Амма улууһун салалтата бүгүн сааскы халаанынан сибээстээн улууска ыксаллаах быһыы-майгы (ЧС) режимин биллэрдэ. Бу туһунан улуус ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Эдуард Прокопьев иһитиннэрэр.
Биһиги саайпытыгар Эдуард Трофимович иһитиннэрбитинэн, ЧС балаһыанньата улууска бу сарсыарда 10 ч. биллэриллибит. Бу туһунан 698 №-дээх уураах тахсыбыт. Бэҕэһээ Өнньүөскэ Саһыл учаастагар 13 учаастак, 4 дьиэ ууга барбыт. Уу таһыма 965 см тиийбит (муҥутуур таһыма – 925 см). Амма өрүскэ муус харан уу таһыма үрдээбит. Билигин онно быыһааччылар дэлби тэптэрэр үлэни ыыта бөртөлүөтөнэн көппүттэр. Амма нэһилиэгэр уонна Чапчылҕаҥҥа уһаайбалар ууга барыталаабыттар. Амма нэһилиэгин аннынан уу таһыма 827 см. Эдуард Прокопьев бэлиэтииринэн, балаһыанньа толору хонтуруолга сылдьар.