Киир

Киир

Сайыҥҥы куйаас күннэри сиппэрэҥ, силбик күннэр солбуйан, кыстыкка киирии чугаһаан иһэр. Нэһилиэк-нэһилиэк аайы хас биирдии ыал, хас биирдии хаһаайыстыба дьиэтин-уотун кыстыкка бэлэмниир, сүөһү-сылгы бэлэмин көрөр-истэр. Оҕо аймах оскуоланан, уһуйаанынан тарҕаһан, үөрэх дьыла саҕаламмыта номнуо үһүс нэдиэлэтигэр барда. Онон сайыҥҥы былдьаһыктаах түбүктэн нус-хас буолбучча, нэһилиэктэр сонуннарын билсиэҕиҥ.


Ольга Томская, кулууп үлэһитэ. Уус Алдан, Бээрийэ:

– Быйыл улахан ардах суох буолан, бэрт үтүө сайын ааста. Кэмигэр кыратык ардаан дуу, былырыыҥҥы угут күһүн туһалаабыта эбитэ дуу, сир аһын хото үргээтибит, арааһыттан хаһаанныбыт. От да үүнүүтэ үчүгэй, отчуттар сылы тахсар былааны толордулар.

Сайын чугас эргин баһаар турбакка этэҥҥэ ааста. Урукку дьылларга холоотоххо, сөрүүн соҕус сайын буолла.

Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуоланы биир выпускник бүтэрбитэ, оҕобут мединститукка киирэн, барыбытын үөртэ. Даҕатан эттэххэ, урукку сылларга нэһилиэккэ биэлсэрэ суох олорбуппут, быйыл атырдьах ыйыттан медколледжы бүтэрбит кыыс кэлэн, үлэтин саҕалаата.

Оскуолаҕа маҥнайгы кылааска икки оҕо киирдэ. Кэлиҥҥи сылларга хайа да нэһилиэктэн дьон көһөрө элбэх, биһигини да бу көстүү таарыйда. Онон нэһилиэнньэбит биллэрдик аҕыйаата диэн санньыйабыт. Ол эрээри санаабытын түһэрбэппит, ыччат дьоммут кэлин олохсуйа кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Нэһилиэкпит суола-ииһэ урукку курдук быстыбата. Биһиги эҥээргэ, Танда суолугар, быйыл суолу өрөмүөннүүллэриттэн үөрэбит.

Олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааманан (ППМИ) Кыайыы болуоссата тутулла турар, эһиилги үбүлүөйдээх сылы саҥа болуоссакка көрсүөхпүт диэн сэмээр үөрэбит. Ону тэҥэ ахсынньыга Бээрийэҕэ "Арчы" туосчуттар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээри сылдьабыт. Бэлиэ сылга тоҕооһуннаран түмсүү үлэтин-хамнаһын туһунан кинигэ бэчээккэ бэлэмнэнэр.

Ольга Томская

Альберт Иванов, баһылык. Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй:

– Быйыл 19-с уонна 21-с №-дээх икки улахан уот туран сайыммыт ыарахан соҕустук ааста. Баһаардар от ыйыттан саҕалаан атырдьах ыйа бүтүөр диэри турдулар. Ыарахан кэмҥэ олохтоохтор уонна Ю.Н. Прокопьев аат. 3-с №-дээх, Д.С. Спиридонов аат. 4-с №-дээх оскуолалар, 4-с №-дээх “Сардаана” уонна 7-с №-дээх “Сказка” оҕо уһуйааннарын кэлэктииптэрэ, 36 №-дээх аптека, оройуон балыыһата, биирдиилээн урбаанньыттар туора турбаккалар күүстээх көмө буоллулар. Уот Дабыыдап учаастагар 4 км курдук чугаһаабытыгар, дьону-сэргэни көһөрөр түгэн суоһаатаҕына диэн Дьокуускайтан МЧС-тар кэлбиттэрэ. Ону этэҥҥэ оннукка тиийбэтэ. Дьоммут-сэргэбит уонна үөһээҥҥи салалта көмөтүнэн этэҥҥэ ааста.

От ыйын иккис аҥаарыгар улуус дэлэгээссийэтигэр киирсэн, Украинаҕа АБДь-га кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэлбитим. Уолаттарбытыгар төрөппүттэриттэн кэһии, улуустан гуманитарнай көмө тиэрдибиппит. Даҕатан эттэххэ, Үөдүгэйтэн АБДь-га сэттэ уол сылдьар. Уолаттар этэҥҥэ сылдьаллар, санаалара бөҕөх. Биир дойдулаахтарын көрсөн “дойдубутугар Үөһээ Бүлүүгэ сылдьар курдук сананныбыт” диэн үөрбүттэрэ аҕай. “Өссө да кэлэ тураргыт буоллар” диэн баҕаларын эппиттэрэ.

Быйыл олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааманан Куду учаастагар ыһыахтыыр сир туттубут. Онон биир дойдулаахпыт Ефрем Николаевич Андреев төрөөбүтэ 115 сааһыгар аналлаах ыһыахпытын саҥа түһүлгэҕэ ыстыбыт. Манна эмиэ тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон көмөлөрө сүҥкэн. Ону тэҥэ табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии (ФКГС) бырагырааманан 10 мөл. солк. ылары ситиһэн, Күҥкү саҥа тутуллуохтаах пааркабытыгар оҕо уонна успуорт былаһааккалара тутулунна. Билигин салгыы тротуарданан, аныгылыы оҥоһуулаах скейтбордунан, бэлисипиэтинэн хатааһылыыр суол оҥоһулла сылдьар. Бу күһүн бүтүөхтээх.

Өссө биир сонуммут: Тутуу министиэристибэтиттэн саҥа түөлбэбит суолун өрөмүөнүгэр уонна уоту киллэриигэ харчы ыллыбыт. Гаас ситимин тардыыга эмиэ үп көрүлүннэ.

Альберт Иванов

Ардах, хомойуох иһин, баһаардарынан сибээстээн олох тарбахха баттанар курдук аҕыйахтык түстэ. Онон от үүнүүтэ мөлтөх. Холобур, биһиги ыал былырыын аҕыс оту ылбыт буоллахпытына, быйыл икки эрэ оту ыллыбыт. Ол эрээри былырыын от үүнүүтэ үчүгэй этэ, онон кур от баар. Уопсайынан, биһиги нэһилиэк кур оту холбоон, окко былааммытын 90 % толордубут.

Айаал Неустроев, баһылык солбуйааччыта. Өймөкөөн, Томтор:

– Былырыын улахан уу киирэн, Куйдуһуммут үрэҕин күргэтэ сууллубута, ону быйыл “Строймост” ХЭУо таас атахтаах күргэни тутан Томтор, Сордоҥноох нэһилиэгин дьонун абыраата. Олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааманан (ППМИ) Томторго сайыҥҥы уу ситимин киллэрдибит. Ол курдук Буор Үрэхтэн уу хачайдаан, дьон-сэргэ хаһаайыстыбатыгар туттар уутун хааччыйдыбыт. Ол эрээри үрэхпит уутугар тимир састааба элбэх буолан, кытаран көстөр, онон эһиил ону ыраастыыр фильтр туруорарга үлэлэһиэхпит.

Олорор сири тупсаран оҥоруу чэрчитинэн Обручев бульварын оҥоро сылдьабыт. Куорат болуоссаттарын курдук тротуар билииккэлээх, олорор ыскамыайкалаах, мас амфитеатрдаах буолуоҕа. Бу бульвары тутуу үлэтэ үс сылга былааннаммыта. Онно эбии быйыл куорат сирин тупсарыы бырагырааматыгар киирсэн кыайдыбыт, онон эбии үп-харчы көрүллэригэр эрэх-турах сылдьабыт.

Айаал Неустроев

Ойуур баһаардара этэҥҥэ быйыл биһигини улаханнык таарыйбатылар. Маннааҕы “Авиалесоохрана” салаатыгар уонтан тахса уол үлэлээтэ. Муома, Абый, Томпо диэкинэн сырыттылар быһыылаах. Ол оннугар халлааммыт ардаан отчуттарга да, айанньыттарга да мэһэйи үөскэттэ. Бу сайын устата суолбутун үстэ суурайан, нэдиэлэ эҥин кэриҥниитэ суола суох олордубут.

Бу сайын Өксөкүлээх Өлөксөй сылдьыбыт сирдэринэн “Үс кут” эдэр ыччат эспэдииссийэтэ кэлэн барда.

Айталина Иванова Кыыс күөлүгэр

Айталина Иванова, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аат. Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта. Өймөкөөн, Томтор:

– Быйыл дьон окко эрдэ киирбиттэрэ даҕаны, от ыйын ортотун кэннэ ардах кэлэ-кэлэ түһэн, кэккэ харгыһы оҥордо. От ыйыттан ардаҕы кытта хайаларбыт уулларан уу кэлэн, үрэхтэрбит хааларыттан тахсан, Өймөкөөнүнэн, Сордоҥнооҕунан уу киирдэ. Ходуһаҕа уу киирбитэ хоромньулаах соҕус буолла. Ордук Үчүгэй диэки эрэйдэннилэр, ууларын оттон таһаара сылдьар биидьийэлэрэ бассаапка тарҕаммыта. Күһүн суолбут хаста да быста сырытта, инньэ гынан уматык өттүгэр кыратык кырыымчык буолан ылла.

Айталина Иванова ЛАГЕРЬ
 
Биһиги оттуур сирбит эмиэ ыраах сытар, вездеходунан эрэ тиийиллэр. Онон кэлин уу элбээн, оппут ортотугар туран хаалбыт да буоллаҕына көҥүлэ.
 

Түмэл үлэтин туһунан сырдаттахха, быйыл “Дойдум дьоно” диэн бырайыак күүскэ үлэлиир. Ол курдук, сопхуос саҕаттан үлэлээбит дьоммут ахтыыларын уһуллубут, суруйан харайдыбыт. Ону тэҥэ сайынын икки нэдиэлэ устата кыраайы үөрэтэр лааҕырбытыгар сүүрбэттэн тахса кырдьаҕас сырытта. Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттары көрсүбүт улахан балаҕаммытыгар күҥҥэ биирдэ аһаан, бэлиэ сирдэргэ сылдьан саастаах дьоммут бэрт сэргэхтик сынньаннылар. Ону тэҥэ сопхуос саҕанааҕы хаартыскалары наардаан, билэр дьоннорун булан ахтыы суруйуохтаахтар. Нэһилиэкпит баһылыга итинник бырайыактары өйөөн, аҕам саастаах дьоммут ахтыыларынан устуоруйабытын илдьэ хаалыахтаахпыт диэн үлэлиибит.

Айталина Иванова ОБЩЕЕ 1

Түмэлбитигэр араас омук дойдуларыттан тиийэ ыалдьыттар кэлэллэр. Ытык Хайабытыгар, Эбэ Хайабытыгар сопхуос саҕана оҥоһуллубут булуус баар. Бу булуус Чысхаан тымныытын харайан турар. Манна сылдьан Өймөкөөҥҥө  былыргы сэлиилэртэн, носорогтартан саҕалаан дьон-сэргэ кэлбитин көрүөххэ-билсиэххэ сөп. Ону сэргэ айылҕа бэйэтэ оҥорон таһаарбыт кристаллара баар. Инньэ гынан дьон ааттаан-суоллаан кэлэллэр. Сыл аайы дьон кэлиитэ элбиир. Холобур былырыын Олоҥхо ыһыаҕынан түмэлгэ 2856 киһи сырытта, быйыл билиҥҥитэ 1178 киһи ыалдьыттаата. Биэс сыл анараа өттүгэр ордук омуктар сылдьар эбит буоллахтарына, билигин Саха сириттэн, Арассыыйа атын куораттарыттан кэлии элбээтэ диэн бэлиэтиибит.

Михаил Текеянов, нэһилиэк баһылыга, Горнай, Орто Сурт (Маҕаны):

– Биһиэхэ бу сайын түөрт ойуур баһаара бэлиэтэнэ сырытта. Ону нэһилиэк  дьоно түмсүүлээхтик тахсан, этэҥҥэ бөһүөлэккэ чугаһаппакка умулунна. Ойуур уотун умуруорууга дьоммут-сэргэбит көхтөөхтүк кытынна. Ол курдук, отуттан тахса эр дьон, олохтоох дьаһалта ДТ, бөлөрүүс тыраахтардара, УАЗ массыыната уонна биирдиилээн дьон бэйэлэрин тиэхиньикэлэринэн көмө буоллулар. 

IMG 20240918 WA0043

Тыа хаһаайыстыбатыгар киирэр буоллахха, бу сылга хааннааһын түмүгүнэн 266 ынах сүөһү баар, 117 ньирэй төрөөтө,  сылгы ахсаана – 547, бу сылга 219 кулун төрөөтө. Билиҥҥи туругунан 101,373 кг 72 гр. үүт туттарылынна. Ону сэргэ “Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыы” олохтоох бырагырааманан 201 куурусса, 23 үндүүк, 13 хаас, 13 бройлер, 21 сибиинньэ кэлэн, хаһаайыстыбаларынан түҥэтиллибитэ.

От былаана быйыл 1135 т этэ, онтон 1094 т оттонно, о.э 96 % туолла. Попов В.И. уонна Васильев А.С. КФХ-лар кыттыһан «Чокуур» СПОК сирин ылан сөргүппүттэрэ. Инньэ гынан 35 гааҕа сенаж ыспыттарын хомуйдулар. Онон кыстыкка бэлэммит.

Хочуолунай өрөмүөнэ түмүктэнэн, ититии ситимигэр 14 социальнай эбийиэк уонна 94 чааһынай ыал холбонон олороллор.

Бу сылга нэһилиэкпитигэр биэс оҕо күн сирин көрдө. Оскуолаҕа 99 оҕо үөрэнэр, онтон бастакы кылааска сэттэ оҕо киирдэ. Ону кытта оскуоланы алта оҕо бүтэрбититтэн үһэ – үрдүк үөрэххэ, үһэ орто анал үөрэххэ киирдэ.

Сайын устата уһуйаан өрөмүөннэнэн, саҥардыллан бу үөрэх дьылыгар 40 кырачаан тупсаҕай көстүүлээх дьиэҕэ көстө. Ол курдук улуус дьаһалтата үп көрөн, саҥа, хаачыстыбалаах матырыйаалынан оҥоһуллубут түннүктэри олортулар уонна тас бүрүөһүнүн эмиэ уларыттылар, сылаас матырыйаалынан үллүктээтилэр. Онон оҕолорбут уһун кыһыны тупсаҕай, сылаас дьиэҕэ атаарыахтара.

Бэс ыйыттан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан  “Фаст-строй” ХЭУо түөрт кыбартыыралаах икки мэндиэмэннээх дьиэни тута сылдьар. Үлэлэрин алтынньыга бүтэриэхтээхтэр. Ону сэргэ “Якутскэнерго” үлэһиттэрэ бөһүөлэк иһигэр Чараҥ уонна Новай түөлбэҕэ уот остуолбаларын, хаабылларын уларыта сылдьаллар, ахсынньыга бүтүөхтээх.

Бөһүөлэк иһинээҕи суолу тупсарыыга улуус дьаһалтата биллэрбит куонкуруһугар кыттаммыт, харчы көрүллэн, «Ангор» ХЭУо Школьная уулуссаҕа 400 м өрөмүөннүөхтээх. Ол хантараагын бу сыл атырдьах ыйын 26 күнүгэр түһэрсибиппит, үлэтэ алтынньы 15 күнүгэр түмүктэниэхтээх.

Михаил Текеянов

Мария САННИКОВА.