Киир

Киир

Халыма өрүс хаатыттан тахсан 4 нэһилиэнньэлээх пуун: Орто Халыма куорат, Березовка уонна Зырянка, Верхнеколымск бөһүөлэктэр ууга бардылар.

Уопсайа 142 уһаайба, 4 олорор дьиэ (10 киһи олорор (1 оҕо) ууга барбыт. Уу ылбыт сирдэригэр 1011 киһи, ол иһигэр 265 оҕо олорор. Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүннүүр Управлениета иһитиннэрэр.

Уу ылыан иннинэ 431 киһини, ол иһигэр 125 оҕону көһөрбүттэр. Быстах кэмнээх олорор пууҥҥа 67 киһи (33 оҕо) киирбит. Оттон атыттар аймахтарынан, билэр дьоннорунан тарҕаммыттар.

Орто Халыма куоратыгар 57 уһаайба сороҕо ууга сытар, онно 246 киһи, ол иһигэр 42 оҕо олорор. Эрдэттэн 246 киһи, ол иһигэр 42 оҕо көһөрүллүбүт. Быстах кэмнээх олорор пууҥҥа 8 киһи баар (1 оҕо).

Үөһээ Халыма улууһун киинигэр – Зырянка бөһүөлэгэр 25 уһаайба сороҕо ууга сытар. Онно 391 киһи, ол иһигэр 88 оҕо олорор. Дьиэлэр сыбаайаҕа турар буолан, олохтоохтору көһөрбөтүлэр.

Оттон Верхнеколымскай сэлиэнньэтигэр 189 киһи (ол иһигэр 52 оҕо) олорор 27 уһаайбатыгар уу киирбит. Олохтоохтору көһөртөөбөтүлэр (дьиэлэр сыбаайаҕа тураллар).

Орто Халыма улууһун Березовка сэлиэнньэтигэр 34 уһаайба ууга олорор. Онно 185 киһи (83 оҕо) олорор. 4 дьиэ ууга барбыт (10 киһи олорор, ол иһигэр 1 оҕо). Эрдэттэн 185 киһини көһөрбүттэр (83 оҕо). Быстах кэмнээх олорор пууҥҥа 59 киһи (ол иһигэр 31 оҕо) көһөрүллүбүт. Атыттары аймахтарынан, билэр дьоннорунан көһөртөөбүттэр.

Орто Халыма уонна Зырянка аэропортарыгар көтөр аал балаһата суураллыбыт. Бу икки аэропорт бөртөлүөттэри эрэ ылар. Зырянка аэропордун балаһатыттан тэриллэри хомуйбуттар. Билигин бөртөлүөтүнэн “стыковка” эриэйсэтэ оҥоһуллар. Эмсэҕэлээбиттэргэ аадырыстаах көмө оҥоһуллар.

Санааҕын суруй