Киир

Киир

   Аҕам Скрябин Егор Минович-Миинэ Дьөгүөрэ 1992 сыллаахха, 83 сааһыгар тиийэн баран, Дьокуускайга олорон өлбүтэ. Бастаан лик­безкэ үөрэнэн ааҕар-суруйар буолбут, кэлин түөрт кылааһы бүтэрбит, үйэтин тухары холкуоска-сопхуоска, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, хоту Булуҥҥа балыкка үлэлээбит киһи этэ. Кини төһө даҕаны үйэтин тухары илиитин хара үлэттэн араарбакка үлэлээ­тэр, олоҕун кэрчик кэмнэригэр суруйан хаалларбыт бэлиэтээһиннэрэ билигин оҕолоругар, биһиэхэ, аҕа­быт, төрүппүт-ууспут, оччо­тооҕу кэм кырдьыктаах, дьиҥ­нээх хартыынатын үтүө өйдөбүлэ буолан хараллан сыталлар.
 
   Бүгүн онтон биир кылгас бэлиэтээһинин «Кыымҥа» анаан бэчээттэтэбин.
   Биһиги дьоммут аах Тойон Боппуоктар кыстыктара Кыыл Уйалаахтан хоту диэки та­ҕыс­тахха, билиҥҥинэн Дьүлэй на­лыгар, баара. Онно аҕам оҕон­ньор туттубут туруорбах дьиэтэ уонна охсуу ампаара хойукка диэри турбуттара. Дьиэтэ өтөхсүйэн, сиҥнэн суул­лубута. Ампаарын кэлин «Молотов» холкуос дьоно Кыыл Уйалаахха көһөрөн киллэрэн, үүт ампаара оҥостубуттара. Мин онно төрөөбүтүм.
   Биһиги дьоммут удьуор бул­чут дьон. Эһэм Дьүлэй уола, сү­рэхтэммитинэн Сүөдэр Искирээбин, Боппуок кинээскэ кэпсэтэн, сылын аайы оччотооҕу суол-иис суох кэмигэр, бэл, Аллан-Амма хонноҕор-быттыгар тахсан түүлээҕи сонордоон киирэрэ эбитэ үһү. Ол сылдьан эбэбин, Саха Балбааратын, ойох ылан киирбит. Кинини са­халарга көспүтүн иһин Саха Балбаарата диэбиттэрэ үһү, оннооҕу дьоно. Ити билиҥҥи Дьүлэй налыгар баар Тоҥус Кыыһын күөлэ эмиэ кини аатынан ааттаммыт. Былыргыта Ойбон Күөлэ дэнэрэ үһү. Онон биһиги тоҥус хааннаахпыт.
   Аҕам Миинэ Сүөдэрэбис эмиэ булчут ааттааҕа этэ. Ол эрээри кини аҕатын курдук ырааппакка, Аммаҕа, Уус Май­даҕа киирэн бултуура. Кини 1924 сыл күһүнүгэр маннык түбэлтэҕэ түбэспиттээх.
   1924 сыл кыһыныгар, сэтинньигэ, оччолорго кинээс­тээн бүтэн олорор Боппуок ыҥыр­таран ылан, «уолум Миитэрэй ааҕы кытта барыс, суол­ларын-иистэрин булларан биэр, Майдаттан эргиллибитиҥ кэннэ эрэйгин төлүөҕүм» диэн көрдөһөр. Аҕам ону төһө даҕаны сөбүлүү истибэтэр, Миитэрэй түөрт Дьааҥы киһитин кытта Ньылхаҥҥа Артыамыйаптаах Карамзиҥҥа киирэн иһэр бандьыыттар буолалларын биллэрэ, нэдиэлэ курдугунан хомунан, Аммаҕа киирэр.
   Амманы этэҥҥэ туораан, Хайырҕаһынан Нуотара төр­дүгэр киирэн, аҕам кытты­гаһа Силипиэн Нойукуоп эргэ үүтээнигэр хонордуу оҥос­толлор.
   Миитэрэйдээх Амманы мүч­чү түспүччэ, өрүһү туораабычча диэн, тиэнэн иһэр сыар­ҕаларыттан икки иһит арыгыны киллэрэн, эт-ас буһаран, ый-күн ыһыаҕын ыһаллар. Аҕабар иһэрдэ сатаабыттарын «киһи сүһүөҕэ ууллар, тыына кылгыыр, кэбис, испэппин» диэн батынар. Ону суолу быһа тохтообокко арыгылыы испит Остуос диэн аргыстара «үтүө дьон үтүөнү санаан куппутун киэр анньар туох буолбут дьиккэргиний!» диэн күргүйдээн турбутун, Миитэрэй алы гынан тохтоппут. Дьоно ол курдук аһаан-сиэн айбардаан баран, ала түүн охтубуттар.
   Төһө өр утуйбута буолла, аҕам тыаһа суох аан аһыл­лыбытыттан, таһырдьаттан кы­һыҥҥы тымныы салгын туман буолан оргуйан киирбититтэн уһуктан кэлбит. Хайалара киир­дэҕэй дуу, тахсан бардаҕай дуу диэн уһуктан, өндөйөн ый­даҥа сырдыгар көрбүтэ, дьоно бары баарга дылы үһүлэр. Онон түлэкэтийдэҕим дуу дии саныыр уонна уһуктубучча, та­һыр­дьа тахсан киирэргэ сананар.
   Арай таһырдьа тахсан чэпчэтинэ туран хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, үүтээн кэн­нинээҕи ойуур устун киһи төбөтүн саҕа умайа сылдьар уот саарык хаары кырсынан устан кэлэн, үүтээн иһи­гэр ааһар. Өтөр үүтээн иһит­тэн киһи өлөр хаһыыта, ма­дьыктаһар тыас, хаһыы-ыһыы, үөхсэр саҥа иһиллэр. Аҕам онтон уһуктан, дьиэ иһигэр көтөн түспүтэ, Миитэрэй биир аргыһын кытта Остуос диэн ыҥырар киһилэрин сиргэ тиэрэ баттаан, оттон биир киһилэрэ орон үрдүгэр хабарҕата хайа сотуллан, хардыргыы сытара үһү.
   Аҕам үүтээҥҥэ киирэн, уолуйан тугу гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии тур­даҕына, Миитэрэй: «Көрөн туруоҥ дуо, быата киллэрэ тарт, кэлгийиэх!» – диэн хаһыы­таабыт. Оҕонньор таһырдьа ыстаммыт уонна сыарҕаттан быатын киллэриэн икки ардыгар, иһирдьэ эмиэ ким эрэ хаһыыта иһиллибит. Онтон аан тэлэллэ түспүт да, аргыс киһи таһырдьа куоппут. Аҕам, төһө да куттаннар, сэрэнэн, иһирдьэни өҥөйөн көрбүтэ, Миитэрэй окумалын туттан, аан таһыгар эр­киҥҥэ өйөнөн олороро, Остуостара өлөн тыыллан сытара үһү.
   Аҕам киирбитин көрөн, Миитэрэй: «Миинээ, кэбис, сатаныа суохпут. Ити киһибит (өлө сытар Остуоһу ыйар) ары­гыттан төбөтө иирбит. Көр­бөккүн дуо, бу айылаах дьү­һү­лээбитин. Сартаҥ уолун тахсан булан киллэр», – диэн дьаһайар.
   Аҕам таһырдьа тахсан, били куоппут уолу балачча өр эккирэтэн, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ биирдэ булар. Уола тоҥон өлбүт буолар.
   Онон аҕам Миитэрэйи илдьэ дойдутугар төннөн киирэр. Киһитэ кэлэн иһэн хаана баран, дьиэтигэр сыккырыыр тыына ордон кэлэр уонна уһаабакка тыына быстар.
   Аҕам хойут даҕаны ол тү­бэлтэни улаханнык ахтыбат буолара. «Арай киһи илиититтэн өлүөхпүн Айыыһытым ыҥыран таһааран, тыыннаах хаалбытым» диир буолара.
 
А.Е. Скрябин,
Дьокуускай.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар