Киир

Киир

Бу күннэргэ интэриниэккэ ЛДПР Саха сиринээҕи пресс-сулууспатын “Тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөттэн үбү угуу сыл аайы улаатан иһэр да, түмүктэр мөлтөөн иһэллэр?” диэн төбөлөөх иһитиннэриитин булан аахтым. Кинилэр Амыр уобалаһыгар, Забайкалье кыраайыгар уонна Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эрэгийиэннэрин бүддьүөтүттэн угар үптэрин кээмэйин уонна төһө бородууксуйа оҥоһуллан тахсарын тэҥнээн көрбүттэр.

30 сыл т/х сарайын салгыҥҥа ыйыы сатаатыбыт

Туһааннааҕынан амырдар – 2,9, забайкальелар – 0,5, Саха сирэ 14,2 млрд солк. угаллар эбит. Көстөрүн  курдук, биһиэнэ амурдартан – 5, забайкальелартан 28 төгүл элбэх. Оттон оҥорон таһаарыылара араа-бараа кэриэтэлэр.

Ол эрээри мин бүгүн кэпсэтиигэ ыҥырар боппуруоһум атыҥҥа сытар – ЛДПР-дар түмүк мөлтөх дииллэрэ сөп дуо, кинилэр Саха сирин усулуобуйатыгар т/х туругурдарга туох эмэ ураты этиилээхтэр дуо? Кырдьык, ааспыт сүүрбэччэ сыл устата т/х төһө үп көрүллүөхтээҕэр элбэхтэ мөккүһэн кэллибит, эҥинэ бэйэлээх этиилэри иһиттэхпит. Балаһыанньаны бары да удумаҕалатар буолуохтаахпыт.

Ити т/х сайыннарыыга бэриллэр 14 млрд солк. таһынан төһө элбэх үп тыа сиригэр оскуолаларга, оҕо уһуйааннарыгар, балыыһаларга, успуорт саалаларга, суолга-иискэ, гаас тардыытыгар, о.д.а. эбийиэктэргэ кутуллубутун айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Ол үрдүнэн сыл аайы оскуолаҕа, уһуйааҥҥа  оҕо, балыыһаҕа быраас тиийбэт кыһалҕатын истэбит. Кэтэх, бааһынай, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга сүөһү аҕыйаан иһэрин билэбит. Ыччаты т/х угуйан араас граны, ”стартабы” тэрийэ сатыыбыт.

Ааспыт сыллар устата үгүс элбэх учуонайдарбыт, институттарбыт, саатар, биир эмэ нэһилиэк, биир эмэ улуус экэнэмиичэскэй балаһыанньаларын чинчийэн, бу чопчу улуус, нэһилиэк харчы киллэринэр, дьон тохтоон оҕо элбиир, өрө көтөҕөр көдьүүстээх экэнэмиичэскэй мэхэньиисимнэрин олоххо киллэрбэтилэр. Киһи ааҕарыгар бутуллубат дьоҕус, элбэҕэ суох  нэһилиэнньэлээх буолларбыт да, дьэ, угар үппүт тоҕо сөптөөх көдьүүһү биэрбэтий? Мин санаабар, сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн тыа сирин экэниэмикэтин барытын “ырыынак сааһылыаҕа” диэн сыыһа, буортулаах тосхолу тутуһаммыт, тыа сирин экэниэмикэтин таҥнары тутуллаан кэбиспиппит.  Тэҥнэбилгэ, ыраахтан саҕалаатахха, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар турар “күҥҥэ өргөстөммүт”, тиити силиһиттэн таҥнары ууран кырыыһы ыҥырар диэн кириитикэлиир пааматынньыктарын курдук. Атыннык быһаардахха,  дьиэни акылааттаан, истиэнэтин таһааран буолбакка, салгыҥҥа сарайа (крышата) ыйаныа диэбит курдук, т/х тута сайыннара сатыыбыт.

Ол эбэтэр тыа сиригэр, бастатан туран, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьону интэриэһиргэтэр угуйуу, элбэтии, кыаҕырдыы акылаата бастаан ууруллуохтаах этэ. Нэһилиэккэ, улууска т/х, атын да оҥорон таһаарар салаалар производстволарыгар үлэлээн айахтарын ииттэр дьон төһө элбэхтэрин көрөн, үөрэх, култуура, успуорт уо.д.а. атын эйгэ эбийиэхтэрин оҥорон, олорго сөптөөх үлэһиттэри олохтооһун көрүллүөхтээх этэ. Сопхуостар курдук, тоҕо диэтэххэ, экэниэмикэ хайа да тутулга үөскүүр төрдө биир бириинсиптээх.

Бэлисипиэти айа сатаамыахха

Сэбиэскэй экэниэмикэни тэрийээччилэр акаары буолбатахтара. Сопхуостар хайдах тэриллибиттэрэй? Бастатан туран, ССРС бырабыыталыстыбатын   дьаһалынан үлэлэрин сүрүн хайысхатынан көрөн (сүөһү иитиитэ, таба иитиитэ, о.д.а.) уонна сирдэрин иэнинэн көрөн, туһааннаах сиргэ төһө кэмэйдээх сопхуостар баар буолуохтарын сөбүн быһаарбыттара, разряд иҥэрбиттэрэ. Холобур, сүөһү иитиитигэр ыанньык ынах ахсаанынан көрөн аҕыс разряд олохтоммута: 1-кы – 200; 2-кэ – 400; 3-кэ – 600; 4-кэ–800; 5-кэ – 1000; 6-ка – 1200 ынах баар буолуохтааҕа.  Райком дьаһалынан нэһилиэк эбэтэр хас да нэһилиэк сиригэр-уотугар сөп түбэһиннэрэн, тэриллэр сопхуоска разряд иҥэрэр туһунан уобаласка, өрөспүүбүлүкэҕэ ССРС бырабыыталыстыбатыгар хадатаайыстыба түһэрэ, регистрацияланара, туһааннаах сибидиэтэлистибэ бэриллэрэ.

Мантан ыла бу тэриллибит хаһаайыстыба разрядыгар сөп түбэһэр производство, үбүлээһин нуормата, былаан тиэрдиллэрэ уонна сыл аайы тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан түспүт былаан уонна толоруу кээмэйэ хайдаҕын тэҥниир бэрэбиэркэ, хонтуруол ыытыллара. Наада буоллаҕына, араас миэрэ ылыллара. Хомойуох иһин, бүгүн, сопхуос маннык акылаатынан тэриллибитин билэр киһи, учуонай ахсааннаах. Кэпсэтии буолла да, “ээ, ол сопхуос диэн хаалбыт үйэ, ол туһунан тугу ырыттыҥ, кэпсиигин, билигин –ырыынак” дииллэр.

Өссө дириҥээн киирдэххэ, сайдыылаах диир судаарыстыбаларбыт бары бу ньыманы Сэбиэскэй Сойуустан сүһэн ылан баран, ырыынак экэниэмикэтигэр барыһы аҕалар гына эргитэн сөп түбэһиннэрбиттэрэ. Оттон Сойуус ити исхиэмэ барыстанан, бэйэтин бэйэтэ ииттэр таһымыгар таһаарары кыайбакка эстибитэ. Итиннэ оччотооҕу чааһынай бас билиини төрдүттэн утарбыт хомуньуустар идеологиялара мэһэйдээбит буолуон сөп.

Чэ, онон онно-манна туораан хаалбакка, элбэхтэ араас таһымҥа этэн, суруйан да көрдөрбүн, хаһыатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ, былаас структураларыгар маннык быһаччы этиилээхпин. Этэргэ дылы, “бэлисипиэти саҥаттан айа сатаамыахха”. Тыа хаһаайыстыбатын тэрийэргэ ити разряд систиэмэтин кылгатан, ким баҕарар өйдүүр гына быһаарыым. Кэтээн көрбүппүнэн, өйдүүр киһи өйдүүр. Быһаччы производствоҕа үлэлии сылдьар сүөһү көрөөччү, сылгыһыт түргэнник өйдөөччү. Кинилэр “т/х үрдүкү салайааччылара, дьокутааттар, хайдах ити систиэмэҕин өйдөөбөттөрүй?” диэн бэйэбиттэн төттөрү ыйытааччылар. Киһи сонньуйуох, оннук эмиэ буолааччы.

Разряд систиэмэтэ – т/х кириэппэһэ

Бастатан туран, т/х дьарыктанар, үүт туттарар кыахтаах (судаарыстыба ирдэбилин тутуһан) хаһаайыстыбалар разрядтарын быһаарыаххайыҥ. Сирбит-уоппут тустаах сиргэ олохтоох дьиэ кэргэннэринэн түҥэтиллибитин өйбүтүгэр илдьэ сылдьабыт. Ол аата, сүрүннээн,  дьиэ кэргэн холугар сөптөөх хаһаайыстыбаны элбэтэр кыах баарын өйдүүбүт, онно тирэҕириэхтээхпит. Сөптөөх сирэ суох сылдьан 25 ынахтаах хаһаайыстыбаны тэринэ сатыыр киһини авантюрист курдук санаан кэбиһэбит эбэтэр “чахчы, кистэлэҥ кыахтаах буоллаҕа” диэн буолар. Улахан хаһаайыстыбалары эмиэ разрядтыыбыт. Хайдах эрэ тэриллэн хаалбыттарын хайдах гыныахпытый? Ол гынан баран табылыыссаҕа киллэрбэтим. Онон бородууксуйа оҥорон судаарыстыбаттан субсидияны ылар хаһаайыстыбалар разрядтарын систиэмэтэ маннык тахсар (холобур курдук):

Орто, улахан хаһаайыстыбалар: 5-с разряд -25; 6-с - 50; 7-с - 75; 8-с – 100; 9-с – 150; 10-с 200 ынахтаах буолуохтаахтар.

Бу систиэмэбин кэпсээтэхпинэ, “кыах” дэммит, куолу быһа сиэбит дьоно “пахай даҕаны, 8 эрэ ынахха разряд биэрэҕин дуо” диэччилэр. Онуоха бэйэлэриттэн олуйан “бээрэ, оттон эн хас ынахтааххыный, олору аһатар, үүт-эт ылар төһө сирдээххиний” диэтэххэ, санныларын эрэ ыгдах гынан баран, килэччи көрөн турааччылар. Билбэт, т/х тэйиччи киһи 8 ынах диэн сэниир. Оттон аҕыс ыанар ынахтаах хаһаайыстыбаҕа ньирэйиттэн улаатар ыччат сүөһүгэ диэри сүүрбэччэ төбө баар. Ол аата, кырата 20-40 гаа оттуур сирдээх буолуохтаах. Ол сирин оҥостон, сыл аайы сүөһүтүн кыстыгы туоратар итиччэ оту оттуохтаах. Эдэр дьон туһунан эттэххэ, бэҕэһээ үөрэҕин бүтэрбит ыччат итиччэ да сүөһүнү, сири дьонуттан эҥин  “тардыһан” булунуон сөп. Оттон кыанар өттө арыый үрдүк разряды талыахтара эбэтэр кэҥээтэхтэрин аайы сыыйа биир-биир разрядынан дабайан иһиэхтэрэ.

Ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, билигин кэтэхтэр ортотунан 6-7 ынахтаахтар. Кинилэр бэйэ дьарыктаах (самозанятай) буолан,  биир-икки ынаҕы эбэн разрядка хапсыһар кыахтаахтар. “Туохха разрядтыы сатаатыҥ, туох туһалааҕый, барыстааҕый?” – диэн ыйытыы хайаан да киирээччи. Разряд систиэмэтигэр киирдэххэ, судаарыстыба  үлэлиириҥ тухары бородууксуйаҕын туох да мөккүөрэ суох мэктиэлэммит (гарантияламмыт) сыанаҕа тутар, кэмигэр ый аайы аахсан, хаһаайыстыбаҕар харчыгын түһэрэр систиэмэни олохтуур. Туттарыахтаах былааҥҥыттан аһара эрэ ыыр үүккэр эбии дуогабар оҥостоҕун. Эбэтэр ордоргун бэйэҥ атыылыыгын, сиигин. Өссө эккин эмиэ тустаах сыананан туттарар, соҕотуопсук мунньаҕар куоластыыр бырааптанаҕын.

Бу систиэмэ сайдан истэҕин аайы, манна киирбиттэр социальнай өттүнэн харысхаллаах буолуулара (бүлүтүөн, уоппуска, айан төлөбүрдэрэ, санаторийга сынньаныы путевка, о.д.а.), анал орто үонна үрдүк үөрэхтэргэ хаһаайыстыбалаах бэйэтэ, эбэтэр оҕолоро босхо үөрэниилэрэ, олорор усулуобүйаларын тупсарар бырагыраамаларга киирсэргэ чэпчэтиилээх бүолуулара, кыра бырыһыаннаах баан кирэдьиитин систиэмэтигэр  киирэр кыахтаах буолуулара, о.д.а. атын туһалаах өрүттэр барыта бу разряд систиэмэтигэр баайыллан, элбээн, сайдан иһиэхтэрэ. Оччоҕо, чахчы, т/х дьарыктанар дьон престижтээх, чахчы, норуоту аһатар махталлаах үлэлээх дьон диэн ытыктанар, атыттар киирэ сатыыр үлэлэригэр кубулуйуо этэ. Атыннык эттэххэ, бүддьүөттэн көрүллүбүт 14 – 20 млрд солк. үп бу систиэмэни эрэ хааччыйыыга, киниэхэ киирсэр дьон, төрүт олохтоохтор үлэлиир-олорор усулуобуйаларын тупсарыыга туһаныллар буолуохтаах.

Билиҥҥи курдук, ити уопсай үптэн  ойо тутан ылан ханнык эрэ хаһаайыстыбаҕа комплекс тутуу, тиэхиньикэ атыылаһан биэрии, “финансовое оздоровление” оҥоруу диэн үбү кумахха кутуу суох бүолар. Барыта уопсай разрядынан көрүллүбүт, хонтуруолланар тэҥ балаһыанньаҕа олоҕурар, ким да чорбоччу тутуллубат, кимиэхэ эрэ ордук бэриллибэт.

Ыһыллыы өйө тохтотуллуохтаах

Тыа сиригэр баар норуот хаһаайыстыбатын атын салааларыгар эмиэ маннык бириинсип олохтонор. Бу курдук тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, учууталлар, быраастар уо.д.а. салаатын үлэһиттэрин курдук, чопчулаан эттэххэ, сахалар, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохтор – төрүт үгэстэри, тылы-өһү, култуураны илдьэ сылдьааччылар быһыытынан, бигэ туруктаах, ханнык да салайааччы кэлбититтэн тутулуга суох туруктаах, байылыат олоҕу мэктиэлиир, үлэлиир систиэмэҕэ киирэллэр. Ол аата, нэһилиэктэр баар буолар уонна сайдар кэскиллэрин түстүүллэр.

Мин билгэлиирбинэн, тыа хаһаайыстыбата маннык, атын дойдулар туһанан сайдыбыт систиэмэлэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киирбэтэҕинэ, дьон киин сиргэ көһүүлэрэ тохтуо суоҕа, өссө маассабай буолуо.

Саатар, билиҥҥи кэмҥэ, т/х арыый туруктаах эрдэҕинэ, көннөрүнэн, разряд систиэмэтин өйдөөн киллэрэн, баар ыччаттарбыт тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар маассабайдык сысталларын хааччыйар балаһыанньаны үөскэппэтэхпитинэ, омук быһыытынан элбэҕи мүччү тутар туруктаахпыт. Сопхуостар эстиэхтэриттэн отучча сылы быһа биир үүт сыанатын тула ылахтаһан, кураанаҕы куолулаһан кэллибит.

Сөбүлэһэбин, сөптөөх сыана омугу бары өттүнэн сайыннарар таһымнаах буолуохтаах, мөккүөр суох!  Дьыала ону мэктиэлиир кыахтаах, өйдөнөр быраабылалардаах, дьон ылынар систиэмэтэ баар буолуутугар сытар (сокуоннар, нормативтар, ыстандаартар, о.д.а.). Дьэ, бу тыабыт сирин сарсыҥҥытын мэктиэлиир систиэмэ олоххо киириитэ быйылгы хас да таһымнаах былаас уорганнарын талыыга ыытыллар быыбардартан улахан  тутулуктаах. Оннунан хаалар түгэнигэр, 30-сыллааҕыта саҕаламмыт ыһыллыы тохтотуллан, сааһыланан, оннун булларбатахха, туох да билбэт, ЛДПР өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн т/х көдьүүһэ суох элбэх үп кумахха кутулалр диэн туруорустаҕына, бастаан т/х бэриллэр үп кээмэйэ аттынааҕы эрэгийиэннэрбит саҕа буола кыччатыллыан сөп. Оччоҕо билигин кураанахха “үүт харчытын үрдэтиҥ” диэн кыһыл тыл куолутун төрдүттэн суох оҥорорун таһынан тыа сирин сайдыытыгар “кириэс туруоруон” сөп буолбатах дуо?

Хаһаайыстыба
эрэсэрээтэ
Ынах ахсаана
1 ынахтан туттарыллар
үүт нуормата, кг.
Сыллааҕы туттарар
үүтүн былаана,  тн.
1 кг. үүккэ субсидия
кээмэйэ, солк.

1-кы эрэсэр.

8

1000

8.0

80.00

2-с  эрэсэр.

12

1000

12.0

80.00

3-с  эрэсэр.

16

1000

16.0

80.00

4-с  эрэсэр.

20

1000

20.0

80.00

 

Василий Ершов.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар