Куоракка тардыһыы улаата турар кэмигэр да нэһилиэктэргэ тиийэн, ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлии, айа-тута сылдьар ыччат букатын суох буолбатах. Ол – санааны кынаттыыр, эрэли саҕар.
Холобур, Мэҥэ Хаҥалас Моорук Суолатыгар баар оскуола-дьыссаакка кэнники кэмҥэ 6 эдэр учуутал-иитээччи тиийэн үлэлии сылдьарын, үс кыыс, кийиит буолан, олохсуйа хаалбыттарын үөрэ кэпсээбиттэрэ. Дьиктитэ, олохтоох ыччат буолбакка, атын сиртэн кэлэллэр эбит. Кулууп үлэһитэ уолаттардыын анаан кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Иккиэн интэриниэттэн бакаансыйа тахсыбытын истэн кэлбиттэр.
Павловскайтан сылдьар Семён Георгиевич Григорьев кулууп дириэктэринэн үлэлээбитэ 3 ый буолбут. Оннооҕу үлэһит оҕотун көрөр уоппускаҕа барбытын солбуйарга кэпсэтэн тиийбит. 22 саастаах диэтэххэ, бэрт оттомноох уол. Дьокуускайга култуура колледжын иллэрээ сыл бүтэрэн баран, аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит. “Социальнай-култуурунай үлэ-хамнас менеджерэ” идэлээх. Бэйэтэ быһаарбытынан, бу үөрэҕи бүтэрбит ыччаттар култуурунай-маассабай уонна тыйаатырга туруорааччы, режиссёр, сценарист, худрук, салайар үлэһит да буолуохтарын сөп.
– Эһиги куурустан тыа сиригэр хас киһи үлэлиир быһыылааххытый?
– Биһиги куурус 18 буолан бүтэрбиппит. Онтон 5-6 оҕо тыа сиригэр, бу чугас улуустарга, үлэлии сылдьаллар. Муоматтан сылдьар уолбут дойдутугар төннүбүтэ. Үксүлэрэ куоракка үлэлииллэр, атын үөрэххэ киирбит оҕолор бааллар, сорохтор букатын атын эйгэҕэ барбыттара. Идэбитинэн эппиэтинэстээх дуоһунаска сылдьааччылар билиҥҥитэ үһүөбүт. Биир уолбут – куоракка ТNТ кулууп дириэктэрэ, биирбит – “Сэргэлээх уоттара” КЦ-га – режиссёр. Атыттар худругунан, режиссёрунан үлэлииллэр.
– Ыччаты тыа сиригэр интэриэстииргэ, олохсутарга ордук туох тиийбэт, наада дии саныыгын? Тугу кыайа туттахха, үөрүүнэн үлэлии барыа этилэрий?
– Усулуобуйа. Толору хааччыллыылаах дьиэ-уот, үлэлиир тэрилтэҥ материальнай-тэхиниичэскэй хааччыллыылаах буолуута. Холобур, көмпүүтэр, принтер, тэтимнээх интэриниэт. Манна, хата, ол барыта баар. Онон үчүгэй. Мегафон уонна Билайн мобильнай сибээһэ. Инфраструктура эмиэ суолталаах. Олох таһыма куораттан итэҕэһэ суох буоллаҕына, кэлэр буоллахтара.
– Суолаҕа эһигиттэн атын кэлии исписэлиистэр өссө бааллар дуу?
– Оскуола-дьыссаакка бааллар. Сорохторо үлэлээбиттэрэ 4-5 сыл буолбут. Былырыын, холобур, муусука учуутала кэлбит. Быйыл – физика, матымаатыка учуутала уонна дьыссаат сэбиэдиссэйэ. Кинилэр эмиэ уопсай дьиэнэн хааччыллыбыттар. Биһиги олорор дьиэбит, холобур, 4 кыбартыыралаах. Онно иккилии буолан олоробут.
– Эһиги кулууп үлэһитэ буолбатаххыт буоллар, тугунан, ханна аралдьыйаҕыт, туох тэрээһиннэргэ сылдьаҕыт диэм этэ. Оттон билигин олохтоохтору, ол иһигэр ыччаты сэргэхситиэхтээх, аралдьытыахтаах – эһиги. Хааччыллыыгыт хайдаҕый, тугу тэрийэҕит?
– Успуорт саалата суох буолан, кулууппут фойетыгар тренажердары, тиэннис, билийээр остуолун туруоран, дьон онно киэһэтин кэлэн дьарыктаналлар. 4-6 буолан кэлэн, оонньоон, сэргэхсийэн бараллар. Суолаҕа ыччат син баар. Сорохторо үөрэнэр буолан, быстах кэмҥэ кэлэн, дьонноругар ыалдьыттаан, көмөлөһөн эрэ бараллар. Успуорт тутуута киириэхтээх дииллэр. Олус үчүгэй буолуо этэ.
Дьон көрдүн, кытыннын диэн, кэнсиэр тэрийэ сатыыбыт. Кырдьаҕастар эмиэ сылдьаллар. 3 түөлбэлээхпит да, билиҥҥитэ улаханнык үлэлэһэ иликпит. Тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар. Иистэнии (кыбытык тигии эҥин), сиэл оҥоһук куруһуоктара бааллар. О-ол, норуот маастара Туйаара Дмитриевна Егорова оҥорбут куукулата турар (ыйан көрдөрөр). Моорук Суолатыттан тахсыбыт артыыс, суруйааччы, суруналыыс элбэх эбит. Холобур, Степан Порядин, Саха тыйаатырын артыыстара Михаил Апросимов, Галина Тихонова уо.д.а. Саҥардыы кэлбит буолан, сороҕун саҥа билэбит.
Улахан дьоҥҥо ВИА-лаахпыт. Ыччаты кытыара сатыыбыт, аҕам саастаахтартан бааллар. Үстүрүмүөн сөбүгэр баар, аныгы соҕустар, олус эргэ буолбатахтар: бас гитара, барабаан, синтезатор. Оскуола оҕолорун соччо сырытыннара сатаабаппыт, эппиэтинэһэ үрдүк. Оттон уонна, сүрүннээн, үөрэнэллэр буоллаҕа. Чурапчыттан, кэпсэтии бэрээдэгинэн, ыйга иккитэ киинэ аҕалан көрдөрөллөр. Дьон сэргэхсийэригэр бэрт. Холобур, кэнники “Күн кыыһа Күннэй” киинэни көрдөрбүттэрэ. Өссө да саҥа кэлиэ диэн эрэнэбит.
– Дьон киинэҕэ төһө сылдьарый? Саала туолар дуу?
– Улахан аҥаара буолар. Үчүгэй. Арай улахан, анал экирээн диэн суох. Баннербытын түҥнэри эргиттибит да, экирээн бэлэм! Бэркэ көстөр (уолаттар күлсэллэр). Этэргэ дылы, барыта оттон-мастан тардыһан, оҥорон, дьаһанан олоробут. “Суола-ТВ” диэн Ютубка ханааллаахпыт. Онтубутугар сэлиэнньэҕэ буолар тэрээһиннэри устан угабыт. Нэдиэлэ аайы туох эмэ тэрээһини ыыта сатыыбыт. Ол түмүгүнэн ый аайы туох тэрээһин буолбутун дьоммутугар отчуоттуубут, кимнээх кэлбиттэрин-барбыттарын, тэрилтэлэртэн ардыгар интервью ылабыт, сюжет бэлэмниибит. Видеокамералаах буолан, бэйэбит устабыт, таҥабыт. Сурутааччыта – 200. Көрүүтэ 700–800-чэ буолар. Сүрүнэ – көрүүтэ. Атын дэриэбинэлэр эмиэ көрөллөр. Кэнсиэри эрэ буолбакка, өй-толкуй оонньууларын эмиэ ыытааччыбыт. Биктэриинэ бэлэмниибит. Мэҥэ Хаҥаласка успуорт уонна култуура эстэпиэтэтэ (ЭКИС) ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйбута ыраатта. Быйыл 66-с төгүлүн ыытыллыахтаах. Онно бэлэмнэниэхтээхпит.
– Бэҕэһээ аҕай улахан Балаһыанньа ыытан, “куттаан кэбистилэр”, олунньуга буолуохтаах, – диэн кэпсэтиигэ Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх, Суолаҕа үлэлээбитэ сыл буолан эрэр, аһаҕас-сайаҕас, кэпсээннээх худрук уол Николай Александрович Шапов кыттыһар. Кини 27 саастаах, АГИКИ-ны бүтэрбит.
Семён:
– Мин эстэпиэтэҕэ оҕо сылдьан кыттарбар судургу этэ. Артыыс, успуорт өттүнэн кыттарым: волейболга, дуобакка. Киһиргии түһэн эттэххэ (күлэр), дуобакка КМС этим. Колледжка киириэхпиттэн, 2018 сылтан тохтообутум. Оттон билигин тэрийээччи, кытыннарааччы буолан, атын хараххынан көрөр эбиккин. Долгуйуу, толкуй бөҕө.
– Оттон, Николай, бу иннинэ ханна үлэлээбиккиний?
– Өнөргө 4 сыл оскуолаҕа муусука уонна фольклор учууталынан үлэлээбитим. Күн сарсын Өнөр оскуолатын 105 сыллаах үбүлүөйүгэр бараары олоробун. Кулууп эйгэтигэр үлэлээбитим саҥардыы иккис сылым. Намынан, Бэрдьигэстээҕинэн үлэлээн кэллим.
– Үлэ ханна баар да, тыа сирэ диэн иҥнибэккэ, тиийэн иһэр эбиккин дии?
– Оннук. Намҥа биир худрук миэстэтигэр иккиэ этибит. 0.5 ыстаапка буолан, хамнаһа кыра этэ. Ол иһин салгыы үлэ көрдөнөн барбытым. Манна оҕотун көрөн олорор үлэһити солбуйабын.
– Суолаҕа демография үчүгэй быһыылаах. Иккиэн солбук үлэҕэ сылдьар эбиккит. Оттон бэйэҕит ыал буолар туһунан толкуйдуугут дуу? Бэйэҕитин сиһилии билиһиннэриҥ эрэ.
Николай:
– Билиҥҥитэ эрдэ курдук, дьиэм-уотум суох. Оттон ыал буолар, дьиҥинэн, куһаҕана суох буолуо этэ.
Семён:
– Олох көрдөрөн иһиэ. Кэрэ аҥаарым баар. Кыра эрдэхпиттэн култуура эйгэтигэр баарбын. Аҕам – култуура үлэһитэ, наар кинини кытта сылдьар этим, тохтообута биэс хас сыл буолла. Ийэм – Томтор кулуубун дириэктэрэ.
– Тыый, биир ыалтан икки кулууп дириэктэрэ! Утумнааһын диэххэ сөп эбит.
– Ийэм баар буолан, көмөлөһөн-өйөөн, бу эппиэттээх үлэҕэ киирбитим. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Ыал улаханабын.
– Эһиги хара ааныттан тыа сириттэн саҕалыырга санаммыккыт олус үчүгэй, онтон олус үөрэбин.
Семён:
– Бастаан үөрэхпин бүтэрэн баран, аармыйаҕа сылдьарым саҕана да, “олох куоракка үлэлии хаалыам, онно олохсуйуом” диирим. Кэлэн баран, толкуйданан, идэбинэн үлэлээн көрүөххэ, харчы да мунньунуохха наада диэн, үлэ көрдөнөн барбытым. Оттон билигин хайдах эрэ куораты уруккум курдук сэҥээрбэт буоллум. Биллэн турар, куоракка сылдьабын, ол эрээри тоҕо эрэ тардыспаппын. Тыас-уус, кэлии-барыы, күүгээн, сүпсүлгэн... соччото суох курдук. Дьикти баҕайы. Онно холоотоххо, дэриэбинэҕэ чуумпу, наҕыл, уу нуурал олох. Бэйэҥ бэйэҕэр сылдьаҕын. Быһата, көстөн иһиэ.
Николай:
– Бастаан кыраттан, дэриэбинэттэн саҕалаан үлэлиир, уопутурар ордук.
– Тыа сиригэр эдэр исписэлиистэри дьиэлээһин, чэпчэтиилээх Тыа сирин ипэтиэкэтэ, Уһук Илин ипэтиэкэтэ курдук бырагыраамалары туһанан, дьиэ-уот туттуохха сөбүн билэр буоллаххыт?
– Билэбит. Ол эрээри чопчу култуура үлэһиттэрин дьиэлээһин диэн суох. Наймылаһыы бэрээдэгинэн маннык эрэ олоруохха сөп курдук.
Семён:
– Кырдьыгынан эттэххэ, сибилигин дэриэбинэҕэ дьиэ туттар, букатын хаалар туһунан толкуйдуу иликпин. Үлэбит да бастайааннай буолбатах. Уоппускаттан тахсыахтарыгар диэри. Кэлин, арааһа, төһөтүн да иһин, куоракка ылар ордук буолуо.
– Уопсайынан, кэнэҕэһин тыаҕа олохсуйууга сыһыаннаан ыйыттым. Быстах кэмҥэ үлэлии сылдьан, киһи уһун кэмнээх былааны ылыммат бөҕө буоллаҕа. Таҥас-сап, мал маҕаһыына манна баар дуу?
– Аска икки чааһынай маҕаһыыннаахпыт. Кэмиттэн кэмигэр кэлэн, таҥас атыылааччылар, манна хос уларсан, атыы ыытан барааччылар. Ювелирдар да таарыйан ааһаллар. Таҥас-сап, тэрил өттүн Майаттан, Аллараа Бэстээхтэн, куораттан да ылынабыт. Ити өттүгэр кыһалҕа суох.
* * *
Биллэн турар, Суола куораттан улахан ырааҕа суох, гаастаах, үчүгэй суоллаах, исписэлиистэри олордор уопсай дьиэлээх буолан, атын чиэски уонна итинник хааччыллыыта суох нэһилиэктэри кытта тэҥниир кыаллыбат. Ол эрээри кинилэргэ да силигэ ситиэхтээх, тупсарыллыахтаах өттө баһаам. Холобур, уолаттар үлэлиир “Сынньалаҥ кииннэрэ” – эргэ мас тутуу, кыараҕас. Эбиитин “Успуорт саалата” “дьукаахтаһар”. “Наадаҕын” таһыгар тахсан быһаараҕын. Үчүгэйэ, кулууп сылаас. Сүрүнэ, уолаттарга үлэлиир баҕа, дьулуур баар. Хамнас да куһаҕана суох эбит. Онтон үөрдүбүт.
Ити курдук, сыччах биир бөһүөлэк холобуруттан да, ыччат тыа сиригэр үлэлиирин, олохсуйарын туһугар үлэ өссө күүһүрүөх тустааҕа, туохха болҕомто ууруллуохтааҕа быһа холуйан өйдөнөр диэм этэ.
Татьяна Захарова-ЛОһУУРА.