирэн үөрэтэр улахан үөрэх киинэ оҥорон сайыннарар барыл көрүүтүгэр научнай үлэлэринэн кыттыбыт учуонайдарбытыгар, үлэлэспит министиэристибэлэр үлэһиттэригэр, оскуолалар дьаһалталарыгар, биирдиилээн айар дьоҕурдаах дьоммутугар барыларыгар махталбытын тиэрдэбит.

– Виктор Петрович, өрөспүүбүлүкэбит, норуоппут инники кэскилигэр улахан суолталаах, өр кэмнэргэ сабыдыаллыыр бэрт интэриэһинэй, аныгылыы көрүүлээх бырайыаккыт туһунан кэпсээбиккэр махтанабыт. Санааҕыт туолан, олоххо киирэригэр баҕарабыт.

Владимир Степанов.