Киир

Киир

Зырянкаҕа уонна Верхнеколымскайга халаанынан сибээстээн балаһыанньа уустугурбутунан, оробуочай бөлөх көттө.

Зырянкаҕа уу таһыма 938 см тэҥнэспит (кутталлаах таһым – 770 см). 1618 киһи, ол иһигэр 382 оҕо олорор 98 уһаайба ууга барбыт. 7 элбэх кыбартыыралаах дьиэ муостатыгар уу олорор. Улахан ууттан икки социальнай эбийиэх эмсэҕэлээтэ.

Оттон Верхнеколымскай сэлиэнньэтигэр 327 киһи (ол иһигэр 81 оҕо) олорор 38 уһаайбата ууга барда. Онно 15 олорор дьиэни, 4 социальнай эбийиэги уу ылбыт.

Нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччыта Юрий Зайцев иһитиннэрбитинэн, Угольнай сэлиэнньэтигэр быстах кэмҥэ дьон олорор пууна тэриллиэҕэ.

“Үөһээ Халыма улууһугар 2014 сыллааҕы хартыына хатыланна. Оччолорго хара ууга Зырянка бүтүннүү барбыта. Хаар ууллан, Халымаҕа уу таһыма үрдээн, итиэннэ Халыма ГЭС уу ыытан маннык халаан хатыланна”, - диир Зайцев.

Орто Халыма улууһугар балаһыанньа эмиэ уустук. Орто Халыма куоратыгар бүгүн уу таһыма 45 см үрдээтэ, 96 уһаайба ууга сытар. Онно 361 киһи олорор. 79 олорор дтиэ ууга былдьанна, олорго 278 киһи, ол иһигэр 62 оҕо олорор. Аэропорт балаһата ууга былдьанна. Ол эрээри, билигин икки Ми-8 бөртөлүөт көтөр.

Березовка нэһилиэгэр уу кутталлаах таһымын 34 см куоһарда. Маны таһынан, Налимскай ууга барда. Онно 34 уһаайба ууга барда (108 киһи, ол иһигэр 38 оҕо олорор). Маны таһынан 10 киһи (3 оҕо) олорор 3 дьиэттин уу ылла.

Билигин Саха сиригэр халаантан 51 нэһилиэк эмсэҕэлээбититтэн, 7-гэр сол да уу түһэ илик.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар