Дьокуускай аннынан Өлүөнэ мууһа бу өрөбүллэргэ хамсыаҕа.
Киин куорат дьаһалтатын Гражданскай оборуонаҕа управлениетын начаалынньыга Виталий Бобинов иһитиннэрэринэн, уу таһыма 600-700 см тэҥнэһэрэ күүтүллэр (ити былырыыҥҥыттан биир миэтэрэнэн үрдүк).
Муус харыыта күн-дьыл туругуттан быһаччы тутулуктаах. Билигин халааҥҥа хабыллыан сөптөөх нэһилиэктэргэ (Табаҕа, Капитоновка, Хатас, Тулагы, Кангалас уонна Промышленнай уокурук) сэрэтии, бэлэмнэнии үлэтэ тэтимнээхтик ыытыллар.
Бу сарсыарда 9 ч. туругунан, Өлүөнэ мууһун алын кытыыта Ленскэй куорат аннынан устар, оттон үөһээ кытыыта Ленскэй улууһун Крестовскай гидро-пуоһун оройуонугар устар.