Таатта улууһугар Алдан өрүскэ ньиэп тохтубутун булбуттар. Алдан өрүс төрдүттэн 240 км сиргэ ньиэп тохтубутун туһунан WhatsApp-ка иһитиннэрии тарҕаммыт. Онуоха Тааттатааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ тута бэрэбиэркэлээбит. Бу туһунан экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Иниспиэксийэ үлэһиттэрэ Хара Алдан диэки аллараа түһэн өрүһү чинчийбиттэр. Ол түмүгэр, Бараайы үрэх төрдүн чугаһыгар, хаҥас кытылга хойуу, хара балаһаны булбуттар. Ууну бэрэбиэркэлээри анаалыс ылбыттар. Ол сиртэн чугас, быһа холоон 200 кв м иэннээх сиргэ ньиэп тобоҕо тохтубутун булбуттар. Уус Тааттаттан чугас ньиэп ыскылаатыгар уунан устан иһэн, 5 м кытылга, таастарга 100 м сиргэ эмиэ хара бээтинэни булбуттар.
Министиэристибэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, бэрэбиэркэ түмүгүнэн, ууга ньиэп бородууктатын тохтуута Булуҥ сэлиэнньэтин үөһээ өттүттэн барбыт. Билигин бу быһылааны сиһилии үөрэтэллэр.