Киир

Киир

   Бу кэпсээни хаһан эрэ ыалдьан балыыһаҕа сыттахпына, Үөһээ Халыма улууһуттан төрүттээх киһи кэпсээбитэ. Бэрт элбэх сэһэннээх киһи этэ. Халыма сирин былыргы номохторун бэрт элбэҕи кэпсээбититтэн, бу биири бэлиэтэммиппин суруйан эрэбин.
 

 

   Халыма өрүс уҥа өттүгэр Мууна диэн улуу күөл баар. 18-с үйэҕэ бу күөл илин өттүгэр баар кыра үрүйэ үрдүгэр Борооҥхой диэн аата мээнэ ааттаммат улуу ойуун олорбут. Биирдэ бу Борооҥхой улаханнык ыалдьыбыт. Иһэ үллэн баран, улааттар улаатан, аллара халыйан, тобугар тиийэрэ биир илии эрэ хаалбыт. Иһэ тобугар тиийдэ да өлөрүн ойуун бэйэтэ билэр эбит. Ол айылаах улахан иһи туох кыайыай, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбут ойууну дьоно өйөөн эргитэр-урбатар, аһатар эбиттэр.
   Кыһын ааһан, саас буолбут. Халыма эбэ бэйэтэ, кыра да, улуу да эбэлэр муустарыттан босхолонор, күс-хаас эймэҥнии көтөр дьыл биир кэмэ саҕаламмыт. Ол кэмҥэ Борооҥхой кырдьаҕас дьонун ыҥыран ылан: «Дьэ, кэмэ кэллэ, баччааҥҥа диэри тулуйан кэллим. Аны маннык сытан киһи буолбаппын. Онон, дьэ, холонон көрүүм. Этэрбин болҕойон истиҥ уонна хайаан да толоруҥ. Билигин миигин көлүйэҕэ илдьиэххит. Оччоҕуна мин ууга түһүөм, ол кэннэ көлүйэ уутун иһимээриҥ. Онтон үс хонон баран киэһэ күөл уҥуор биир оҕолоох тыһы тайах киирэн уулуу турар буолуоҕа. Оччоҕо миигин «өссө да тыыннаах эбит» дии санаарыҥ. Салгыы мантан көһөн, Мууна арҕаа өттүгэр сиэн үрдүнээҕи сайылыкка киирэн олохсуйуҥ. Төрдүс күнүгэр мин бу көлүйэни сир аннынан дьөлө үүттээн уутун Муунаҕа түһэриэм. Ити кэнниттэн үс тоҕус хонон баран Муунаттан тахсан тыа диэки ыстаныам. Оччоҕо дьэ кытаатан тыаҕа да киллэрбэккэ, ууга да төттөрү түһэрбэккэ, иннибин быһа түһэн ылаарыҥ. Оччоҕо өлүөм суоҕа, тиллиэм», – диэбит.
   Этиллибитин курдук, дьоно Борооҥхойу өйөөн киллэрэн көлүйэ кытыытыгар аҕалбыттарыгар, оҕонньор­доро ууга чоп гынан хаалбыт. Күөрэйбэтэх. Ону кытта көлүйэлэрин уута хаан курдук кытаран тахсыбыт. Үс хонон баран көрбүттэрэ, киэһэлик көлүйэ уҥуор оҕолоох ийэ тайах киирэн уулуу турар эбит. Төрдүс күнүгэр көлүйэлэрэ уута ханан да сиэнэ суох эрээри, көһөн хара буорунан көрө сытарын көрөн соһуйбуттар. Дьон ойууннара эппит сиригэр көһөн тахсаллар.
   Муунаттан ыраах Арҕаа Таас диэки тэҥнээҕин булбатах кус быһый, ат бөҕө омук (эбээн) хоһууна баар сураҕын истэн, ол киһини сураһан ыҥыртаран аҕалаллар. Били болдьохтоох үс тоҕус күннэрэ туолуутугар, күөл кытылыгар манаан сырыттахтарына, Муунаттан сыгынньах киһи сулбу ойон тахсан тыа диэки ыстаммыт. Көрбүттэрэ: Борооҥхойго дылы үһү. Улахан иһэ ханна да суох, урукку бэйэтинэн буолбут. Ону кэтээн турбут эбээн хоһууна Борооҥхойу иннин күөйэ тыа диэки түһүммүт. Ону көрөөт, сыгынньах киһилэрэ төттөрү ыстаммыт уонна сиирэ-халты харбаппытынан төттөрү күөлгэ «бар» гына түспүт. Умсан сүтэн хаалбыт.
   Нөҥүө күнүгэр эмиэ кэтэспиттэр. Борооҥхой ууттан сулбу ойон тахсан тыа диэки ыстанар. Бу сырыыга эбээн чулуута кинини күөлтэн тэйитэ түһэн баран дьэ биирдэ барбыт. Борооҥхой тыаҕа тиийиэхчэ буолан эрдэҕинэ, эбээн кинини эргийэ сүүрэн иннинэн туора көтөн ааспыт. «Суола бүөлэммит» Борооҥхой эргиллээт күөлү былдьаһар. Ол эрээри, эбээн бэрдэ ойууну эргийэ көтөн ханна да барбат гына ыга күрүөлээн кэбиһэр. Көстүбэт хааччахха хаайтаран тилигирии сылдьар ойууну дьоно саба түһэн кэлгийэн кэбиһэллэр...
   Борооҥхой үтүөрбүт. «Ити атын ойуун тутан сии сыспытыттан босхолоннум. Аны кэмим иннинэ өлүөм суоҕа. Ууга сылдьан, Күөл иччитэ көрдөспүтүгэр, биир ууга түспүт анньыыны тэбэн кэбиспитим, ону баран ылаарыҥ», – диэбит. Ойуун ыйбыт сиригэр баран, хас да сыллааҕыта ууга түһэрбит анньыылара тииккэ батары сааллан турарын ылбыттар.
Ити кэннэ хас да сыл ааспыт. Ол кэмҥэ Муунаттан 15 көс арҕаа Кумула диэн эмиэ улахан күөл таһыгар Быһыйа диэн ойуун олорбута үһү. Биирдэ    Борооҥхой уонна Быһыйа Орто Халыма куоратыгар тиийэ сылдьан улаханнык иирсибиттэр. Бэрт бэрди кытта батыспат буоллаҕа. Ол кэннэ Борооҥхой дойдутугар төннөн иһэн Быһыйа ойуун аара хаалларбыт тоһуур айатыгар түбэһэн сүрэхтээх тыҥатын тоҕо көтүттэрэр. Онтон чугас баар ыалга бэрт эрэйинэн тиийэн: «Быһыйа баҕайы айатыгар түбэстим. Билигин өлөн хаалыам. Сотору кини манна кэлиэ уонна «дьиэттэн таһаарыҥ» диэҕэ. Кытаатыҥ, ону истимэҥ. Үс күн дьиэҕэ сытыарыҥ. Оччоҕуна мин тиллэн кэлэн бэйэм быһаарсыам», – диэбит. Этиллибитин курдук, утаакы буолаат, аны Быһыйа тиийэн кэлэр: «Бу өлбүт киһини тоҕо дьиэҕэ сытыараҕыт, таһырдьа таһаарыҥ!». Оччотооҕу дьон ойууну ытыктыыллара, куттаналлара бэрт буоллаҕа. Ол өлбүт ойууну көмүскэспитэ буолан ким да бэйэтэ өлүөн баҕарбатах. Таһааран кэбиспиттэр. Онон Борооҥхой ойуун өлөн хаалбыт.

Санааҕын суруй