Киир

Киир

1965 сыл сайын Абалаах алаастарыгар оттуу сылдьыбыппыт. Бу сайыннары маҥхайан көстөр тураҥнаах киэҥ алаас хоту өттүгэр бадараанынан эмтиир балыыһа ыраахтан дьэндэйэн турар. 30-ча ыаллаах дьоҕус дэриэбинэ олохтоохторо, балыыһаҕа үлэлиир үлэһиттэр, массыына, тыраахтар гараастара, уһанар дьиэлэр, үлэһиттэр олорор уопсай дьиэлэрэ бааллара. Нэһилиэнньэ аҥаарыттан ордуга нуучча этэ.

Ол сайын биирдэ тыраахтарбыт холбоноро алдьанан, сыбааркалата диэн бардыбыт. Биһиги сыбаарка уотун бастакы көрүүбүт буолан, ол киэһэ харахпыт ыалдьан эрэйдэннибит. Табаҕа — Өлөчөй — Бүтэйдээх айанын суола дэриэбинэ ортотунан барар буолан, биһиги Суолабытынааҕар сайдыылаах, кэлиилээх-барыылаах курдуга.

Ол сайын Абалаахха элбэхтэ сылдьыбыппыт. Оччолорго холкуос үлэһиттэрэ хамнастарын харчынан аҥаарын курдугу дохуоттарыттан көрөн биэрэллэрэ. Нууччалар  коза иитэллэрин онно саҥа көрбүппүт. Хатыҥнаах оҥкучах алаастар сыырдарын быарыгар кугас, маҥан баттахтаах дьахтардаах эр киһи күүлэйдии сылдьалларын элбэхтэ көрөрбүт.

Окко үлэлэһэр Арамаан уол үлэлээн баран бэлисипиэтинэн Абалаахха барар уонна сарсыарданан кэлэр. Дэриэбинэ кыыһын булсан, таптаһан эрэйдэннэ. Куйаас күҥҥэ от үлэтэ ыарахан, Арамаан бугул кэтэҕэр сыта-сыта нэһиилэ үлэлиир. Звеновод Миитэрэй хаста да сэрэттэ. Сырдык дьүһүннээх, хатыҥыр Араайа кыыс биирдэ кэлсэ сырытта. Миитэрэй “кыыскын нууччалар былдьыыллара буолуо” диэн Арамааны элэктиир. Уол сирэйэ кубарыйа түһэр. “Арамаан! Кыыскын наһаа уһатыма-кэҥэтимэ, кум-хам тутан хоонньоһон кэбис, оҕо оҥордоххуна, бэйэтэ эккирэтиэ”,— диэн Миитэрэй сүбэлиир. Ол-бу дииллэрин Арамаан сөбүлээбэт, иһигэр кыыһырар. Киэһэ үлэлээн, 10-11 чаас да буоллун, аһаабакка эрэ Абалааҕар барар. Звено дьоно уоллара дьүдьэйэн эрэрин көрөн аһыналлар. Аҕыйах күн ардаан, от үлэтэ тохтоон ылла. Онтон бүтэй тутуута, илии хотуурунан от охсуута — өрөөбөттөр. Ол кэмҥэ Арамаан Абалааҕыттан кэлбэт.

Абалаах аттынааҕы алаастары бүтэрэн, Суола үрэҕин илин толоонугар оттуу көстүбүт. Мантан Өлөчөй пиэрмэтэ уонна хортуоппуй олордор бааһыната чугас. Арамааны биир киэһэ Өлөчөйтөн хортуоппуйда баран аҕал диэтилэр. Аҕыйах талах куобаҕын үүрэн өлөрдүлэр, ону мииннээн иһээри тэриннилэр. Арамаан сарсыныгар нэһиилэ кэллэ, хортуоппуйа суох, “биэрбэтилэр” диэтэ. Миитэрэй сиргэ силлээтэ: “Эйигин ыйытан ылаар диэбэтэҕим. Бааһынаттан боруоста биэдэрэ аҥаарын хостоон ыллыҥ да, төннүөхтээх этиҥ”, — диэн мөхтө. Арамаан тапталлааҕар Абалаахха тиийбит, сорудаҕы толорботох, инньэ гынан барыларыттан сэмэлэннэ. Оттооһун үлэтин күүркэтэр агитбиригээдэ кэллэ. Кэнсиэр көрдөрдүлэр. Араайа кэлсибит, үҥкүүһүт, ырыаһыт бэрдэ эбит. Сынньалаҥ кэмҥэ Арамаан Араайатыныын сүтэн хааллылар. Агитбиригээдэлэр хомунан бараары гыммыттара – Араайалара суох. Дьон бары ыһыытаан-хаһыытаан ыҥыраннар, кэмниэ кэнэҕэс бу сиэттиһэн тиийэн кэллилэр. Миитэрэй Арамааҥҥа: “Дьэ, кытаат, кыыскын мүччү тутума. Мин эппиппин толордуҥ дуо?” – диэн ыйытта. Уол кытаран хаалла.

Нөҥүө сайыныгар Абалаахпыт алаастарыгар эмиэ оттуу кэллибит. Арамааммыт суох: күһүн аармыйаҕа барбыт. Араайата саас оҕоломмут, оҕото кугас баттахтаах, күөх харахтаах нуучча оҕото үһү. Оттон Арамаан саха харата этэ. Дьэ, эрэйдээх тапталбыт түмүгэ көһүннэ – кэлтэйдии таптаан эрэйдэммит, бүтүн звено дьоно эрэйдэммитэ диэн буолла. Миитэрэй хойутаан сүбэлээбит быһыылаах, обургулар урутаабыттар диэн түмүккэ кэллибит.

Абалаах таптала салгыылаах буолан биэрбитэ. Арамаан аармыйаҕа үс сыл сулууспалаан кэлбитэ Араайата  икки аҥаар саастаах уоллаах көрүстэ. Баччархана курдук кугас баттахтаах уол саҥата-иҥэтэ элбээбит, тута “паапам кэллэ” дии тоһуйда. 3 сыл тухары Араайа Арамааны кытта суруйса, билсэ сылдьыбыт. Ол тухары уола нууччаҕа майгынныырын эппэтэх, хаартыскатын да ыыппатах. “Эйигин эрэ күүтэбит” диэн таптыырын туһунан суруйарын иһин, Арамаан мин оҕолоохпун диэн ахта-саныы сылдьыбыт. Араайа уопсай дьиэҕэ уолунаан олорор. Арамаан уолун көрөөт, дьэбин уоһуйан, бөтө бэрдэрэн олордо. Онтон: “Бу ким оҕотой?” – диэн ыйытта. “Эн уолуҥ”, — Араайа куолаһа титирэстээн ылла. Кыыһырсыы, этиһии, уруккуну-хойуккуну хостоһуу, күнүүлэһии буолан турда. Охсуспатылар эрэ. Уоллара ытаан уҥа сыста. Арамаан кыыһыран-тымтан дьиэлээтэ, 2 ый устата кэлэ да сылдьыбата. Абалаахха күн аайы тиэстэр бэйэтэ, Абалаах суолун да умунна.

Биирдэ Араайа оройуон киинигэр балыыһаҕа уолун көрдөрө сылдьан роддомҥа кини оҕолонорун саҕана сиэстэрэлээбит дьахтары көрүстэ. Дьахтар уолу көрөөт, хаһыытыы түстэ “Дьэ, Араайа! Улахан алҕас тахсыбыт. Ити төрүүр кэмҥэр Аллараа Бэстээхтэн нуучча дьахтара баара. Ол оҕотун эйиэхэ биэрэн кэбиспиттэрин быраастан куттанан эйиэхэ эппэтэхтэр. Анараа нуучча дьахтара кэргэнэ суох, онон аахайбатах үһү дииллэр. Сири аннынан кэпсииллэрин истэр этим. Мин онно атын симиэнэҕэ үлэлиир этим. Билигин биэнсийэҕэ олоробун. Ол Аллараа Бэстээх дьахтарын көрсөн быһаарсыаҥ этэ. Кэргэннэнээри сылдьабын диэбитиҥ, бииргэ олороҕут дуо?” – диэн бэрт элбэҕи кутта-симнэ.

Араайа күүппэтэх өттүттэн соһуччу сонуну истэн, айаҕын атан, хараҕын тиэрэ көрөн кэбистэ. Нэһиилэ уоскуйан, уолун аймахтарыгар хаалларан баран роддомҥа тиийдэ. Икки аҥаар сыллааҕыта Аллараа Бэстээхтэн ханнык дьахтар төрөөбүтүн сурунаалтан көрөн аадырыһын биэрдилэр. Үлэтэ, кэргэнэ суох дьахтар үһү. Дьонтон ыйыталаһан, хаарбах дьиэлэри кэрийэн, наадалаах аадырыһын син булла. Арай дьиэҕэ киирбитэ, арбайбыт баттахтаах холуочук нуучча дьахтара арыгылаах остуолга олорор эбит. “Эйигин өйдүүбүн. Дьүөгэм саха кэргэннээх да оҕолоро суох. Ону мин саха оҕотун төрөттүм диэн, 5 ыйыгар кинилэргэ биэрбитим. Бэйэм соҕотохпун, кырдьыгынан эттэххэ, саха көссүүлээх этим. Онтон буолуо диэн аахайбатаҕым. Ол дьүөгэм оҕо ииттэ ылан, ылларан, билигин чуумпутук, үчүгэйдик олороллор. Билигин кэлэн, атын дьон оҕото эбит, атастаһыҥ диир быраабым суох. Сөбүлэһиэ да суоҕа, бэйэлэрин оҕолорун курдук таптыыллар”, — диэн баран, ытаан киирэн барда. Араайа уолун хаартыскатын көрдөрдө. Лариса “мин курдук эбит” диэн  быһа ымманыйда, хаартысканы сыллаан-уураан ылла. Өр олорон уоскуйан баран Араайа Ларисаттан: “Бу мин оҕом, балыыһаҕа атастаһыннарбыттар” диэн туоһу сурукта сурукта аҕал”, — диэн көрдөстө. “Чэ, Рая, Абалаахха эйиэхэ бара сылдьыам. Кэргэҥҥин кытта көрсүөхпүт. Эн ол балыыһа сиэстэрэлэриттэн туоһу сурукта ыл. Онтон мин дьиҥнээх туоһу суругу суруйуом”, — диэн Лариса быһаарда. Дьүөгэм олоҕун аймаамыах диэбитин иккиэн сөбүлэстилэр. Араайа да кыһылыттан мин оҕом диэн көрбүт оҕотун туора дьоҥҥо биэриэн баҕарбат эбит, бу санаатаҕына.

Араайа Майаҕа роддомҥа таарыйан, оҕону алҕас биэрбит сиэстэрэ суох буолан, кыайан чуолкайдаспакка эрэ, уолун ылан Абалааҕар төнүннэ.

Санаарҕабыллаах ыарахан күннэр бытааннык уһуннулар. Кырыа кыһын тиийэн кэллэ, улуус киинигэр оптуобус сылдьар буолла. Инньэ гынан биир үтүө күн Лариса оптуобуһунан Абалаахха тиийэн кэллэ. Уолун кууһан ылан сыллаан-уураан, санна титирэстээн ытамньыйан ылла. Үһүн ааһан эрэ Өлүөскэ, хаана тардан буолуо, нуучча дьахтарын атыҥыраабата, көтөхтөрөн налыйан олороруттан бары да сөхтүлэр. Дьахталлар бэрт өр олорон арааһы кэпсэттилэр, Араайа оҕотун, саатар, көрүөн баҕарара кыаллыбатыттан ытамньыйан ылла. Киэһэ хойут Арамаан Бүтэйдээхтэн Суолаҕа баран иһэн таарыйда. Дьэ, маныаха Лариса барытын ыраас мууска ууран, кэпсээн биэрдэ, “оҕобун ылабын” диэмэхтээтэ. “Эһиги балыыһа сиэстэрэтин кытта аахсыҥ, оҕону төнүннэрэргэ эбэтэр Араайа буруйа суоҕун дакаастаатыннар. Араайа буруйа суох, эһиги оҕоҕут Аллараа Бэстээххэ түс-бас ыалга иитиллэр", — диэн Арамааны ылыннарар гына эттэ-тыынна.

Арамаан дөйөн олордо. Киһи өйдөөбөтө итиннэ суохха дылы – оҕолоох дьахтар бэйэтэ кэлбит, оттон мин оҕом, бэйэм хааным — атын илиигэ. Буруйдаах Лариса курдук. Арамаан толкуйдаатаҕына, элбэх киһи олоҕо айманар эбит. Оҕону былдьаһарга суутунан быһаарсарга тиийэҕин. Оҕоҕо эмиэ охсуу. Араайа тоҕо да эрдэ билбэтэҕэй? Мин иннибинэ нууччалана сылдьыбыта буолуо, ол иһин киниттэн буолуо диэн сылдьыбыт буолуохтаах диэн күнүүлүүр санаа арахсан биэрбэтэ. Оттон кырдьык атастаспыт буоллахтарына, ол — мин оҕом. Баран көрбүт киһи диэн төбөтүгэр араас санаа ытылынна. Аны Лариса: “Баран ол оҕону көрүҥ, хайаҕытыгар маарынныырын”, — диэтэ. Бэстээххэ тиийдэххитинэ, илдьэн ыалдьыт курдук билиһиннэриэм диэбитин сөбүлэстилэр. Хаан да анаалыһа суох, улааппыт оҕону киһи көрөн да билэр ини диэн, биир санааҕа кэллилэр.

Арамааннаах тапталлара хат күөдьүйүөх курдук буолла. Аҕыйах хонугунан Арамаан Абалаахха Араайатыгар, уолугар чымадаанын туппутунан көһөн кэллэ. Күөх харахтаах уол “паапа” да “паапа” диэн сүрэҕин уулларда. Арамаан сылаас тапталга бигэннэ, Абалаах куруорт тэрилтэлээх буолан, хамнас да үгүөрү, быр-бааччы ыал буоллулар. Саас оптуобуһунан Бэстээххэ баран кэллилэр. Лариса улахан холуочук олорорун илдьэн, саха уолларын көрөн кэллилэр. Умса бырах, тиэрэ бырах — оҕо Арамаан курдугуттан бары да соһуйдулар. Оҕону былдьаһар, атастаһыннарар туһунан хайа да өттүттэн тыл көтөхпөтүлэр. Баралларыгар Ларисаҕа ас-үөл, арыгы аҕалбыттарын биэрдилэр. Нуучча саха курдук буолбатах, хараҕын уута чугас, ытамньыйан да ыллылар, бары аймахтыы курдук санаһан араҕыстылар. Арамаан балыыһаҕа алҕас тахсыбытын илэ көрөн, дьэ итэҕэйдэ. “Чэ, эдэр дьон, өссө да оҕолонуоххут”, — диэн Лариса алгыы хаалла.

Арамааннаах 9 оҕолоохтор. Алексей Романович лесхоз начаалынньыгынан олорон “бу — бииргэ төрөөбүттэрим” диэтэҕинэ, билбэт дьон соһуйа истэллэр. Бырааттарын, балтыларын үөрэттэрэн киһи оҥортоото.

Дьон дьылҕата, олоҕо арааһынай, ону биһиги ырыта барбаппыт. Олох элбэххэ үөрэтэр.

Тилин.

Санааҕын суруй