Киир

Киир

Тыа сирин оскуолатыгар учуутал тиийбэтэ быһаччы норуот инникитигэр, үөрэҕэр-сайдыытыгар охсуулааҕын бары да өйдүүбүт. Ону тэҥэ – тыа сирин тыыннаах хаалар кэскилигэр. “Кыым” 35 №-гэр ол туһунан ыйытыкка кыттыбыт дьон "бу кыһалҕа үөскээбитэ ыраатта" диэбиттэрэ, төрүөтүн ыйбыттара. Оттон Хаҥалас улууһугар үөрэх эйгэтин өр сылларга салайбыт Елизавета Мартынова тыа оскуолатыгар туох ньыманы туттан, учуутал тиийбэт кыһалҕатын быһаарыахха сөбүн, хаачыстыбалаах билиини биэриэххэ сөбүн туһунан санаатын үллэстэр.

Елизавета Анатольевна, кырдьык, тыа сирин оскуолатыгар билии хаачыстыбатын туһунан бэрдэ суох кэпсэтиилэр өрүү да бааллар. Ол биир сүрүн төрүөтэ биллэр – учуутал тиийбэтэ. Ол да иһин төрөппүттэр оҕолорун батыһан, киин сиргэ көһө тураллар. Эйигин ол кыһалҕаны быһаара сатаабыт салайааччы быһыытынан билэбин. Онон санааҕын ааҕааччыларга тиэрдэриҥ буоллар.

– Ыраах сытар тыа сиригэр, аччыгый кэмпилиэктээх оскуолаҕа учуутал  мэлдьи да тиийбэт, онон бу – уруккуттан баар кыһалҕа. Ол эрээри бу билигин муҥутуур чыпчаалыгар тиийэн турар диэххэ сөп. Мантан салгыы бардаҕына, тугу да гыммакка олордохпутуна, хомойуох иһин, тугу тутан хаалыахпыт биллибэт... Ол баар – куттала. Биһиги өссө СӨ Үөрэҕин министиэристибэтигэр “сетевой оскуолалар бииргэ үлэлэһиилэрэ” диэн бырайыагы киллэрэ сатаабыппыт. Ол эрээри оччолорго онно ким даҕаны наадыйбатаҕа. Оттон, дьиҥинэн, бу кыһалҕаны уталыппакка быһаара сатыыр наада этэ. Билигин быһаарбатахпытына, кэлин хойутуохпут дии саныыбын.

– Ол ылыммыт хардыыларгыт туһунан кэпсээ, туох ньымалар этэй?

– Бастакытынан, “сетевой” оскуолалар ситимнэрин тэрийэр наада диэбиппит. Ол аата, биир оскуолаҕа хас даҕаны кыра оскуола сыһыарыллар, ол эбэтэр хас да оскуола бэйэ-бэйэтин кытта биир ситимнээх үлэлиир. Биһиги оччолорго биир оскуолаҕа физика учуутала тиийбэт, оттон атыҥҥа оннук учуутал баар түбэлтэтигэр, оскуолаларга оҕо аҕыйах буоллаҕына, онно уруогу биир кэмҥэ холбоон ыытар этибит. Учуутал бэйэтин кылааһыгар уруогун ыытара уонна ону тэҥэ атын оскуолаҕа, атын кылааска ону видеонан биэрэрэ, интерактивнай дуосканан тиэрдэрэ. Ити түмүгэ олус үчүгэй буолбута, улахан көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ.

Оччолорго, хамсык саҕалана илигинэ, онлайн-үөрэтии саҥа туттуллан эрэр ньыма этэ. Онон оҕолор наһаа интэриэһиргээн, тартаран үөрэнэллэрэ. Ханнык эрэ күннэргэ учуутал ол “атын” кыра оскуолаҕа баран, үөрэнээччилэрин кытта сирэй көрсөн, билиилэрин таһымын бэрэбиэркэлиирэ, быһаарара, дьарыктыыра. Каникул кэмигэр оҕолор ол оскуолаҕа эбэтэр бу оскуолаҕа кэлэн, дьарыктаныахтарын сөбө. Учуутал тиийбэтин биһиги оннук быһаарарбыт.

– Итинник ньыманы киллэрэргэ сүрүн кыһалҕа туох этэй? Тэрээһинэ дуу, хамнаһа дуу? Эбэтэр  өйдөөбөт буолуу мэһэйдиирэ дуу?

– Итинник ньыманы туттарга мэлдьи даҕаны оскуола учууталын хамнаһын хайдах быһаарарга ыйытыы баар буолар. Аччыгый кэмпилиэктээх оскуолаҕа оҕото аҕыйах – 3-4, 5-6  эрэ. Онуоха, баҕар, ол кыра кэмпилиэктээх оскуола учууталын хамнаһыгар ханнык эрэ “норматив” киирбитэ буоллар, оччотугар учуутал итинник “сетевой” үөрэтиигэ ордук интэриэстээх буолуо этэ. Биһиги кыһалҕаны быһаараары, “атын” оскуола кылааһын үөрэтии иһин хамнаһыгар “0,5” кээписиэни эбии туруорарбыт. Оннук гынан учуутал бэйэтин оскуолатыгар хамнаһын ылара уонна “атын” сетевой оскуолаттан “0,5” хамнаһы аахсара. Химияҕа эҥин учуутал суох буолан, эмиэ итинник ньыманы туттан үөрэтэрбит, ол түмүгэ эмиэ үчүгэй этэ. Оннук үөрэммит оҕолор ОГЭ эксээмэннэрин “туйгун” сыанаҕа туттарбыттара.

– Дьиҥэ, олоххо киирэн туттуллуон сөптөөх ньымалар эбит дии?

– Оннук. Иккис барыйаан эмиэ баара. Ол, судургутук быһаардахха, “баахта учуутала” диэн. Биһиги ону өссө ”баахта” учуутала диэбэккэ, “сетевой учуутал” диирбит. "Фундаментальнай биридимиэттэри: матымаатыканы, физиканы, нуучча тылын, литэрэтиирэни – исписэлиис-учуутал эрэ үөрэтиэхтээх" диэн санааттан итини киллэрбиппит. Оҕоҕо чиҥ билиини исписэлиис эрэ биэрэр кыахтаах буоллаҕа. Оттон оннук учуутал кыра нэһилиэктэр оскуолаларыгар мэлдьи суох, тиийбэт. Ол иһин бу исписэлиис-учуутал кыра нэһилиэктэргэ “баахтаҕа” курдук тиийэн, үлэлиэхтээх диэн этэ. Холобур, биир кыра нэһилиэк оскуолатыгар  биир ый үөрэтиэхтээх кууруһу биир нэдиэлэ сылдьан биэрэр. Оннук, иккис нэһилиэккэ кэлэр, онтон үһүс дэриэбинэҕэ. Оннук сылдьан, түөрт оскуола оҕотун үөрэтэр. Биир нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бааллыбатах, дьиэ кэргэнэ суох учууталларга оннук үлэлиир олус интэриэһинэй этэ. Сиинэҕэ уонна Кытыл Дьурааҕа итини туһанан испиппит. Бу эмиэ биир барыйаан этэ да, хамсык туран, олоххо киллэрбэккэ хаалбыппыт.

– Аны оптимизация боппуруоһа тура сылдьыбытыгар филиалларга кубулутуу тура сылдьыбыта дии.

– Оннук, итинник барыйаан эмиэ баар: кэккэлэһэ турар оскуолалары филиал гыныы. Холобур, икки оскуола олоҕор-дьаһаҕар биир дириэктэр төбөтө ыалдьар буолар. Оскуоланы сабан баран, оҕолору ханна эрэ  таскайдыырдааҕар үлэни оннук тэрийэр ордук, учууталлар даҕаны үлэлиэ этилэр. Кыра кэмпилиэктээх оскуолаларга оҕото олох аҕыйах эрээри, хамнас добуочча буолар. Сорох оскуолаҕа 9,10,11-с кылаастарга 1-2 эрэ оҕо баар. Оттон үбүлээһинэ толору кэлэ турар. Оскуола дириэктэрдэрэ, үбүлээһин кэлэ турар буолан, оҕону тута сатаабаттар. Барар оҕо бара турар. Биллэн турар, төрөппүттэр оҕолорун гимназияларга, лиссиэйдэргэ, интэринээттээх оскуолаҕа биэрэри ордоруохтара эбэтэр аймахтарыгар олордон дуу, кыбартыыра атыылаһан олордон дуу үөрэттэриэхтэрэ. Оҕолорун сырсан, төрөппүттэр тыа сириттэн барыахтара. Тыа оскуолаларын ылан көрүҥ: биир үксүн төрөппүттэрэ кыайан көспөт, ханна да ыытан үөрэттэрбэт үөрэнээччилэрэ хаалаллар. Оттон дириэктэрдэр, саатар, 1 оҕо хааларын, дьэ ону маныыллар. Тоҕо диэтэххэ, эппитим курдук, оҕо  ахсааныттан тутулуга суох, биир кылаас үбүлээһинэ кэлэ турар буоллаҕа...

– Ону олус утарбыттарын өйдүүбүн.

– 17 оҕолоох оскуолаҕа дириэктэр, АУП тутарга, дьиэтин-уотун хааччыйарга, кылаас салайыытын иһин төлөбүр – 1 оҕо буоллун, 30 оҕо буоллун –  федераллартан биир суума кэлэр. Онон кыра оскуоланы филиал курдук, атын оскуолаҕа холбуур сөп эрээри, ону, биллэн турар, дириэктэрдэр утарыахтара. Дьиҥэ, кыра оскуола дириэктэрин дуу, саабыһын дуу филиал сэбиэдиссэйинэн оҥоруохха сөп. Онтон босхоломмут үбү-харчыны сайдыы атын хайысхатыгар ыытар сөп, холобур, сол “баахта” учууталын хамнаһын төлүүргэ.

– Хайдах эрэ судургу, олоххо киириэн сөптөөх ньымалар курдук эбит...

– Оннук. Биһиги итини олоххо киллэрэн, туһанан испиппит. Дьэ, билигин итинник дьаһана охсубатахпытына, тыа оскуолата сабыллар, барыта оннукка бара турар. Төрөппүт син биир оҕотугар үчүгэй үөрэҕи биэрэр сиргэ талаһар.

Москубаҕа да, Уралга да интэриниэтинэн үөрэнэллэр ээ, онтон ким даҕаны эрэйдэммэт. Биллэн турар, учууталы кытта “тыыннаах” алтыһыыны ханнык да интэриниэт солбуйар кыаҕа суох. Онон биһиги “сетевой” учуутал бачча-бачча чааһы “дистанционнайдык”, ол эбэтэр ыраахтан олорон үөрэтэр, оттон бачча-бачча чааһы оҕолордуун алтыһар диэн быһаарыахпытын наада. Биһиги “учуутал үөрэнээччитин кытта булгуччу сирэй көрсүөхтээх, алтыһыахтаах” диэн этэрбит, ону ирдиирбит даҕаны наада. Ама, учуутал кылааска биэс оҕо олорорун, онтон онлайн 3 оҕону  кыайан үөрэппэт, кэпсэппэт үһү дуо?

– Бу мэтиэдьикэни Саха сирин улуустарыгар төһө туһаналларый?

– Бу биһиги саҥа айбыт дуу, олоххо киллэрбит дуу мэтиэдьикэбит буолбатах. Аан дойдуга, Арассыыйаҕа да урут туһаныллыбыт, билигин да туһанылла сылдьар ньымалар. Ол эрээри, биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһиннэрэн, ону туһаныахха наада. Оттон, эппитим курдук, “сетевой” эбэтэр “баахта учуутала” булгуччу баар буолуохтаах. Оҕо хайа да оскуолаҕа үөрэннин, киниэхэ фундаментальнай биридимиэттэри исписэлиис учууталлар үөрэтиэхтээхтэр. Баҕар, атын биридимиэттэри араастаан үөрэтиэххэ сөп эрээри, матымаатыканы, физиканы, химияны, устуоруйаны, омук тылын булгуччу исписэлиис үөрэтиэхтээх – оччоҕо эрэ хаачыстыбалаах билии баар буолуо. Оттон учуутал тиийбэт усулуобуйатыгар, тыа сирин оскуолатын тыыннаах хаалларарга – бу олус сөптөөх, көдьүүстээх ньымалар буолаллара саарбахтаммат.

Саҥаҕа сахсараҥнаһан баран...

Арааһа, өйдүүргүт буолуо: үөрэхтээһиҥҥэ “саҥа кэм” араас “реформаларын” уруйдуу-айхаллыы көрсөөччү үөрэхтээһин систиэмэтин үрдүкү чунуобунньуктара үөһэттэн кэлэр бирикээстэри тута “чиэс биэрэн”, толорорго, олоххо киллэрэргэ дьулуспуттарын, онон өрөспүүбүлүкэ эспэримиэн ыытарга оччолорго Арассыыйаҕа даҕаны “инникилээн” иһэр былаһааккаҕа кубулуйбутун.

Сырыы аайы ол туһунан түөскэ охсунуу буолара, эспэримиэннэр үтүө түмүктэрин туһунан дакылааттаан чоргуйаллара. Ону утара, тугу эрэ дакаастыы сатаабыт үөрэх үлэһиттэрин истибэттэрэ, кырыы харахтарынан көрөллөрө. Учууталлар санаалара сыыйа аахсыллыбат да буолбута.

Дьэ, билигин аны, төттөрүтүн, ол “реформалар” кириитикэлэнэр, саҥарыллар кэмнэрэ кэллэ. Онуоха туох “имнэммитин” өйдөөтөрбүт даҕаны, чахчыта баара, ол “реформалартан” туһа тахсыбатаҕын, төттөрүтүн, үөрэхтээһин систиэмэтэ алдьаммытын туһунан Арассыыйа чулуу өйдөөхтөрө бары да этэллэр. Оттон ол уларытыылары олоххо киллэрэргэ инники күөҥҥэ сылдьыбыт дьон туох санаалаахтара эбитэ буолла? Оччолорго үөрэхтээһин ол “саҥа түөрүйэтин” олоххо киллэрээччи сырдык өйдөөхтөр, чунуобунньуктар номнуо билим дуоктарын истиэпэнин оҥостон, ол-бу ааты-суолу ылан баран, билигин саҥата-иҥэтэ суох, үрдүк биэнсийэлэригэр, тос курдук дуоһунастарыгар дьылыйан-кирийэн олороллор. “Бачча сыл ыстаастаахпыт, оччо сыл ыстаастаахпыт” эрэ диэхтииллэр... Итинник ээ. Норуот инники кэскилэ тутулуктаах эйгэтигэр истигэн, толоругас, бэйэ өйө-санаата суох дьону аныыр онтон атыҥҥа тиэрдибэт. 

“Тыа сирин оскуолатыгар оҕо аҕыйаата, учуутал тиийбэт” диэн киһи барыта этэр да, ону тиһиктээхтик быһаарарга ким эмэ кыһаллыбыта, ылсыбыта көстүбэт. Итинник ыйытыыны туруордахха, тоҕо эрэ “эдэр учууталларга оннук чэпчэтии көрүллэр, маннык чэпчэтии көрүллэр, ону бэйэлэрэ кэлбэттэр” диэн аахпытынан бараллар. Эдэрдэри бэйэлэрин буруйдууллар. “Маннык бырагыраама үлэлиир, оннук бырагыраама үлэлиир” диэн буолар. Ол аата, ситэ-хото туһаныллыбат, үчүгэйдик үлэлээбэт эбэтэр матырыйаалынай төрүөттэн эрэ тутулуга суох буоллаҕа. Ону кытта хайыахпытый – урукку сэбиэскэй тутулга номнуо олорбот буолбуппут 30 сыл буолла ээ, билиҥҥи эдэрдэр атыттар.

Онон Сахабыт сирин биир уратытын, тыа сирин кыра оскуолатын буола турар хахсаат кэм уларыйыыларыттан көмүскүүр кыах да, дьулуур да көстүбэт. CӨ Үөрэх министиэристибэтэ, ИРОиИПКРО тоҕо эрэ маны олоххо киллэрбэккэ кэллилэр. “Тыа сирин оскуолатыгар оҕо аҕыйаата, учуутал тиийбэт” диэн киһи барыта көрө сылдьар да, ону тиһиктээхтик быһаарарга ким эмэ кыһаллыбыта, ылсыбыта көстүбэт. Ким эмэ онно эппиэттиир баар дуо?

Бэлэмнээтэ Нина ГЕРАСИМОВА,

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар