Киир

Киир

Саха сиригэр бу сарсыардааҥҥы туругунан, 5,7 тыһ. гектаартан тахса сиргэ 13 ойуур баһаара бэлиэтэнэр.

Билигин 2 ойуур баһаарын умулларбыттар. 11 баһаары умуллара сылдьаллар. Үөһээ Бүлүү улууһугар 2040 гаа сиргэ 3 ойуур баһаара, Ленскэй улууһугар 28 гаа сиргэ 1 ойуур баһаара, Нам улууһугар 500 гаа сиргэ – 1, Ньурба улууһугар 540 гаа сиргэ – 1, Өлүөхүмэ улууһугар 38 гектаардаах сиргэ – 2, Уус Алдан улууһугар 3 гаа сиргэ биир ойуур баһаара бэлиэтэнэр.

Билигин Горнай улууһугар 15 гаа сиргэ – 1, Ньурба улууһугар 3 гаа сиргэ эмиэ биир ойуур баһаара умуруоруллубут. Баһаары умулларыыга 460 киһи, 34 тиэхиньикэ үлэлиир.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар