Киир

Киир

Бу саас уонна сайын халаан уутуттан эмсэҕэлээбит ыаллар көмө харчыны нэдиэлэ бүтүөр диэри тутуохтара диэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр.

“Баайын-дуолун бүтүннүү сүтэрбит үс киһилээх дьиэ кэргэн федеральнай бүддьүөттэн 330 тыһ. солк. тутуоҕа. Көмө харчы улуустарга номнуо тиийэн турар. Онон эмсэҕэлээбит дьон бу нэдиэлэ бүтүөр диэри көмөнү ылыахтара”, — диэн кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Лепчиков кэпсээтэ.

Тойон Лепчиков эппитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэмнээх матырыйаалынай көмө дьиэ кэргэн биир киһитигэр 5000 солк. тэҥнэһэр, баай дуол барыта эбэтэр сороҕо эмсэҕэлээбит буоллаҕына, 10-20 тыһ. солк. буолар. Оттон федеральнай биир кэмнээх көмө киһи ахсын 10 тыһ. солк, баайга-дуолга – 50-100 тыһ. солк.

Билигин сүрүн болҕомто уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ тутуу матырыйаалын кэмигэр тиэрдиигэ ууруллар.

Санааҕын суруй