Киир

Киир

Былыыр-былыр Сир Ийэбит уот кутаа дойдута эбитэ үһү. Ол сахха бу Сир хаһаайына Дракон суос-соҕотоҕун олорон олус чуҥкуйбут. Биир күн кини Үрдүк Айыылартан аат ааттаан маннык диэн көрдөһүүлээх буолбут:

"Аан дайдыны айбыт Үрдүк Айыыларым, мин бу уот кутаа дойдуга олус соҕотохсуйар буоллум. Бука диэн миэхэ доҕордо ыытан кулуҥ" - диэн көрдөспүт.
 

Онуоха Үрдүк Айыылар, Дракон көрдөһүүтүн ылынан, дириҥ толкуйга түспүттэр. Толкуйдарын үһүс күнүгэр маннык быһаарбыттар:

 " Дьэ, уолбут Дракон! Эн этиигин ылынан, эйиэхэ доҕор гына Тоҥ Томороонтон Чысхааны ыытан эрэбит.  Ол гынан, эйиэхэ уонна Чысхааҥҥа саҥа сорудах биэрэбит. Иккиэн сүрдээх эйэлээхтик олорон, биһиги эһиэхэ биэрбит Улуу Күүспүт көмөтүнэн Орто Дойдуну ойуу-бичик оһуордаан бэлэмнээҥ! Ол кэннэ биһиги Сир Ийэҕэ араас үүнээйилэри үүннэриэхпит. Онтон үөнү-көйүүрү, кыылы-сүөлү, көтөрү уонна киһи аймаҕы олохсута түһэриэхпит" - диэттэрин кытары, эмискэ Кудул Куйаартан үс өҥнөөх дьүкээбил уота арыалланан, сүрдээх күүстээх силлиэнэн-буурҕанан мууһу-хаары өрө ытыйан, Чысхаан обургу, оччотооҕу уотунан умайар сир ийэни үс төгүл эргийээт, Дракон иннигэр биирдэ хорус гына түспүтэ эбитэ үһү. Уонна Дракоҥҥа муус кыаһаан илиитин утары уунар.

Уот төлөн тыыннаах Дракон, хардары илиитин уунан дорооболоһон, эҕэрдэ бэссээттэрин кытта, өтөрүнэн көстүбэтэх сэттэ өҥнөөх кустук сир ийэни иилии эргийэн кэбиспитэ эбитэ үһү! Улуу былыттар, өрө көтөҕүллэн тахсан умайа турар сир ийэни сөрүүкэтэн, ардаҕынан, хаарынан самыырдаан, аан бастакы үрүйэлэри, үрэхтэри уһуннарбыттар.

Ол курдук улуу муоралар, байҕаллар дьалкыйа тэнийбиттэр, аан бастакы туораах түһэн ача күөх от үүнэр хара сирэ тахсыбыт. Дьэ, онтон ыла, доҕоттоор, Орто Дойду олоҕо саҕаламмыта эбитэ үһү.

Итии уонна Тымныы иччилэрэ - Драконнаах Чысхаан, күн бүгүҥҥэ диэри аан дайды ытык олоҕун араҥаһыччыттара буолан, Орто дойдуну харыстыы, хараанныы тураллар эбитэ үһү.

Ойуу ааптара: худуоһунньук Егор Неустроев

Өймөкөөн Сэмэнэ.

Санааҕын суруй