Киир

Киир

   Мин тус бэйэм баччаҕа диэри этэҥҥэ сылдьабын, абааһы диэни харахтаан көрбөтөҕүм. Дьиҥэ баран эттэххэ, көрүөхпүн даҕаны баҕарбаппын. Билигин даҕаны эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө, киһи уҥуохтаах сирдэргэ соҕотох буоллахпына, куттана, дьаархана саныыбын.
 
 
   Сэрии саҕана этэ. Дибдир Мэхээс холкуоска биригэдьииринэн үлэлиирэ. Мин киниэхэ көмөлөһөрүм. Отчуттары кэрийэ сылдьан ким төһөнү үлэлээбитин таабыллыыбын. Сир мээрэйдиибин, бугуллары холоон көрөбүн, кэбиһиллибит оту тутабын. Холкуоспут буҕаалтыра Георгий Романов: “Дьон үлэтин хайдах баарынан, үлүннэрбэккэ да, көҕүрэппэккэ да чиэһинэйдик тут. Үлүннэрдэххинэ бэйэҕиттэн тутуохпут”, – диэн бэрт кытаанахтык эппитэ.
   От ыйын бүтүүтүн саҕанааҕы кураан күннэр. Күн чаҕылыччы тыган, чэмэлийэн аҕай турар. Тыала-кууһа суох буолан, дьөрү сэбирдэх да хамсаабат. Күнүскү чэй саҕана Кустаах диэн алааска от мунньааччы дьахталларга бэҕэһээ үлэлээбит үлэлэрин таабыллаары кэллим. Дьахталлар отторугар киирбэккэлэр, куулаҕа мастар күлүктэригэр саҥата суох сукуһан олороллоругар түбэстим.
   – Хайа, доҕоттоор, оккутугар тоҕо киирбэккэ олороҕут? Бу үлүгэр курааҥҥа туттумахтаан хаалыаххытын, – мин аатыгар эрэ тойон киһи быһыытынан, дьорҕойо соҕус саҥардым.
   Ким даҕаны саҥарбат. Бары алаас диэки көрөллөр. Онтон балай да өр буолан баран, Чээмпэрэ Охонооһой ойоҕо Уһун Буут Ылдьаана диэн сааһыран эрэр дьахтар:
   – Тукаам, табыллыбакка олоробут, – диэтэ.
   – Ол хайдах? – мин соһуйа иһиттим.
   – Абааһыны көрдүбүт... Абааһы от муста! Маҥан ырбаахылаах дьахтар!.. – диэн кыргыттар утуу-субуу кэпсээн бардылар.
   – Бэйи, оҕолор, аргыый саҥарыҥ! – диэн Ылдьаана кыргыттары буойталаан кэбистэ.
   Ол түбэлтэни бу курдук кэпсээтэ: “Аһаан бүтэн үлэбитигэр киирээри аҕай олордохпутуна, Сыырдаахтан киирэр суолунан маҥан ырбаахылаах курбачыйбыт дьахтар киирэн кэллэ уонна биһиги диэки хайыһан да көрбөккө, соруктаах баҕайытык туттан-хаптан ол халдьаайы анныгар тохтоото. Кыратык сынньана түһэн баран от мунньан элээриҥнэппитинэн барда. Көрдөхпүтүнэ, илэ дьахтар курдук, туттара-хаптара түргэнэ сүрдээх.
   – Мандаас ойоҕуттан атын. Ол эрэйдээх ыарытыйар. От мунньар кыаҕа суох. Оппуруос эмээхсин дуу? Суох, атын. Айгыр эмээхсинэ Натаалдьыйа дуу? Хамсанара, туттара-хаптара атын. Быһата, биһиги билбэт эмээхсиммит, – дэһэ турдахпытына, дьахтарбыт от мунньан курбанньыктаммытынан барда.
Хайа да күн биһиги, табахсыт муҥнаахтар, табахпыт айдаана. “Кыргыттар, арааһа, Суолаттан тахсыбыт дьахтар быһыылаах, табахтааҕа буолуо. Бараҥҥыт табахта умналааҥ эрэ”, – дэһии буолла. Кыргыттарбыт дьахтартан табах көрдөһө сырыстылар.
 
* * *
   Дьахтар от мунньан курбачытар. Кыраабыла биир кэм күп-күөрэҥнэс. Оту ыһан күдээриҥнэтэр. Биһиги баарбытыгар-суохпутугар букатын кыһаммат. Ити курдук үлэлии туран биһиги оҕолорбут чугаһаабыттарыгар эмискэ үлүгэр сүтэн хаалла. Онтон куттанан, бу оппутугар киирбэккэ олоробут.
   – Тоҕо куттанаҕыт? Ол абааһы буолбатах. Салгын хамсааһына буоллаҕа. Былыр маннык үтүө күҥҥэ син эһиги курдук дьахтар от мунньа сылдьарын салгын “устан” ыллаҕа. Ол эмиэ күнэ-дьыла сөп түбэһэн, бүгүн көстө түстэҕэ, – диэн сатыырбынан-сатаабаппынан уоскута сатаатым.
   – Буолуо даҕаны, өрдөөҕүтэ мин Сэбирдэх өтөҕөр Дыргыабай Уйбаан ойоҕо Мочойох ийэтин курдук дьахтары көрөн турардаахпын, – Ылдьаана мин кэпсээбиппин бигэргэппитэ буолла. – Ол дьахтар үкчү Мочойох ийэтин курдуга. Сааһын тухары таптаан кэппит даба ырбаахытын кэтэ сылдьара. Чэйиҥ, доҕоттоор, оппутун мунньа киириэҕиҥ. Абааһы диэн суох.
 
* * *
 Били дьахтар от муспут сирин тиийэн көрбүп­пүт, салаа да от мунньуллубатах этэ. Охсуллубут от кууран, мунньарга саамай табыгастаах күн турбута. Дьахталлар, дьэ уоскуйан, отторун мунньан барбыттара.